Быыһыыр Находкин

07.02.2017
Бөлөххө киир:

Өр кэмнэргэ иитиэхтээн илдьэ сылдьыбыт санаабын толорон, эрэдээксийэ сорудаҕынан  «РОССОЮЗСПАС» Үрдүкү Сэбиэтин чилиэнэ, “СӨ Быыһыыр сулууспата” судаарыстыбаннай  казеннай тэрилтэ салайааччыта Николай Александрович Находкины кытта көрсөн кэпсэттим.

Николай Местников, Алдан.

Николай Александрович үрдүк үөрэҕи бүтэрэн биолог идэтин баһылаан,  хотугу тыйыс айылҕа кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр олоҕор дьайыытын үөрэтиинэн дьарыктаммыта. Научнай үлэтин хайысхатынан Алданынан, хотугу улуустарынан аҕыйах ахсааннаах норуоттар табаһыттарын, булчуттарын, балыксыттарын  кытта бииргэ кыстаан, сайылаан, сахалартан бастакынан биолог-эколог учуонай, биологическай наука хандьыдаата  буолбута.

Биолог

— Хотугу сир туһунан санааларгын үллэһин эрэ.

— Биолог-учуонай буолан үлэбинэн Арассыыйа хоту өттүгэр, Арктикаҕа элбэхтэ сатыылаан, табанан, атынан айаннаан, мотуорканан устан, сөмөлүөтүнэн көтөн, элбэх экспедицияларга сылдьыспытым. Кэнники Дьокуускайга “Хотугу Форум” Секретариатын  дириэктэринэн ананан үлэлиир сылларбар, планета хоту өттүн регионнарын кэрийэ айанныыр экспедициялары тэрийсибитим уонна айаннаспытым. Манна сылдьан хотугу сир дьоннорун олохторун таһыма сир аайы араастаһарын  илэ харахпынан билбитим-көрбүтүм, Ити сырыылар түмүктэринэн миэхэ элбэх санаалар, толкуйдар үөскээбиттэрэ. Хоту сир олоҕун тупсарыы  судаарыстыба биир бастакы соругунан буолуохтааҕын өйдөөбүтүм.

— Табаһыттар 100 сыллаах хаартыскалара хайдах этэй?

— Табаһыттар 1900 сыллаахха түспүт хаартыскаларын 100 сыл ааспытын кэннэ булан, 2000 сыллаахха оҥоһуллубут хаартыскаҕа тэҥнээн көрбүппүт. Улахан уларыйыы суох, арай карабин, бириһиэн балаакка уонна былыр үйэҕэ айыллыбыт, билигин да быраҕыллыбакка туттулла сылдьар рация… Айанныы сылдьан, аан бастаан атын дойдулар хоту дьоннорун олохторун билсэн-көрсөн  баран, баҕарбатарбын да:  “Финляндия табаһыта хараалга табаларын кыра бөртөлүөтүнэн үүрэн аҕаларын, Эмиэрикэ төрүт олохтооҕо ууга тирэнэн түһэр сөмөлүөтүн талахха баайан кэбиһэрин курдук тоҕо биһиэхэ  суоҕуй, туох мэһэйдиирий?” — диэн  толкуйга түспүтүм. Билиҥҥи үлэм хайысхата төһө да атынын иһин,  тыйыс айылҕалаах сиргэ араас быһылааннар, оһоллор-моһоллор буолар түбэлтэлэригэр быыһыыр, өрүһүйэр  үлэлэргэ аныгы сайдыылаах үйэ албастарын, сатабылларын наука ситиһиилэригэр олоҕуран туһана сатыырбынан, урукку дьарыкпын кытта маарыннаһар.

 

IF

Сиргэ чугас үлэлээхпит

  • Науканан дьарыктаныым сүрүн хайысхата — тыынар тыыннаахха айылҕа, тулалыыр эйгэ дьайыытын үөрэтии этэ. Билиҥҥи үлэм  -нэһилиэнньэ айылҕаҕа сылдьан араас оһолго-моһолго түбэһиититтэн быыһааһыны, өрүһүйүүнү бириэмэтигэр табатык тэрийэн ыытыы буолар. 1991 сыллаахха туристары быыһыырга аналлаах 5-6 киһилээх этэрээт тэриллэн, онтон тэнийэн, билигин өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 196 үлэһиттээхпит. Олортон  быыһыыр этэрээт 120 байыаһа айылҕаҕа буолар иэдээннэргэ, саахалларга, ууга түспүт дьону быыһааһыҥҥа, ууга-уокка былдьаммыттары көрдөөн булан дьонноругар тиэрдиигэ, муммуттары көрдөөһүҥҥэ бастакынан тиийэн, тустаах эбээһинэһин толорор. Бу ылбычча киһи кыайан толорбот  ыарахан үлэтэ. Ол курдук, ууга былдьаммыттары водолазтар, көтөр аппарааттарынан  аэромобилистар, аллараанан тиэхиньикэнэн автомобилистар, эстэриинэн дьарыктанар взрывниктар, ыттаах кинологтар этэрээттэрэ көрдүүр, быыһыыр үлэлэри ыыталлар. Маны таһынан, наука, эмп үлэһиттэрэ, психологтар бааллар.
  • Улуустарынан этэрээттэри тэрийии төһө көдьүүстэннэ?
  • Дьокуускайтан быыһыы барар ороскуота улахана бэрт, элбэх бириэмэни сүүйтэрэҕин, ол иһин улуустар, оройуоннар кииннэригэр быыһыыр этэрээттэри тэрийэ сатыыбыт. Билиҥҥи туругунан, Ньурбаҕа, Үөһээ Бүлүүгэ, Алдаҥҥа, Нерюнгрига, Орто Халымаҕа, Дьокуускайга этэрээттэр бааллар. МЧС-тар 2012 сыллаахха эрэ 41 киһилээх федеральнай быыһыыр этэрээт тэриммиттэрэ. Ол иннинэ Саха сиригэр биһиги байыастарбытын туһаналлара. Быйыл Усуйаанаҕа, Черскэйгэ 10-нуу байыастаах этэрээт тэриннилэр да, олор үлэлии иликтэр, биһиги уолаттарбыт сылдьаллар. Аны туран,  5 киһиттэн элбэх өлүүлээх быһылаан таҕыстаҕына эрэ ыксаллаах быһыы-майгы биллэриллэн, хамаанда  Москванан, Хабаровскайынан эргийэн кэлэр. Онон быһаарынан быыһыы бараллара бытаан, көлөттүгэс соҕус. Биһиги сулууспабытыгар  ыҥырыы кэллэ да байыастарбыт  биэс мүнүүтэнэн быыһыы барарга  бэлэм буолаллар.  Онон биһиги дьоммут быыһыыр, өрүһүйэр үлэлэрэ сиргэ-уокка, дьоҥҥо-сэргэҕэ быдан чугас диэн толкуйдаахпын. Арассыыйа атын муннуктарыгар тайҕаҕа муммут дьон 5 бырыһыана эрэ көстөр буоллаҕына, биһиэхэ 95 бырыһыаннара үлэһиттэрбит сатабылларынан көстөллөр. 2014 сыллаахха кырачаан Карина тайҕаҕа сүппүтүн 12 хоммутун кэнниттэн биһиги үлэһиттэрбит булбуттара. 2015 с.  СӨ Быыһыыр сулууспатын үлэһиттэрин сатабыллаах үлэлэрин түмүгэр  603 киһи олоҕо быыһаммыта.

 

Үлэҕэ ылыы ирдэбилэ кытаанах

 

Үлэ кэпсэтэ  кэлбит уолаттарга хамнаспыт кыра, ол гынан баран,  дьон дьылҕатын быһаарарбытынан ирдэбиллэрбит кытаанахтар, эр киһи дьарыга диэн быһаччы, кистээбэккэ сэрэтэн этээччибин. Ол да буоллар, үлэҕэ киириэн баҕалаах элбэх, куонкурус улахан.

Сүүмэрдээһин үлэтигэр бэйэм хайаан да сылдьа сатыыбын. 70 км сиргэ А пуунтан Б пууҥҥа диэри  10-ча киһи 24 чаас устата баран хонон кэлэллэр, араас ыарахан сорудах бэриллэр. Олортон биһиги ирдэбилбитигэр эппиэттэһэрэ биир-икки эрэ буолааччы. Тэрилтэбитигэр үлэһиттэрбит 60 бырыһыаннара үрдүк үөрэхтээх дьон,    Быыһыыр үлэһит бары өттүнэн дэгиттэр буоларын ирдиибит. Тыаҕа көрдүү бардаҕына 5 киһини солбуйуохтаах. Күүһү-уоҕу, сүүрүүнү-хаамыыны кыайарын таһынан, сиргэ-уокка тайҕаҕа сылдьыыны, массыынаны, тыраахтары ыытарга, уунан сылдьар тиэхиньикэҕэ көҥүллээх, бултуур, балыктыыр, ас астыыр ньымалары сатыыр буолуохтаах. Билиитин-көрүүтүн таһыма үрдүк, дьону кытта сатаан кэпсэтэр, бирикээһи эрэ толорооччу байыас буолбакка, араас балаһыанньаҕа сөптөөх быһаарыныы ылан эппиэтинэһи бэйэтэ сүгэн хамаандалыыр  эписиэр эбээһинэһин толорор курдук үлэлиир буолуохтаах.

 

Наука ситиһиилэрин туһаныы

 

Үлэҕэ саҥаны киллэрии элбэх үбү-аһы ирдиир, бириэмэни ылар дьыала. Үлэбитигэр  уонна хоту тыйыс айылҕаҕа олорор дьон туһаналларыгар анаан үлэһиттэрим элбэх арыйыылары оҥордулар, саҥаны киллэриигэ элбэх толкуйдаахтар. Ону атын дьыаланан дьарыктанаҕыт диэн сэмэлэнэбит даҕаны.  Кырдьыга, биир өттүнэн толкуйдаан көрдөххө, хотугу сир олохтоохторугар, Быыһыыр сулууспа туттарыгар аналлаах тэриллэри айан оҥорууга прикладной институт баара эбитэ буоллар, бэйэм да онно көһөн үлэлиэм эбитэ буолуо. Екатеринбурга олорор Сергей Глядковтуун муустаах ууга 2 чаас устата киһи тимирбэккэ дагдайан, тоҥмокко тыыннаах сылдьар көстүүмүн айбыппыт. Көннөрү истээх таҥаһынан сылдьан түстэххэ, 5 мүнүүтэнэн тоҥон өлөҕүн. Сыыппара этэринэн, сыл аайы Сахабыт сиригэр 100-тэн тахса киһи ууга былдьанар, олортон 50-тан тахса киһи тымныы ууга тоҥон өлөр. Өлөөн олохтооҕор  Геннадий Сергеевка 2 итинник көстүүмү бэлэхтээбиттэр. Хараҥа түүн  айаннаан иһэн сиикэйгэ түһэн, «бурана» тимирбит, бэйэтэ муус үрдүгэр иккитэ төхтүрүйэн тахсан, 15 биэрэстэлээх сиргэ баар үүтээнигэр тыыннаах тиийбит. Ити быһылаан кэнниттэн өлөөннөр истиһэннэр, итинник тимирбэт, тоҥорбот көстүүмү кэтэр буолбуттар. Массыына “гудогар”маарыннатан, муммут дьону буларга анаан сигнал биэрэр, түүнүн сырдыыр майаагы оҥорбуппут. Быйыл Мирнэй булчута 15 күн муммутугар, үп суоҕуттан майаакпыт аҕыйах буолан туһамматыбыт. Ити булчуту 60 киһи сатыы, вездеходтарынан, моторкаларынан,  бөртөлүөттэринэн көрдөөбүтэ. Төһөлөөх үп ороскуоттаммыта буолуой?

Наҕараадалары олохтооһун

 

Урукку сэбиэскэй саҕана дьону быыһыырга хорсун быһыыны көрдөрбүтүн иһин “За отвагу на пожаре”, “За спасение утопающих” диэн судаарыстыбаннай наҕараадалар бааллара. Сойуус эстибитин кэннэ ити мэтээллэр оннуларыгар “За спасение погибавших” диэн уопсай судаарыстыбаннай наҕараада олохтоммута. Маны сэргэ, Арассыыйа Ыксаллаах быһыыга-майгыга,  Ис Дьыала министиэристибэлэрин уоттан, ууттан быыһааһыҥҥа наҕараадалара олохтоммуттара. Биһиги үлэһиттэрбит наҕараадаҕа тиксиилэрэ тоҕо эрэ ыарахан. Ити Каринаны булбут биһиги уолаттарбыт  кыайан наҕараадаламматылар, бэйэлэрин үлэлиир эбээһинэстэрин толордулар диэн ааттаан. Урут хорсун быһыыны көрдөрөн дьону быыһаан баран наҕараадаҕа кыайан тиксибэтэх киһи баар буоллаҕына, онно дакаастыыр докумуоннар наадалар. Хаһыаттарга кини туһунан ыстатыйа, урукку сэбиэттэр архыыптарыгар харалла сытар докумуоннар баар буолуохтарын сөп.  Оннук докумуоннардаах түбэлтэни көрөн-үөрэтэн баран, наҕараадаҕа түһэриэхпитин сөп. Мин «РОССОЮЗСПАС» Үрдүкү Сэбиэтин чилиэнэбин. Сылга иккитэ Москваҕа түмсэн мунньахтыыбыт. Дьааҥы өрүскэ 7 киһилээх катер тимирбитин ааһан иһэр борохуот капитана Ульянов Сергей Викторович  6 киһитин быыһаабытын Үрдүкү Сэбиэт нөҥүө хадатаайыстыба оҥорбутум, наҕараадата бу  “За отличие в ликвидации последствий чрезвычайной ситуации” диэн мэтээл кэлэн сытар , ону туттарыахтаахпын. МЧС –тар  хорсун быһыы оҥоһуллубутун кэннэ биир ый иһинэн наадалаах докумуоннары хамыыһыйаҕа туттарыахтааххын диэн ирдииллэр.

Түмүк тыл оннугар

 

— Кырдьыга, маннык Быыһыыр сулууспаны атаҕар туруорбуппуттан астынабын. Куһаҕана диэн, нэһилиэнньэҕэ эрдэттэн сэрэтэр, үөрэтэр үлэлэри ыытыыга тэрилтэбитигэр үп-ас көрүллүбэтинэн, ити өттүгэр үлэ былаан быһыытынан барбат, бириэмэ да суох. Уолаттарым ханнык  эрэ  улууска сылдьан  быыс-арыт булан оскуолаларга сылдьан кэпсииллэр, көрдөрөллөр.

Тыйыс айылҕаҕа олорорбутунан, нэһилиэнньэҕэ уонна байыастарбыт үлэлэрин чэпчэтэр сыалтан элбэх саҥа арыйыылары  оҥордубут да  кэккэ төрүөттэринэн кыайан олоххо киллэрбэппит.

Николай Местников, Алдан.

Ыспыраапка

Аҕата Уус Алдан Тумулуттан, ийэтэ Ньурбаттан төрүттээхтэр. Бэйэтэ Ньурба Мархатыгар төрөөбүтэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0