Биһиги, сэрии кэнниттэн улааппыт көлүөнэ, Өктөөп өрөбөлүүссүйэтигэр, хомуньуус баартыйатыгар, улуу нуучча норуотугар махталбыт, итэҕэлбит улахан этэ. Хараҥа, кыра норуоту сырдыкка таһаарбыттара, үөрэхтээбиттэрэ диэн буолара. Кыра эрдэхпититтэн оннук үөрэтэллэрэ. Норуоттар доҕордоһуулара олус күүстээх этэ. Ону ааһан, норуоттар тулхадыйбат доҕордоһуулара баар буолан, Сэбиэскэй Сойуус муҥутуур күүстээҕэ диэн этэбин, этиэм да турдаҕа.
Бу күннэргэ Сомоҕолоһуу күнүн бэлиэтээри сылдьабыт. Атаспын Мэхээлэни кытары норуоттар доҕордоһууларын баҕас кыратык бэлиэтиир буолуохтаахпыт.
Ол эрээри, дьэ, олох уларыйан, үйэм уһаан, арааһы көрөн эрдэҕим. Хаһыаты ааҕабын, араадьыйаны истэбин ээ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Конституционнай суута сахалары төрүт олохтоох омуктар диэн Конституцияҕа уларытыы киллэриэххэ диэн быһаарда. Ол аата бэйэбит тылбытын, култуурабытын харыстыыр сыалтан, суураллан сүппэт туһуттан итинник дьаһаннахтара. Сири-уоту, ууну, сир баайын киинтэн дьаһайа олороллор, ону былдьаһа да сатаабат буоллахпыт.
Онуоха, дьэ, арассыыйаларбыт айдааран эрэллэр үһү диэн истэбин. Ханнык да өрөспүүбүлүкэҕэ итинник суох үһү. Аан дойду сокуонун быһыытынан, “төрүт омук” диэн аатырдахпытына, баайбытын барытын бэйэбит бас билиэхтээх үһүбүт. Оттон Арассыыйа Конституциятыгар “төрүт омук” диэн өйдөбүл суох үһү. Дьэ, бэрт бырыычыкалаах боппуруос буолан таҕыста…
Күтүөппүн кытары куукунаҕа чэй иһэ-иһэ бу боппуруоһу балачча илдьиритистибит. Үөрэхтээх киһи сокуон өттүттэн сырдатара элбэх. Оттон куолуһут оҕонньору туох сиэбит үһү! Ол эрээри, дьэ, куттанарым биир, итинтэн сылтаан “кум-хам тутан” барбаталлар диэн. Элбэх хаары санныбар уулларбыт оҕонньор, бүтэйдии дьиксинэр курдукпун. Саатар, барытын сүрэҕим-быарын ортотунан аһардан иһэр буоллаҕым үһү… Эмээхсиним мөҕөрө да сөп быһыылаах. Арах, арах…