Ньургуйаана тапталлааҕын көрбөтөҕө бүгүн үһүс күнэ. Ханна, кимниин сылдьарын ким да билбэт. Уол дьиэтигэр бара сылдьыаҕын, үөрэҕэр кыһарыйтаран, быыс арыт булбатаҕа. Бүгүн эрдэ бүтэн, бириэмэлэммиччэ, Ньургун үөрэнэр сиригэр бара сылдьыах буолбута.
Таһырдьа ылааҥы сааскы күннэр тураллар — киһи эрэ дьаарбайа тахсыах курдук. Уһун унньуктаах кыһыҥҥы тымныы кэнниттэн сандал саас кэлиитэ хас биирдии киһиэхэ айылҕа кэтэһиилээх күндү бэлэҕэ. Уулуссаҕа санньыйбыт, курус санааҕа куустарбыт дьон бэрт дэҥҥэ көстөр. Ол эрээри, соһумар сурах дьыл ханнык да кэмин аахсыбакка тиийэн кэлэр эбит. Ньургуйаананы сандал саас да быыһаабатаҕа…
Кини дьүөгэлэрин кытта күннээҕини, буолары-буолбаты кэпсэтэ, арыт күлсэн ыла-ыла, оптуобус тохтобулун диэки аа-дьуо хаамсан истэ. Ол иһэн көрдөҕүнэ, дьон быыһыгар хара бартыбыаллаах, төкүнүк сирэйдээх, толору эттээхсииннээх, өрүү да буоларын курдук, биир илиитин сиэбигэр уктан Миша хааман иһэрэ. Кини — Ньургун чугас атаһа. Кыыс күлүм аллайда, киниэхэ утары сүүрдэ.
— Миша, привет! Хайа, бу ханналаан иһэҕин?
— Ээ, привет! Үөрэнэ баран иһэбин. Онтон эн, туох сонун? — Миша Ньургуйаанаттан хараҕын кистээтэ, барбах хоруйдаата.
— Үөрэнэн бүтэн Ньургуну көрдүү сылдьабын. Бу саҥа үөрэнэн бүттүгүт дуо? Оттон Ньургун?
— Бэҕэһээ суох этэ. Бүгүн эмиэ суох. Эйиэхэ, арба, сурук ыыппыта. Хайаан да тиксэрээр диэбитэ. Кыыһырса сылдьаҕыт дуо? — Миша бартыбыалыттан бүк тутуллубут кумааҕыны хостуурун быыһыгар ыйыталаста.
— Суох. Ньургун итинник кэпсиир дуо? — кыыс өс саҕа буолан уоһун чорбоҥнотто.
— Ээ, бэҕэһээ киэһэ настарыанньата суох этэ. Туохтан эрэ мунчаарбыт көрүҥнээх сылдьара. Оннооҕор мин дьээбэлээбиппэр күлбэтэҕэ. Арааһа, кыыһырсыбыттар быһыылаах диэн ыйыталаспатаҕым.
Миша Ньургун сирэйэ-хараҕа буорайбытын, саппаҕырбытын, кырбаммытын кыыстан кистээбитэ. Онтуката да суох, бука, сэрэйэ сылдьара буолуо…
Ньургуйаана доҕорун суругар үөрэр бэйэтэ, билигин тоҕо эрэ сүрэҕэ ытырбахтаабыта. Бүк тутуллубут кумааҕыны хап сабар арыйан аахта.
«Доҕорум! Кимҥэ да тэҥнэспэт кэрэ киһим! Тапталым оҕочооно! Ньургуһунум! Ньургуйаанам! Уонна тугу суруйуохпун билбэппин даҕаны… Маннык сидьиҥ быһыыны оҥоруом эрэ диэн санаабат этим. Бэйэбин кирдээх курдук сананабын. Бэйэбин абааһы көрөбүн. Мин, мин … суох, суох! Ити туһунан суруйбаппын. Бэйэҥ кэлин истиэҥ. Көрдөһөбүн, ааттаһабын, барытын бырастыы гын. Бу күн сиригэр эйигиттэн ордук кэрэни булбатым. Эйигин көрсүбүтүм, таптаабытым, таптыыбын. Ол эрэн, эйигин дьоллоох оҥорорум саарбах. Миигин умун. Бырастыы гын, быраһаай… Ньургун».
Сурук адаархай буочарынан суруллубут, сорох тыллара үөһэ аллара ыстаҥалаабыттар. Кыыс санаатыгар күннээх сырдык халлаана хараҥа былытынан сабардана түспүтэ. Билигин аҕай күлүмүрдүү, сыдьаайа сылдьыбыта ханан да суох буолла, хараҕын уота күлүгүрэ түстэ. Суругу өйдөөбөккө, хат- хат аахта, кэнникинэн буукубалара сүүрэкэлээн барарга дылы гыннылар. Күөмэйигэр кытаанах хомуок туора турда. Миша кини уларыйа түспүтүн көрөн ыксаата, ол эрээри чочумча саҥата суох тура түстэ. Тулуйбата.
—Ньургуйаана, туох буоллуҥ? Тугу суруйбутуй? — Миша кыыска чугаһаан оргууй ыйытта.
—Тугуй бу? — кыыс хараҕын уутун кыатана сатыы-сатыы нэһиилэ иһин түгэҕитттэн ыган таһаарда уонна суругу уолга уунна.
Миша хап сабар суругу ааҕан илибирэттэ, өйдөөбөтөхтүү дуу, уолуйан дуу кыыс диэки мээнэнэн көрөн турда. Бу кэмҥэ туора турбут Ньургуйаана дьүөгэлэрэ туох эрэ буолбутун көрөн кинилэргэ чугаһаатылар.
—Хайа, хайаатыгыт? Здесь что, конец света? — дьүөгэлэриттэн саамай саҥалаахтара, сахалыы-нууччалыы илибирэппит кыыс Анателла ким-хайа иннинэ туоһуласта.
—Танел, оонньоомо, туох эрэ буолбут дии, — аҕа саастаахтара Оля дьүөгэтин буойда. Уонна сэрэнэн куолаһын намтатан ыйытта: — Ньургун туох буолбутуй?
Мишалаах Ньургуйаана тугу да саҥарбатылар, арай, суругу эрэ көрөн турдулар. Оля суругу уолтан ылан аахта уонна туох да диэн булумуна суругу дьүөгэлэригэр уунна. Бэһиэн саҥата суох өр дуу, өтөр дуу туох суруллубутун төбөлөрүгэр сатаан батарбакка турдулар.
Миша суругу аҕалбыт буруйдаахпын диэн. икки ардыларыгар бүрүүкээбит чуумпуну тохтотто.
—Ньургуйаана, Ньургун дьиэтигэр бара сылдьыахха, табаарыстарыттан ыйыталаһыахха. Баҕар… — Миша сөптөөх тылы булбакка мух-мах барда.
Халлаан эмискэ хара былытынан туолла, хантан да кэлбитэ биллибэт тыал санааны аймаан уһуура, күйгүөрэ түстэ. Уулуссаҕа дьон хахха була сатыы онон-манан тиэтэйэ-саарайа сүүрэкэлэстилэр. Оттон Ньургуйааналаах оптуобус тохтобулугар саҥата-иҥэтэ суох аат эрэ харата хаамыстылар.
Бастаан Ньургун дьиэтигэр тиийэн ааны тоҥсуйдулар да, ким да арыйбата. Онтон сүбэлэһээт, Ньургун табаарыстарын көрдүү бардылар. Табаарыстара да күттүөннээҕи эппэтилэр, арай, иллэрээ күн устудьуоннар ортолоругар биллэр «улахан бөлөҕү» кытта түүҥҥү кулуупка сылдьар этэ диэтилэр. Ньургуйаана ол аайы сүрэҕэ субу тахсан барыахтыы өрө мөҕүстэ, күүскэ-күүскэ тэптэ.
Салгыы ыйыталаһан-ыйыталаһан, ол бөлөххө сылдьар Коля, хос аатынан Хара Хаан диэн «биллэр» уол аадырыһын буллулар. Тиийбиттэрэ уол улахан холуочук олорор эбит. Кини кэпсээнинэн, ол түүн дискобарга улахан охсуһуу буолбут. Онно сылдьан Ньургун быһахтаммыт уонна биир уолу түөскэ анньыбыт. Ол кэнниттэн уолаттар Ньургуну илдьэ куоппуттар. Дьиэлэригэр кэлэн өссө арыгылаабыттар. Сарсыарда туран Ньургуҥҥа «киһини өлөрдүҥ» диэн эппиттэр. Өйдөөбөтүнэн, итиригинэн туһанан сороҕун эбэн-сабан кэпсээбиттэр. Киһилэрэ ону истэн сирэйэ-хараҕа саппаҕырбыт, «дьиэлээтим» диэн тахсан барбыт, онтон ыла кинини көрсүбэтэхтэр… Ньургуйааналаах Миша доҕордорун онон-манан барытынан көрдөөтүлэр да, булбатылар. Аймахтарын да кэрийдилэр, милицияҕа да тыллаатылар, муҥур уһугар «муус дьоннор дойдуларыгар» да тиийэ сырыттылар. Ууга тааһы бырахпыттыы мэлигир…
Кыыс ыкса киэһэ олорор уопсайа сабыллыан эрэ иннинэ кэллэ. Хоһугар киирэн оронугар тас таҥаһын да устубакка тиэрэ түһэн сытта. Хата, кыргыттара суохтар. Тугу да саныан билбэт, төбөтө ыаҕастаах уу курдук ыараабыт. Утуйуон наһаа баҕарар да сүрэҕэ уоскуйбат. Ол сытан сиэбиттэн Ньургун суругун хостоон илиитигэр бобо тутта уонна халыйан кэлбит хараҕын уутун кыайан туттуммакка, бөтө бэрдэрэн, уйа-хайа суох ытаан барда. Истиэнэҕэ ыйанан турар чаһы стрелката көмүскэ уутун кэтии биир кэм тиҥиргии турда. Сотору кыыс халтаһалара сабыллан, устунан утуйан хаалла. Түһээн, Ньургуну көрүстэ. Доҕоро кинини тымныыттан, тыалтан харыстаан күүскэ да күүскэ кууһан турара, хаһан да арахсыа суох буолан бигэ тылын этэрэ…
Ньургуйаана илиитин ким эрэ сэрэнэн тардарыттан уһуктан кэллэ. Көрбүтэ — вахтер Дуунньа: «Һыллыа, улуустан төлөпүөннүүллэр. Ыксаллаах үһү», — диир эбит. Хоһун аанын санаатыгар аралдьыйан хатаабатах буолаахтаатаҕа.
Устудьуоннар уопсайдарын быраабылата төһө да көҥүллээбэтин үрдүнэн, Дуунньа оҕолору өйдүүрэ бэрт буолан, улуустан төлөпүөннээтэхтэринэ, мөҕүллүө да буоллар, ыҥырааччы.
Кыыс эмискэ түүлүттэн арахсан хомойбуттуу Дуунньа диэки көрдө. Эмиэ доҕорун санаата. Хараҕар сааскы сандал күн, Сэргэлээх, кыыстаах уол сиэттиһэн иһэллэрэ көһүннэ, онтон эмиэ түннүк тааһа бытарыйарыныы барыта үрэллэн хаалла. Ньургуйаана баҕарбатар да, туран аллараа этээскэ түстэ. Вахтер хоһугар киирэн төлөпүөн туруупкатын ылла уонна ах баран саҥатыттан матан өр дуу, өтөр дуу истибитин итэҕэйбэккэ туймааран турда. Ыгыллан кэлбит хараҕын уута лаампа симик уотугар чаҕылыйа-чаҕылыйа күлүмүрдээтэ. Онтон туруупка анараа өттүгэр Ньургун сөҥ куолаһа иһилиннэ:
—Ньургуйаана, бу мин дойдубуттан эрийэбин. Баһаалыста, бырастыы гын. Быстах санааҕа киирэн биэрбиппин. Мишаҕа төлөпүөннүү сырыттым. Ити суругу алҕас суруйбуппун. Бэйэм сыыһабыттан, тугу да уһуну-киэҥи саныы барбатахпыттан… Ааспыкка дискобарга итирбиппин, тугу да өйдөөбөппүн. Онон туһанан уолаттар миигин күлүү гыммыттарын итэҕэйбиппин. Мин ким да тыыныгар турбатаҕым, кими даҕаны тыыппатаҕым, кими даҕаны… Истэҕин. Бырастыы гын… Эйигин аны соҕотохтуу хаалларан барыам суоҕа. Эйигин наһаа да күүскэ таптыыр эбиппин. Ону эрдэ өйдөөбөтөхпүн. Бырастыы гын, баһаалыста…
Ньургуйаана ыарахан сүгэһэри санныттан түһэрбиттии «һуу» дии түстэ. Санаата кэҥээн, сүрэҕэ уоскуйан, хараҕын уута иэдэһинэн сүүрбүтүн сото барбакка, ытаан санна титирэстээтэ. Туруупка анараа өттүгэр уол саҥата тыын былдьаһардыы өрө айманна. Оттон кыыс тапталлаах киһитэ көстүбүтүттэн үөрүөн дуу, эбэтэр доҕоро быстах санааҕа ылларан кинини ууга-уокка түһэрбититтэн кыыһырыан дуу билбэккэ төлөпүөнү икки илиитинэн ыга тутан турда.
Аграфена КУЗЬМИНА
* * *
Кэпсээн Аграфена Кузьмина “Киһи сүрэҕэ бэрт чараас” кинигэтиттэн ылылынна. Кинигэ «Бичик” маҕаһыыннарыгар атыыланар.