Нам улууһун оҕуруотчута Евдокия Гаврильева-Сибэкки Дуунньа былырыын, 2021 сыллаахха балаҕан ыйыгар «Дьоҕус уонна орто урбаан итиэннэ биирдэм урбаан көҕүлээһинин сайыннарыы» национальнай бырайыак иитинэн, «Агростартап» гранын ылан, быйыл сайын кыһыннары-сайыннары эргиччи үлэлиир 224 кв миэтэрэ иэннээх тэпилииссэни туттаран үлэҕэ киллэрэр былааннаах. Бу туһунан кини ааспыт нэдиэлэҕэ “Саха сирэ” хаһыат уонна edersaas.ru саайт көҕүлээһиннэринэн ыытыллыбыт маастар-кылаас кэмигэр кэпсээтэ.
Төрдүс сылыгар аһын биэрбитэ
— Винограды үүннэрбитим быйыл тохсус сылыгар барда. 2013 сыллаахха дьүөгэлэрбэр Москваттан виноград үнүгэһин сакаастаан аҕалтарбытым. Онтум эрдэ ситэр суорт буолбатах буолан, төрдүс сылыгар биирдэ ас биэрбитэ. Виноградым биир саамай улахан дьөрбөтө балтараа киилэ ыйааһыннааҕа. Билигин дьэ эрдэ ситэр суорду буламмын, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар кэпсии, тарҕата сылдьабын. Биһиэхэ, Саха сиригэр, атыыга сиикэй, ситэ илик винограды аҕалан атыылыылларын таһынан, буортуйбатын диэн өссө араас уоҕурдууну эбэллэр. Оттон бэйэ үүннэрбит винограда мип-минньигэс, амтанныын атын буолар. Винограды сүүстэн тахса сыл үүнэр дииллэр. Онон уһун үйэлээх. Соҕуруу виноград таһырдьа үүнэр эбит буоллаҕына, биһиги тэпилииссэҕэ олордобут. Бу аҕыйах сылтан бэттэх, батсаапка Ленскэй оройуонугар сылаас сайыннаах соҕуруу дойду саадыттан итэҕэһэ суох винограды таһырдьа үүннэриинэн утумнаахтык дьарыктанар Серкиннэр туһунан иһитиннэрии үгүстүк тарҕанар буолла. Өрөспүүбүлүкэ соҕуруу өттө буолан, кинилэргэ килиимэттэрэ арыый сымнаһыар, – диэн Евдокия Степановна винограды уонна роза сибэккини Саха сирин тыйыс усулуобуйатыгар үүннэрии кистэлэҥнэригэр анаммыт маастар-кылааһын саҕалаата.
Буортан тутулуктаах
Саҥа саҕалааччы оҕуруотчуттарга маннык диэн сүбэлиэм этэ. Саамай кылаабынайа, буор састааба үчүгэй буолуохтаах. Виноградкыт, оҕурсугут, помидоргут да өлгөмнүк үүнүөҕэ. Биһиэхэ, холобур, Намҥа үчүгэй хара буор олох мэлийдэ. Барыта сиппэтэх ноһуом (перегной) эрэ хаалла. Онон бэйэҕит хаачыстыбалаах буору оҥоро үөрэниэхтээххит. Калифорнийскай чиэрбэ диэн буору оҥорууга олус үчүгэй көмөлөһөөччү баар. Ону ииппитим быйыл 26-с сылыгар барда, чиэрбэлэрбин харыстаан, элбэтэн илдьэ сылдьабын. Буору үчүгэйдик көпсөтөллэр. Калифорнийскай чиэрбэ ардах чиэрбэтинээҕэр быдан көдьүүстээх.
Маҕаһыыҥҥа атыыланар кэлии буор хаачыстыбата олох мөлтөөтө. Биирдэ эмит атыылаһан көрдөххө, барыта бөх-сыыс буолар. Киһи да саарбахтыыр састаабыттан, тугу-тугу булкуйан оҥорон атыылыыллара биллибэт.
Оҕуруот аһын, сибэккини үүннэрэргэ тыаҕа тахсан, солооһуннарга дөлүһүөн үүммүт сириттэн буору аҕалан туһаныҥ. Мин ойуурга таҕыстахпына наар кууллаах сылдьан, буору хомуйан ылабын. Өссө ити күөл оннуттан хаалбыт буору, нууччалыыта сапропель диэни туттабын. Ону барытын баһан ылбаккыт. Үрдүн эрэ ылаҕыт. Ити олох сиидэлэммит курдук буор буолар.
Буору анаалыска биэрэн бэрэбиэркэлэтиҥ диэн сүбэ быһыытынан этиэм этэ. Лабораторияҕа састаабын барытын быһааран биэрэллэр. Сорох буор тууһа наһаа элбэх буолааччы. Көпсөркөй буор тууһурбат, салгыннаах буолан, үүнээйи тыынар уонна өлгөм аһы биэрэр.
Мас көөбүлэ
Мас көөбүлэ, кумах бэртээхэй эбииликтэр. Сибиэһэй көөбүлү туттар көҥүллэммэт, сымалата төттөрүтүн буортуну эрэ оҥоруон сөп. Биэс-алта сыл сыппыт көөбүлү туттар ордук.
Мас иһит ордук
Саҥа кэлбит үнүгэһи, силиһэ үчүгэйдик сайыннын диэн, бастакы сылыгар быһан кэбиһэр ордук. Буоругар өрүс кумаҕын уонна сиппит кунуһу кутабын. Онно кыратык компоһы, сиидэлэммит күлү, сиикэй сымыыт хаҕын хатаран баран кутабын. Буорум түгэҕэр керамзиты эбэтэр кирпииччэ үлтүркэйин кутан, дренаж оҥоробун.
Виноград элбэх буору сөбүлүүр. Төһөнөн элбэх буордаах, соччонон кини аһа өлгөм буолар. Бастакы сылыгар 15 лиитирдээх иһиккэ олордуохха сөп. Онтуҥ хас да сиринэн хайаҕастаах буолуохтаах. Мас иһит ордук. Сорохтор быласымаас биэдэрэҕэ олордоллорун биһирээбэппин. Итинник иһиккэ үүнээйи тыыммат. Буорга олордон баран ууну бастаан куппут кэннэ, кэлин иккилии нэдиэлэ буола-буола кутуллар. Уопсайынан бэйэ-бэйэлэриттэн 1,2 -1,5 миэтэрэ ыраах-ыраах олордор ордук.
Силиһин бөҕөргөтүү
Бастакы сылыгар ас бэрдэриэ суохтааххыт. Силиһин бөҕөргөтүүгэ үлэлиэхтээххит. Төһөнөн силиһэ бөҕөргүүр да, соччонон ситэн-хотон, онтон кэлэр сылларыгар ас биэриэҕэ. Ас биэрээри гыннаҕына, ол эбэтэр быычыкаайык оҕуруо бөҕө тахсан эрэрин көрдүгүт да, элбэх уу кутаҕыт. Ол кэннэ ууну куппаккыт, таах аһа саккыраан түһэн хаалыаҕа. Аны виноград ууну ардахтатан кутары (опрыскивание) төрүт сөбүлээбэт.
Аһа тахсыбытын кэннэ
Виноград астаммытын кэннэ, сорох лабааларын быһа тутан кэбиһэр ордук. Аны үүнэрин тухары хос хоннох бөҕөтө тахсар, олор улахан баҕайы сэбирдэххэ кубулуйан, күлүгү үөскэтэннэр уонна аһын былдьааннар, отонноро бып-бытархай буолаллар. Ол иһин, көрө сылдьар хос хоннохтору ыраастаан кэбиһиллэр. Онуоха аллараа өттүгэр биир сэбирдэҕи хаалларыллар.
“Бурда”
Кэлин “бурда” диэни эбиилиги туһанар буоллум. Баҕар сорох оҕуруотчут истибитэ буолуо. Ол курдук ынах сааҕыттан, күлтэн, аһыйбыт үүттэн, доруоһаттан уонна оттон-мастан турар булкадаһыгы “бурда” диэн ааттаабытым. Батсаап бөлөхпөр ол компонент туһунан суруйан ыыппытым кэннэ, бары “бурда” дии сылдьар буолбуттара. Ол булкааһыкпын саас эрдэ үнүгэскэ кутабын, сэбирдэҕэ, күөҕэ элбэх буоллун диэн. Кэлин “Вертера-Гумин” диэн олус үчүгэй уоҕурдууну булан, онон туһанар буоллум. Урут сорох үнүгэстэрим тыллааччылара суох, таах быраҕан кэбиһэр этим. Дьэ ити “Вертера-Гумин” диэни булуохпуттан, үнүгэстэрим 60 бырыһыаннара тыллан буоллулар.
Евдокия Гаврильева тэпилииссэтигэр “Аладин”, «Киш-миш», «Руслан», «Фаланга», «Блестящий», «Мечта» курдук эрдэ ситэр суортары үүннэрэр. Виноград ураты көрүүгэ-истиигэ соччо наадыйбат диэн кини маастар-кылааһын түмүктээтэ.
edersaas.ru