Бытантай бытааһаҕа (ПАМФЛЕТ)

14.02.2017
Бөлөххө киир:

“Мин эрэйдээх, ол Олоҥхом дойдутугар, түптэ унаар буруолаах

  төрөөбүт алааспар аны кэлэн үктэнээхтээбэт буоллаҕым…”

— Эрэйдээҕим сыыһа, өкчөллөөхтөөн-бөкчөллөөхтөөн сүөһү бөҕөҕүн. Көрдөххө, кыһыннары-сайыннары бу үлүгэрдээх чыыбааҕылаах сиргэ син хаһан, мэччийэн үссэнэр курдуккун да, уойбутуҥ-топпутуҥ, торолуйбутуҥ көстүбэт. Ити, эҥэрдэһэ сылдьар сыспай сиэллээх, төгүрүк туйахтаах Дьөһөгөй оҕолоро кыыллар кылабачыһан-килэбэчиһэн, биэс илии сыалара-хаһалара тастарыгар бычаалыйарга дылы, — ыраах ыстаадаттан киирбит, кынталдьыйбыт-элэгэлдьийбит көмүрүө муостаах уучах чочуонай быһыытынан-таһаатынан көөчүктэнэн, күөнүнэн оонньоон, бэрт өрдөөҕүттэн билэр, сэниир саха ынаҕа сордооҕу кэм да хаадьылаабытынан барда. — Биһиэхэ, Бытантайга тиксэҥҥин, баччааҥҥа диэри тыыннаах сылдьаргар табалаах дьоҥҥо махтан. Хотугу эргимтэҕэ ынах, сылгы иитиитин олохтообут, аан дойдуга ханна да суох, туох эрэ хаппыт циркумполярнай сайдыыны аҕалбыт соҕотох омукпут дии-дии түөстэрин тоҥсунар сахаларыҥ эйигин “этэ аҕыйах, үүтэ дуона суох” диэн сүүскэ биэрэн идэһэлэммиттэрэ ырааппыт буолуо этэ,-— уучах кынтаччы туттан, Бытантай бытааһаҕа эрэйдээҕи эргийэ хаамта. Күөгэлдьийэ-күөгэлдьийэ салгыы көбүөхтээбитинэн барда:

— Аллар-үллэр быйаҥнаах аҥаат-муҥаат алаастаргын ахтаахтыырыҥ буолуо да, онно билигин эмсэхтэнэр эттээх, күүгэннирэр үүттээх омук дойдуларын сүөһүлэрэ биримээнэ көтөр аалынан көтөн күпсүйэн кэлэн олохсуйдулар. Аабыстырыйа диэн дойдуттан сатаан да мэччийбэт, хоруудаҕа ууран биэрдэхтэринэ нэһиилэ аһыыр сүөһүлэр ааҥнаабыттар үһү. Сураҕын иһиттэххэ, сахалар аймахтаргыт алтаайдар, халмыыктар ынахтарын аҕалан ыалларынан, хаһаайыстыбаларынан түҥэтэлииллэр үһү.

— Тугун сүрэй… Мин эрэйдээх ол Олоҥхом дойдутугар, түптэ унаар буруолаах төрөөбүт алааспар аны кэлэн үктэнээхтээбэт буоллаҕым…-— хаһан эрэ саха ынаҕа дэнэ сылдьыбыт Бытантай бытааһаҕа муҥнаах уулаах-хаардаах хараҕыттан бөдөҥ таммахтар мөлбөөрүстүлэр.

— Һа-һа-һа! — уучах антрацит чох курдук харахтара кылабачыстылар. — Өссө иһит, сахалар бу сайыҥҥы үрүҥ тунах ыһыахтарын саҕана Илинтэн кытай омук сүүһүнэн киһилээх дэлэгээссийэтэ кэлэ сылдьан, арааһы барытын кэпсэтэн, сүбэлэһэн, улуустарынан кэрийэн көрөн-истэн, күүлэйдээн барбыттар. Дьэ, хотуок, аны ол улуу омуктар бэйэлэрин кытай саадьаҕайа боруода ынахтарын эн дойдугар аҕалыахпыт диэбиттэр. Ол сүөһүлэриҥ, истиэххин баҕардаххына, хас биирдиилэрэ сылга ортотунан 6000 киилэ үүтү биэрэллэр үһү! Ии, саха ынаҕа муҥнаах, бытааһах…

Иван КСЕНОФТОНТОВ — Уйбаан СИЛИГИ, https://edersaas.ru.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0