Судаарыстыба кыраныыссатын туорааччы ахсаана сыл аайы улаатан иһэр. Дьиҥэр, кэлии омуктарга квота аҕыйаабыта эрээри, кэлээччи ахсаана уҕараабат. Сорохтор олох даҕаны сокуону кэһэн туран кыраныыссаны туорууллар. Саһа сылдьан үлэлииллэр.
«Об установлении квоты на выдачу иностранным гражданам и лицам без гражданства разрешений на временное проживание в России на 2017 год» диэн РФ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Медведев ыйааҕынан, Россия үрдүнэн 110880 омук киһитигэр быстах кэмҥэ олоруу көҥүлэ бэриллиэ. Мантан Уһук Илин регионугар 6430 көҥүл тыырыллыа. Саха сиригэр кэлэр сылга 1000 көҥүл бэриллиэҕэ.
Анивера АКИМОВА.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1