«Киһини күҥҥэ түөрт уон араас моһол күүтэр» диэн бэргэн этиини үгүспүт истибит буолуохтаах. Ол аата хас биирдии киһини хара сарсыардаттан саҕалаан утуйуор диэри ардыгар өлөр-тиллэр икки ардынан араас тыҥааһыннаах түгэннэр кэтэһэллэр. Онон ыксал тирээтэҕинэ, биһиги тута быыһааччылары ыҥырабыт. СӨ Быыһыыр сулууспатыгар хорсун-хоодуот эр бэртэрэ утуйар ууларын, аһыыр астарын умнан туран, быһылааҥҥа түбэспит дьону быыһыы сүүрэллэр. Олортон ойуччу тутан, «Тымныы полюһа икки акыйааны холбуур» диэн экспедицияҕа сылдьыбыт Кэбээйиттэн төрүттээх Серафим Афанасьевич Гуляевы көрсөн кэпсэттибит.
– Серафим, эйигин сылын ахсын ууга барар Кэбээйи Кальвицатыттан төрүттээх диэн истибитим. Арааһа, онон быыһааччы идэтин таллаҕыҥ. Бэйэҥ тускунан кыратык билиһиннэр эрэ.
– Өлүөнэ эбэ хотун алын тардыытыгар турар Кальвица бөһүөлэгиттэн төрүттээхпин. Бу бөһүөлэк полярнай лүөччүк Отто Артурович Кальвица аатынан 1930 сыллаахха ааттаммыта. Надежда уонна Афанасий Гуляевтар дьиэ кэргэҥҥэ биэс оҕоттон бастакы уол оҕонон 1988 сыллаахха олунньу 17 күнүгэр күн сирин көрбүтүм.
– Быыһааччы идэтигэр хайдах кэлбиккиний?
– 2015 сыллаахха от ыйыгар СӨ Быыһыыр сулууспата быыһааччылары сүүмэрдиирин туһунан бииргэ үөрэммит доҕорбуттан Егор Гуляевтан истибитим. Кини ити кэмҥэ Быыһыыр сулууспаҕа быыһааччынан үлэлии сылдьара. Быыһааччы буолар улахан эппиэтинэстээҕин уонна үлэҕэ ыларга сүүмэрдээһин сыл аайы буолбатын билэр этим. Онон уһуну-киэҥи толкуйдуу барбакка, резюмебын кадр отделыгар илдьэн туттарбытым. Куонкуруска элбэх киһиттэн уон уолу таланнар, олор истэригэр киирэн, салгыы биир миэстэ иһин күрэхтэспиппит. Анал сорудах биэрэннэр икки күн устата 50 км тахса сири хааман, эт-хаан өттүнэн төһө бэлэмнээхпитин тургутан көрбүттэрэ. Уолаттар бары даҕаны кыахтаах, эрчиллиилээх, спорка ситиһиилэрдээх, улахан уопуттаах этилэр. Аны мин спорка улахан ситиһиилэрим суох. Арай тыаҕа улааппыт, кыра эрдэхпиттэн булка сыстаҕас, айылҕалыын алтыһа үөрүйэх буоламмын, бу күрэххэ бэлэмнээх этим. Ол түмүгүнэн бастакынан талыллыбатаҕым да иһин, бэлэмнээхпин уонна быыһааччы буолар баҕалаахпын көрөннөр, СӨ Быыһыыр сулууспатын начаалынньыга Николай Александрович Находкин ыҥырыытынан 2015 сыл алтынньытыттан үлэлии-хамныы сылдьабын
– «Тымныы полюһа икки акыйааны холбуур» диэн сүрдээх эппиэтинэстээх экспедицияҕа кыттыбыккын билэбин. Эмиэ сүүмэрдээһини ааспытыҥ дуо?
– Ааспыт сайын СӨ Быыһыыр сулууспатын начаалынньыга Николай Находкин салайыытынан «Тымныы полюһа икки акыйааны холбуур» диэн Саха сирин айылҕатын, килиимэтин, историятын үөрэтэргэ ураты суолталаах экспедицияҕа сырыттым. Бу туһунан Саха сирин олохтоохторо үгүстэрэ истибит буолуохтаахтар. Барыта 16 киһи буолан түөрт оҥочонон Чуумпу акыйаан Охотскай муоратын кытылыттан Хотугу Муустаах акыйаан Илин Сибиирдээҕи муоратын кытылыгар устан тиийбиппит. Маннык машрутунан аан дойду үрдүнэн өссө ким даҕаны айанныы илик. Онон биһиги бастакы буолабыт. «Нуучча географическай уопсастыбата», «Россиятааҕы быыһааччылар сойуустара» уопсастыбаннай түмсүү уонна СӨ быыһыыр сулууспатын көмөлөрүнэн ыйтан ордук бэлэмнэнэн от ыйын 10 күнүгэр айаҥҥа туруммуппут. Биир ый устата 3000 км кэриҥэ сири айаннаан, элбэх ыарахаттары көрсөн, Тиихэй уонна Хотугу Муустаах акыйаннары холбуур уу суола баарын дакаастаабыппыт.
Биир ыйы быһа устарбытыгар элбэх харгыстары, ыарахаттары көрсүбүппүт. Күнүстэри-түүннэри ардах түһэрин таһынан, тымныыта, тыала сүрдээх этэ. Тыаҕа улааппыппын уонна тиэхиньикэҕэ сыстаҕаспын билэр буоланнар, арааһа, экспедицияҕа кытыннардахтара.
– Уһун-киэҥ айаҥҥа мотуордаах оҥочоҕут моһуоктаан турбата дуо?
– Уу анныгар сытар сытыы тааска биир оҥочобут ойоҕоһун хайа тартараммыт, дьэ тыҥааһыннаах балаһыанньа үөскүү сылдьыбыта. Ону чөлүгэр түһэриигэ икки суукка курдук барбыта. Эбиитин килиэйбитин тыатааҕы ыһан-тоҕон, олох даҕаны ыксаталыы сылдьыбыта. Ол да буоллар, туох баарынан оҥостон, салгыы айаҥҥа туруммуппут.
– Маршруккут уһуна сүрдээх дии. 3000 килэмиэтир кэриҥэ. Бу тухары айылҕа араас дьиктилэрин көрдөххүт, үөрэттэххит буолуо.
– Айаммыт тухары ууга баар үүнээйилэртэн саҕалаан кыталыктарга тиийэ үөрэттибит. Индигир өрүскэ турар былыргы быраҕыллыбыт Зашиверскай куоракка баар чочуобунаны, пааматынньыктары сэргии көрдүм. Куораты үөһэттэн квадрокоптерынан уһултарбыттара.
– Бу экспедицияҕыт «Нуучча географическай уопсастыбата» тэрийбит Россиятааҕы күрэхтэһиигэ норуот билиниитин ылан турар…
– «Нуучча географическай уопсастыбатын» Россиятааҕы күрэхтэһиитигэр 400-тэн тахса сайаапка киирбититтэн, интернет-куоластааһын түмүгүнэн 25 кыттааччы финалга тахсан, «Уопсастыба билиниитэ» номинацияҕа бастаабыта. Интернеккэ «Ютубка» «Экспедиция дневнигэ» уонна «Моя планета» каналга экспедиция туһунан араас устуулар бааллар. Онон ким баҕарар киирэн көрүөн сөп.
– Быыһааччылар иэдээҥҥэ, алдьархайга түбэспит дьону быыһыыр уонна өрүһүйэр соруктаахтар. Ууну-уоту ортотунан ааһан, саамай өйдөнөн хаалбыт түгэннээхин дуо?
– Бары тутуспутунан бииргэ үлэлиибит. Саха сирэ тыйыс усулуобуйалаах буолан, манна чахчы уопуттаах, эппиэтинэстээх дьон үлэлииллэр. Туох баар күүспүтүн ууран туран, көмөҕө наадыйбыт дьоҥҥо барабыт. Холобур, тохсунньуга дьиэлэригэр хаайтаран хаалбыт икки оҕолоох дьиэ кэргэни баһаартан быһаабыппыт. Онон, тыҥааhыннаах түгэннэр куруутун буолаллар…
Анивера АКИМОВА, edersaas.ru