Бырдахтан быыһаныаҕыҥ

Ааптар: 
28.06.2018
Бөлөххө киир:

Бырдах тыынар-тыыннаах хаанын иһэр. Күөх сайын үтүөтүгэр сүгүн олоппот, сытыарбат даҕаны. Оннооҕор эккирэтэн сордуурга дылы буолар. Аны ытырбыта кытаран, иһэн, кыһыйан, устунан бааһыран барар түгэннэрэ эмиэ баар. Ордук кыра оҕолор барахсаттар «бырдах аһылыга» буолаллар. Дьэ, ытырдаҕына кыһыйарын хайдах тохтотобут?

Ааҕааччыларбытыгар анаан, доруобуйаҕа туох да куттала, буортута суох сүбэлэри хомуйан биэрэбит. 

1. Алтан төбө, ньээм-ньээм сүмэһинэ кыһыйарын, кытарарын тохтотор. Хаста да сотуохха сөп.

2. Биэс тымырдаах от көмөлөөх. Сэбирдэҕи уунан сайҕаан, кыратык сымната түһэн баран, бырдах ыстаабыт сирин саба ууруҥ. Маннык хас да төгүл ууруохха сөп.

3. Эриэппэ луук сүмэһининэн сотуҥ.

4. Сиппит кыһыл помидор сүмэһинэ эмиэ туһалыыр. Хаста да төхтүрүйэн сотуохха, бырдах ыстаабыт сирин саба ууруохха сөп.

4. Чеснок биир өлүүскэтин илдьи ньыһыйыҥ, онно икки чаайынай ньуоска буспут ууну кутуҥ, булкуйуҥ. Баатаны, биинтэни илитэн баран, бырдах ыстаабыт сирин саба ууруҥ. Сотору кэминэн ааһан хаалыа.

5. Тиис суунар паастанан сотон баран, хатарыҥ. Кытарбыта да, кыһыйара да ааһыа.

6. Биир улахан ньуоска ас суодатыгар уу кутан хааһы оҥоруҥ. Бырдах ыстаабыт сирин хойуу соҕустук сотуҥ. Хаста да хатылааҥ.

7. Хаппырыас хас да сэбирдэҕин  илдьиритэн баран бырдах ыстаабыт сиригэр ууруҥ. Уонча мүнүүтэнэн тириигит кыһыйара ааһан барыа.

8. Петрушка уонна мята сэбирдэхтэрин бырдах ыстаабыт сиригэр саба ууруҥ. Кытарбыта ааһыа, кыһыйара тохтуо.

Бырдаҕы тэйитэргэ

Эмтиэкэҕэ атыыланар арыылар ханнык эмэ кэмҥэ да буоллар, бырдаҕы тэйитэн абырыыллар. Холобур, гвоздика, кытыан, эвкалипт арыылара.

Эбэтэр помидор отун, сэбирдэҕин, угун ылан аан, түннүк холуодатыгар ууруҥ, кыбыта анньыҥ. Сытыттан бырдах, атын да үөн-көйүүр чугаһыа суоҕа.

Харыйа эбэтэр бэс туорахтарын кутааҕа бырахтахха, балачча кэмҥэ бырдахтар чугаһаабаттар.

Хаартыскалар: интэриниэттэн

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0