Cүрүн түһүмэх иннинээҕи эксээмэн көстө

Ааптар: 
19.03.2020
Бөлөххө киир:

Бүтүн Арассыыйа үрдүнэн сарсыҥҥыттан, кулун тутар 20 күнүттэн муус устар 13 күнүгэр диэри биир кэлим эксээмэн сүрүн түһүмэҕин иннинээҕи (досрочный) эксээмэн барыахтааҕа. Ол эрээри, билиҥҥи балаһыанньанан сибээстээн, эксээмэн көстө диэн СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтэ биллэрэр.

edersaas.ru

Санатан эттэххэ, биир кэлим эксээмэн үс түһүмэҕинэн барара. Ол курдук, сүрүн түһүмэх иннинээҕи, сүрүн уонна эбии түһүмэхтэр диэҥҥэ арахсан ыытыллар. Сүрүн түһүмэх иннинээҕи быйыл кулун тутар 20 – муус устар 13 күннэригэр барыахтааҕа эрээри, коронавируһунан сибээстээн, сүрүн түһүмэххэ (ыам ыйын 25 – бэс ыйын 29 күннэригэр) көстө диэн иһитиннэрэллэр. Сүрүн түһүмэх иннинээҕигэ, аны сайын убаастанар төрүөтүнэн эксээмэни кыайан туттарбат оҕолор, урукку сылларга оскуоланы бүтэрбиттэр туттараллара.

Людмила ПОПОВА, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0