Быстах кэмнээх хомуур туһунан “суһал линия” аһылынна

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Быстах кэмнээх хомуур туһунан “суһал линия” аһыллыбытын билэҕит дуо?

РФ Бэрэсидьиэнин Ыйааҕар уонна РФ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин сорудаҕар олоҕуран, бүгүҥҥүттэн 122 “суһал линия”  быстах кэмнээх хомуур (мобилизация) туһунан дьоҥҥо-сэргэҕэ иһитиннэрэргэ эмиэ туһаныллыаҕа.

Сулууспа дойду бары эрэгийиэннэригэр арылынна, ол иһигэр Саха сиригэр эмиэ. “Суһал линия” оператордара балаҕан ыйын 23 күнүттэн ыйытыыларга хоруйдууллар.

РФ Бырабыыталыстыбата гражданнар саамай чаастатык ыйытар боппуруостарын хомуйан, Оборуона Министиэристибэтин кытта хоруйдары бэлэмнииллэр.

Быстах кэмнээх хомуур туһунан иһитиннэриилэри Бырабыыталыстыба дьиҥ таһымнаах “Объясняем.РФ” ресурсатыттан билсиэххэ сөп.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

Бэлэмнээтэ Женни Стрюкова

Хаартыска: тустаах саайтан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0