Быстах түгэн (КЭПСЭЭН)

17.01.2017
Бөлөххө киир:

Дьэкиим бу сарсыарда олох эрдэ уһугунна, тамаҕа хаппыта сүр, сиһэ уонна атахтара олох көһүйэн хаалбыттар, сүрэҕэ өлөхсүйэр. Аттынааҕы ороҥҥо Микииппэр оҕонньор эрэйдээх баттатан ытыыра-ыллыыра биллибэттик ыйылыыр. Туумба үрдүгэр турар эргэ чаһы тыаһа мэктиэтигэр ой дуорааннаммыт курдук биир кэм чаллыргыыр. Дьэкиим оронуттан нэһиилэ орҕостон, түннүк аттыгар турар остуолга уу иһээри тиийдэ.

Арай түннүгүнэн көрбүтэ, сири-дойдуну ып-ыраас маҥан хаар үллүктээн кэбиспит, аҕыйах хонуктааҕыта диэри бөҕүнэн бүрүллэ сыппыт тиэргэн олох саҥа көрүҥнэммит. Бу кэрэ көстүүнү Дьэкиим балайда өр көрөн турбахтаата, онтон графинтан тымныы ууну ыймахтаан баран, оронугар тиийэн төттөрү сытынан кэбистэ. Уута кэлбэтэ, ол оннугар саҥа түспүт хаар киниэхэ урукку дьоллоох олоҕун ааспыт түгэннэрин биир-биир ситимнээн аҕалла.

Маннык ып-ыраас хаар түһэ турдаҕына, кини бастакы тапталын Мичийээнэтин көрсүбүтэ, эмиэ кырса түүтэ хаар үллүктүүр кэмигэр бастакы оҕото Нарыйа төрөөбүтэ. Онон кини ааспыт олоҕун дьоллоох түгэннэрэ маҥнайгы хаары кытта ыкса ситимнээх курдуктар. Ол кэмҥэ Дьэкиим аармыйаттан кэлэн, куорат таһынааҕы оройуоҥҥа райпоҕа суоппардыыра. Күҥҥэ иккитэ-үстэ куоракка киирэрэ, эбэтэр ыраах рейскэ Невергэ уонча күннээх командировкаларга сылдьара. Ыраах рейстэртэн таптыыр кэргэнин Мичийээнэтин уонна кыракый кыысчаанын Нарыйатын олус да ахтан кэлэрэ. Дьиэтигэр чугаһаатаҕына мэктиэтигэр хараҕыттан уу-хаар баһыар диэри үөрэрэ. Мичийээнэтэ кыысчаанынаан кинини тиэргэҥҥэ тахсан көрсөллөрө, Нарыйата утары сүүрэн кэлэн көтөхтөрөн кэбиһэрэ, онтон кэргэнэ аргыый аҕай кэлэн аттыларыгар үөрэ-мичилийэ турар буолара … Ол барыта ааспыта, туман буолан сүппүтэ. Билигин кини куораттааҕы Кырдьаҕастар дьиэлэрин биир сүрүн олохтооҕо буолар. Быйыл манна киирбитэ сэттис сылыгар барда.

Дьэкиим эдэригэр уола хаан, дьон-сэргэ чахчы ытыктыыр киһитэ, хаһыат сирэйиттэн түспэт эр бэрдэ этэ. Кинини уһун кэмҥэ суоппардаппатахтара, аан бастаан сопхуос хомсомуолун кэмитиэтин салайааччытынан, райком көмөлөһөөччү сэкирэтээринэн, онтон горкомҥа эппиэттээх үлэҕэ ылбыттара. Эдэр талааннаах салайааччы өссө да үрдүү-сайда туруоҕун биир түгэн кини инники кэскилин туора сотон кэбиспитэ. Оччотооҕуга куоракка үлэлии киирэригэр кини, кэргэнин уонна кыыһын оройуоҥҥа хаалларбыта. Кэргэнэ оскуолаҕа учууталлыыр буолан, кыс ортото куоракка көһөн киирэрэ кыаллыбатаҕа. Дьэкиим бастакы сылларыгар дьиэтигэр өрөбүл күннэргэ куруук тахсара, ахтылҕанын таһааран киирэрэ. Олоҕун ол кэмиттэн кини биир түгэни олох билиҥҥэ диэри умнубат. Күһүн этэ, этэргэ дылы, сир-дойду кыһыл көмүс солотуутун ылынан, муҥутуур киэркэйбит кэмэ. Өрөбүл күн буолан, Дьэкиим кэргэниниин уонна кыракый кыыһыныын тыаҕа салгын сии диэн ааттаан тахсыбыттара. Бэйэлэрэ массыыналаах буолан, дэриэбинэттэн балачча ыраах хатыҥ чараҥынан алардыы ылларан сытар Кубалаах диэн алааска тиийбиттэрэ. Айылҕа кэрэ көстүүтэ кинилэри күүскэ абылаабыта. Кыыстара Нарыйа кыракый ытысчааннарын холбуу тутан, сиккиэр тыал аргыый имэрийэн түһэрэр көмүс сэбирдэхтэрин тута оонньуура, күлэрэ-үөрэрэ, оттон Мичийээнэтэ кини санныгар төбөтүн ууран олорон ис-иһиттэн сырдаан, сымнаан, Дьэкиими кытта олус дьоллоохтук олорорун туһунан аргыый сипсийэн эппитэ. Айылҕа кэрэтэ уонна дириҥ таптал модун күүстэрин алтыһыыта ити курдук кини өйүгэр кытаанахтык хатанан хаалбыт этэ.
Ити күһүн Дьэкиим куорат салайааччыларын кытта бэйэтин дойдутугар куобахтыы тахсыбыттара. Бу сырыыга сир-дойду хагдарыйан, көтөҕө түһэн, тыа арыый да кураанахсыйбыт курдуга. Куорат дьоно дэриэбинэҕэ сылдьыбакка, быһа тыаҕа ааспыттара. Киэһэнэн өлгөмнүк бултуйан уонна сорох өттө күүскэ холуочуйан, дэриэбинэҕэ киирэргэ быһаарыммыттара. Оройуон, сопхуос тойотторо бары баар этилэр, ол иһин куорат ыалдьыттарын маанылааһын харса-хабыра суох барбыта. Дьэкиим дьиэтигэр үс киһини хонноро ылбыта. Иккитэ — тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин кырдьаҕас үлэһиттэрэ, оттон үсүһэ — горкомҥа быйыл саҥа үлэлии киирбит Тиихэнэп диэн киһи этэ. Тойоттор аһааһыннара сопхуос остолобуойугар ыытыллыбыта, Дьэкиим дьиэлээх киһи быһыытынан ыкса түүҥҥэ диэри сылдьыбыта. Итирбит дьону ыалларынан таспыта. Бэйэтин хоноһолорун өссө эрдэ илдьибит буолан, сопхуос дириэктэрин дьиэтигэр Алексей Ивановиһы кытта өссө олоро түспүттэрэ. Дьиэтигэр кэлбитэ Мичийээнэтэ ытыы көрсүбүтэ. Тиихэнэп диэн хоноһото итирэн кэлэн баран, утуйа сытар дьахтарга хоонньугар киирэ сатаабыт этэ. Дьахтар эрим кэллэ диэн бастаан кыһаммакка сытан баран, эр киһи атынын билэн ыһыы-хаһыы бөҕөнү түһэрэн, киһини оронуттан сууллары тэбэн түһэрбит. Дьэкиим хосхо киирбитэ, киһитэ орон аттыгар сыгынньаҕын тыылыы тэбэн утуйан хаһыҥырыы сытара. Ыга кыыһырбыт Дьэкиим ыалдьытын үлтү кырбаан кэбиспитэ. Мичийээнэтэ ытыы-ытыы киһитин тохтотоору тииспитин, сирэйгэ охсубута. Итинтэн ыла кинилэр ыраас олохторугар хара күлүк сатыылаабыта. Били бэдик улахан тойон аймаҕа буолан, түүҥҥү сырыыта кистэнэн хаалбыта, арай Дьэкиим итирэн баран күлүгээннээбитин туһунан сурах сири-дойдуну тилийэ көппүтэ. Икки кырдьаҕас хоноһолор тугу да билбэтэх-көрбөтөх аатырбыттара.
Ити түгэнтэн ыла биир ый ааспыта. Мичийээнэ кинини бырастыы гынар санаата суоҕа. Ол иһин Дьэкиим кыһыйбыт санаатыгар уонна күнүүлээн даҕаны, куорат биир тэрилтэтигэр машинисткалыыр Изольда диэн омуктуу ааттаах, нууччалыы иитиилээх кыыһы кытта билсибитэ. Изолдьата киһитэ үптээҕин-астааҕын билэн, киниэхэ сымала курдук сыстыбыта. Дьэкиимҥэ күн ахсын эрэстэрээнинэн сылдьыы, таҕылы быстах ханнарар таптал түүннэрэ саҕаламмыттара. Ол кэмҥэ Мичийээнэтэ уонна кыракый кыысчаана Нарыйата кини төбөтүттэн олох симэлийэн хаалбыттара. Сатахха, сорох ардыгар Мичийээнэтин санаатаҕына, хараҕар наар били сыгынньах Тиихэнэп тыылыы тэбэн сытара ойууланан кэлэрэ. Оччоҕо дьэ, өссө кыйыттан туран Изольдатын уоттаах хоойугар умсара. Кини ити сырыыларын Мичийээнэтэ түһээн да баттаппат этэ, бириэмэтин наар үлэтигэр уонна кыракый кыыһын иитиигэ ыытара. Бастакы кыыһырбыт уоҕа ааһан, сэмээр киһитин кэтэһэрэ. Ити кэмҥэ аны Мичийээнэ хат буолбутун билбитэ. Бастаан ыйданара тохтообутун стресскэ эҥин балыйа сылдьан баран, бырааска көрдөрүнэн оҕо үөскээбитин бигэргэттэрбитэ. Кини Дьэкиимин кэтэһэ сатаан баран куораттыырга быһаарыммыта. Ол күн эмиэ хаар түһэн сири-дойдуну үрүҥ суорҕанынан бүрүйбүтэ.
Мичийээнэ эрин олорор уопсай дьиэтигэр тиийбитэ, өрөбүл күн буолан ким да тура илигэ. Ол иһин супту эрин хоһугар ааспыта уонна тапталлара хаһан да төннүбэттик симэлийбитин билбитэ. Эрэ атын дьахтардыын хоонньоһо сытара кинини улаханнык кэлэппитэ, аймаабыта. Мичийээнэ ити түбэлтэ кэнниттэн өр балыыһаҕа сытан тахсыбыта, сайыныгар кыыһын ылан ыраах хоту оройуоҥҥа көспүт сураҕа иһиллибитэ. Дьэкиим күһүнүгэр сыбаайбалаабыта, ол гынан баран кини сыбаайбатыгар бииргэ үлэлиир дьонуттан ким да кэлбэтэҕэ, сайыныгар үлэтиттэн ууратыллан атын тэрилтэҕэ көспүтэ. Кини миэстэтигэр били Тиихэнэп диэн тойооску кэлбитэ. Изольдатыныын сүүрбэччэ сыл олорбута, икки уол оҕону төрөтөн күн сирин көрдөрбүттэрэ. Онтукалара нууччалыы иитиилээх буолан, аҕаларыгар улаханнык сыстыбатахтара. Изольдата даҕаны хамнастаах үлэтиттэн уурайбытын кэннэ, киниэхэ сыһыана тосту уларыйбыта. Сорох ардыгар ыйы-ыйынан сүтэн, хонон-өрөөн кэлэр идэлэммитэ. Дьэкиим эрэйдээх эр киһи отуора тостон, ону тулуйарга эрэ тиийбитэ. Хамнас кырата уонна дойдуга буолбут уларыйыылар Дьэкиимнээҕи улаханнык айгыраппыттара. Ол түмүгэр кини кэргэниттэн арахсан, дьиэтиттэн үүрүллэн, бу кырдьаҕастар дьиэлэрин булан сыттаҕа. Аҕатыгар арыый да чугас санаалааҕа, кыра уола Болуодьата иһээччи буолан, киһи көмө көрдөөбөт киһитэ, улахана Сааската кэргэннээх, икки оҕолоох, билигин ийэтин кытта икки хостоох кыракый дьиэҕэ симиллэн олорор.
Оттон, Дьэкиим бу дьиэҕэ олоҕун бүтэһик күннэригэр диэри, сырдык тыына бүтүөр диэри сытар дьылҕаланнаҕа. Арай били кырыыстаах түгэн буолбатаҕа эбэтэр кэргэнин кытта тута иллэспитэ буоллар, дьылҕата олох атыннык салаллыа эбитэ буолуо дуо ?

Батсаап «Арай биирдэ» бөлөҕүттэн,

ааптар арпагыраапыйата уларыйбата. 

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0