БЫЫБАР: Саха сирин быыбардааччытын 23 %-на куоластаата

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бүгүн, балаҕан ыйын 18 күнүгэр, Госдуума быыбарыгар Саха сирин быыбардааччытын 23,34 %-на куоластаата. Бу туһунан брифиҥҥэ Киин быыбардыыр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Александр Власов иһитиннэрдэ.

Ол курдук, бүгүн күнүс 15:00 чаастааҕы дааннайынан, Саха сиригэр 154 тыһыынча кэриҥэ киһи быыбарга кыттыбыта биллэр.

«Хоту оройуоннар быыбардааччылара көхтөөхтөр. Ордук Анаабыр оройуонун олохтоохторо куоластыыллар — 47%. Итиэннэ Абыйга, Булуҥҥа, Өлөөҥҥө быыбарга кыттыы бырыһыана эмиэ үрдүк», — диэн Александр Власов этэр.

Быыбардыыр учаастактарга туох  баар санитарнай ирдэбиллэри тутуһалларын туһунан бэрэссэдээтэли солбуйааччы эбэн эттэ.

СИА хаартыската.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0