Быыстапка-дьаарбаҥкаҕа Тополинайтан, Анаабыртан тиийэ кэллилэр
Бүгүн Дьокуускай куоракка Хомсомуол болуоссатыгар үгэс буолбут тыа хаһаайыстыбатын “Ас-үөл-2022” быыстапка-дьаарбаҥката киэҥ далааһыннаахтык ыытылла турар. Манна тыа хаһаайыстыбатын табаары оҥрооччулара, пиэрмэрдэрэ, аһынан-үөлүнэн хааччыйааччылар, агрооскуолалар, кэтэх хаһаайыстыбалар кытталлар.
Быыстапка-дьаарбаҥка Саха АССР уонна СӨ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин 100 сылларыгар ананар. Ол да иһин улуустар түһүлгэлэригэр тиийдэххэ, үбүлүөйдээх сылларга суолта бэриллэн, араас ис хоһоонноох композициялар оҥоһуллубуттара көрөөччүлэри, атыылаһааччылары тардар.
Холобура, Чурапчы улууһа ийэ уобараһын оҥорон, ону улуус сиригэр-уотугар үүннэрбит оҕуруотун аһынан, астаабыт аһынан-үөлүнэн киэргэппитэ көрөргө олус үчүгэй. Намнар Максим Аммосовка анаабыт муннуктара дириҥ ис суолталаах.
Быыстапкаҕа барыта 170 тахса тэрилтэ, хаһаайыстыба Сунтаар, Уус Алдан, Мэҥэ Хаҥалас, Хаҥалас, Үөһээ Бүлүү, Нам, Горнай, Чурапчы, Ньурба, Амма, Томпо, Бүлүү, Ленскэй, Нерюнгри, Өлүөхүмэ, Таатта улуустарыттан, Анаабыр национальнай долган-эбэҥки оройуона кытталлар.
Агрооскуолалар олус таһаарыылаахтык үлэлии сылдьалларын кинилэр туруорбут киэҥ быыстапкаларыгар көрүөххэ сөп. Оскуола үөрэнээччилэрэ оҕуруоту да баһылаабыттар, бэл, соҕуруу дойдуга үүнэр винограды үүннэрэллэр эбит.
“Дорообо! Баһаалыста биһигиттэн куста атыылаһыҥ!”, — диэн Үөһээ Бүлүү уолаттара бэрт эйэҕэстик ыҥыра тураллар. Үгүс улуустар тэрийбит быыстапкаларыгар анаан-минээн алаадьылыы тураллар. Ип-итии, бу аҕай буһан тахсыбыт алаадьынан айах туталлар.
Саха сирин үгүс улуустарыгар ыҥырыа иитэн, мүөтүнэн дьарыктанар буолбуттар. Олус элбэх киһи мүөт атыылыыр буолбут. Эт, үүт аһылык, оҕуруот аһын арааһа манна баар. Сыана да араас. Сорохтор төрөөбүт улууспут этин-арыытын амсайабыт диэн сыанатын кэрэйбэккэ атыылаһаллар. Нам Таастааҕыттан кэлбит саха ынаҕын көрөн турдахха ыан, олус үчүгэй амтаннаах, сибиэһэй үүтүнэн мустубут дьону амсаттылар. Кус-хаас элбээбит, козаны да иитэр буолбуттар. Дьиэ кууруссатын курдук араҥас уоһахтаах сымыыттаах Ньурбатааҕы кууруссаны иитэр фабрика сымыытын хамаҕатык ылаллар.
Сарсын АГАТУ ипподромугар өрөспүүбүлүкэ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин бирииһигэр ат сүүрүүтэ буолуохтаах.
Бүгүн-сарсын быыстапка-дьаарбаҥкаҕа сылдьан, кыстыыр аскытын-үөлгүтүн хаһааныҥ, сэргэх быыстапканы көрүҥ.
Хомсомуол болуоссатыгар “Ас-үөл 2022” дьаарбаҥка (фоторепортаж)
Бэлэмнээтэ Женни Стрюкова
Хаартыскаҕа: быыстапкаттан