Быйыл, дьэ, дьикти сыл буолла. Сыл аҥаарын устата дьиэҕэ хаайтаран олоруохпут диэн урут санаабатах буолуохтаахпыт. Ону ааһан, быйыл хайдах кыстык кэлэрэ биллибэт. Салгыы дьиэбитигэр олорон үлэлиир-үөрэнэр буоллубут быһыылаах.
Күнү быһа олорон эрэ үлэлииртэн, хамсамматтан киһи доруобуйата эмсэҕэлиир. Онон туох барыта бэйэбититтэн эрэ тутулуктаах.
edersaas.ru
Хамсаммакка, таһырдьа тахсыбакка, салгын сиэбэккэ олордоххо, киһи бастаан көһүйэр, кэлин ыарытыйан да барыан сөп. “Аата, таах олорортон баҕас туох ыарыыта үөскүөн сөбүй?” диэн баҕар, сүөргүлүөххүт. Ол эрээри, бу курдук “олорор олохтон” араас ыарыы көбүөн сөп эбит.
Күнү быһа көмпүүтэри, төлөпүөнү кыҥастаһартан харах сылайар, көрөрө мөлтүүр. Оҕолор харахтара олус түргэнник, аҕыйах ый иһинэн мөлтүөн сөп.
Иккиһинэн, сис тоноҕоһо, сүһүөхтэр эмсэҕэлииллэр. Хондуруос, арамачыыс бэргиэн сөп. Куруук бөкчөйөн олорортон моой тоноҕосторо токуруйан, тымырдары хам туталлар. Бу тымырдар мэйиини, төбөнү хаанынан, кислородунан хааччыйар буоланнар, хам тутулуннахтарына, толкуйдууруҥ да, көрөрүҥ-истэриҥ да мөлтүүр, бэл, баттаҕыҥ түһэрэ элбиир, үүммэт буолар эбит.
Үсүһүнэн, хаан, лимфа сүүрүүтэ бытаарар. Онон организм ыраастанара хааччахтанар, шлак, токсин мунньуллар. Хаан хойдон, тымырдарга бөлүөхсүөн сөп. Хаан баттааһына кэһиллэр, сүрэх-тымыр ыарыылара үөскүүллэр.
Онон олорон хаалбакка, күҥҥэ чаас аҥаара, биир чаас курдук хаамыахха, салгын сиэххэ, саатар, дьиэ иһигэр эрчиллиэххэ наада. Аныгы чаһыларга, төлөпүөннэргэ хардыыны ааҕар “шагомердар” бааллар. Күн аайы 10 тыһыынча хардыыны оҥордоххуна, доруобай уонна ыйааһыҥҥын тута сылдьар эбиккин.
Бүгүн хараҕы сынньатар, эмтиир эрчиллиилэри, сүбэлэри таһаарабыт. “Харах харатын курдук харыстаа” диэн өс хоһооно мээнэҕэ этиллибэтэх.
Мэйии уонн харах
Биһиги харахпыт ырааҕы көрөргө анаммыт. Кэнники кэмҥэ наар чугаһы, дьиэ иһин, экраны эрэ көрөр буоллубут. Харах мэйиини кытары ыкса сибээстээх. Мэйии ырааҕы көрөр наадата суох эбит диэн хамаандалаатаҕына, харах наар чугаһы көрөргө үөрэнэн, мөлтөөн барар (близорукость). Онон кэмиттэн-кэмигэр таһырдьа тахсан күүлэйдээн, ойууру, сыһыыны, күөлү, былыттары көрөр наадалаах эбит. Ону тэҥэ, ырааҕы-чугаһы солбуһуннаран көрөр эрчиллиилэри оҥорор туһалаах.
Хараҕы хамсатар былчыҥнар чугастан биир сири көрөн олордоххо, күүрэн хаалаллар. Бастатан туран, күүрбүт былчыҥнары сымнатыахха наада. Онно “пальминг” диэн эрчиллии көмөлөһөр.
Ытыһынан саба туттуу
Киһи ытыһыгар эниэргийэ (биополе) тахсар ойбонноох. Ол иһин айылҕалаах дьон илиилэринэн илбийэн эмтииллэр. Хас биирдии киһи бу эниэргийэтин бэйэтигэр туһаныан сөп. Бу ньыма “пальминг” диэн ааттаах, олус көдьүүстээх, хараҕы сынньатар, күүрбүт былчыҥнары сымнатар. Харах сылайбытын биллэххэ, күҥҥэ хаста да, ону тэҥэ, киэһэ утуйаары сытан оҥоруохха сөп. Олорон эрэ оҥорор буоллахха, тоҥолохтору остуолга ууран олоруохха наада.
Ытыстары итийиэр диэри бэйэ-бэйэлэригэр аалабыт. Ип-итии ытыстары холбоччу тутан баран, харахпытын саба тутабыт. Манна харах үрдүнэн тарбах буолбакка, ытыс түбэһиэхтээх, кыламаҥҥа сыстыа суохтаах. Үөһэ тыынан, уоскуйабыт, былчыҥ сымныырын кэтээн көрөбүт. Харах хараҥаны көрөрө эмиэ туһалаах, онон хап-хара түөрт муннугу оҥорон көрүөххэ сөп. 4-5 мүнүүтэ туттахха, сөп буолар. Бу эрчиллии кэннэ харах сырдаабыт, көрөрүҥ сытыырхайбыт курдук буолар.
Былчыҥнары сымнатар эрчиллиилэр
Экраны көрө, эбэтэр кинигэни ааҕа олорон, 10 мүнүүтэ буола-буола ырааҕы көрөн, чаастатык чыпчылыйан, күүскэ симэн ылан, харах былчыҥнарын сынньатыахха наада.
- Уҥа-хаҥас, үөһэ-аллара көрөбүт. Түөрт муннугу, үс муннугу, төгүрүгү, лэппэйбит төгүрүгү, сытыары 8 сыыппараны харахпытынан ойуулуубут. Онтон төттөрү барабыт: хаҥас диэкиттэн саҕалаабыт буоллаххытына, аны уҥа диэкиттэн саҕалыыбыт. Хаста да хатылыыбыт. Эрчиллиилэр быыстарыгар чыпчылыйарбытын, күүскэ симэн ыларбытын умнубаппыт.
- Түннүккэ кыра төгүрүгү (наклейканы) сыһыаран баран, 30 см тэйиччи туран, бастаан төгүрүгү, онтон түннүгүнэн ырааҕы көрөбүт. Бу курдук 10 төгүл солбуһуннаран көрөбүт. Иккис ньыма: хаҥас хараҕы хаҥас ытыһынан бүөлүүбүт, симпэппит. Уҥа хараҕынан ырааҕы, онтон чугаһы көрөбүт. Манна хаҥас харах эмиэ үлэлиир. Ол кэннэ уларытабыт.
- Сөмүйэни харах таһымынан иннибитигэр тутан баран, бытааннык мурун диэки чугаһатабыт. Харахпытынан сөмүйэни батыһа көрөбүт. Онтон сөмүйэнэн муннубутун таарыйан баран, сыыйа ыраатыннарабыт, ону эмиэ көрөбүт.
- Тарбах төбөтүнэн бытыгыратан, сымнаҕастык харах тулатын охсуолаан, массаастаныахха сөп. Сөмүйэнэн хааһы, чанчыгы, сүүһү, харах икки ардынан муннуну баттыалаан, төгүрүгү эргитэр курдук хамсаныылары оҥортоон, массаастанар туһалаах.
Күн уотунан эмтэнии
Харах күн уотугар наадыйар. Харах харатыгар, ньиэрбэтигэр туһалаах. Ол гынан баран, күнү киэһэ уонна сарсыарда эрэ көрүөххэ сөп. Үөһэ ойбут күнү көрөр кутталлаах.
Маннык эрчиллиини оҥоруохха сөп: хаҥас хараҕы илиинэн сабан баран, уҥа хараҕынан күнү өр соҕус көрөбүт. Онтон түргэн-түргэнник чыпчылыйабыт, ол кэмҥэ күн уота тэҥҥэ ойуоккалаһар курдук буолар. Икки харахпытын илиинэн саба туттан, сынньата түһэбит. Ол кэнниттэн, хаҥас харахпытынан көрөбүт.
Чүмэчи уотунан эрчиллии
Бу эрчиллии ырааҕы үчүгэйдик көрөр эрээри, чугаһы көрбөт (дальнозоркость) дьоҥҥо туһалаах. Ордук сааһырбыт дьон чугаһы кыайан көрбөт буолан хаалаллар. Хараҥа хоско чүмэчини 30-40 см ыраахтан көрөн олоробут, харахпытын араарбакка эрэ, бытааннык уҥа диэки хайыһабыт. Санныбыт хамсаабат. Ол курдук харах кырыытынан көрөн олоро түһэн баран, төттөрү кэлэн, утары көрөбүт. Онтон эмиэ чүмэчиттэн хараҕы араарбакка, хаҥас диэки хайыһабыт. Хаста да хатылыыбыт.
Бу офтальмологтар сүбэлэринэн таҥыллыбыт, чахчы туһалаах эрчиллиилэр. Кылаабынайа, күн аайы көтүппэккэ оҥоруохха наада. Чэгиэн буолуҥ!
Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: интэриниэттэн.