Балаҕан ыйын 9 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ олоҕор-дьаһаҕар улахан суолталаах быыбар ыытыллыаҕа.
Бу күн өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханын, Судаарыстыбаннай Мунньах (Ил Түмэн) дьокутааттарын, Дьокуускай куорат дьаһалтатын баһылыгын, Дьокуускай куорат Дууматын дьокутааттарын, 15 улуус уонна 20 нэһилиэк дьаһалтатын баһылыктарын, 22 улуус итиэннэ сэттэ нэһилиэк сэбиэтин дьокутааттарын талыахпыт.
Иван Андросов, Киин быыбардыыр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлин солбуйааччы:
— Быыбарга диэри лоп курдук биир ый хаалла. Күн бүгүҥҥү туругунан, бары таһымынан хандьыдааттары регистрациялааһын түмүктэннэ. Ол курдук, Ил Дархан быыбарыгар түөрт хандьыдаат, Ил Түмэн быыбарыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи испииһэккэ алта баартыйанан 403 хандьыдаат, биир мандааттаах быыбардыыр уокурукка 127 хандьыдаат регистрацияланна, кинилэртэн 16 киһи бэйэтэ туруорунна. 15 улуус дьаһалтатын баһылыгар 57 хандьыдаат, ол иһигэр сэттэ дьахтар, 20 нэһилиэк дьаһалтатын баһылыгар 55 хандьыдаат, улуустардааҕы Мунньах дьокутаатыгар 1300-чэкэ, нэһилиэктэрдээҕи сэбиэт дьокутаатыгар 220-чэ хандьыдаат регистрацияланна.
Аҕыйах хонугунан маассабай-иһитиннэрэр сириэстибэлэргэ хандьыдааттар аҕытаассыйылыыр үлэлэрэ саҕаланыаҕа. Ол жеребьевкатын бары таһымҥа бүтэрдибит, онон хандьыдааттар, баартыйалар тустарынан сырдатар матырыйааллар хаһыаттарга, “күөх экраҥҥа” уонна араадьыйаҕа хаһан уонна төһө кээмэйинэн тахсаллара сөкүүндэтигэр тиийэ быһаарылынна. Аны быыбары сырдатар суруналыыстар аккредитациялара саҕаланна.
Киин быыбардыыр хамыыһыйаҕа 25-67-77 (улуустар олохтоохторугар 8(4112)25-67-77) нүөмэринэн “суһал лиинньийэ” үлэлиир, онон быыбардааччылар быыбарга сыһыаннаан тугу мунаараргытын ыйытыҥ. Биһиги толору харданы биэриэхпит.
Раиса СИБИРЯКОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru