Аан дойдуга үс тыһыынчаттан тахса бырдах арааһа баара биллэр. Олортон сорохторо дьон хаанынан “утахтаналлар”, оттон сорохторо көтөр кынаттааҕы “сырсаллар”.
Аны, икки атахтаахтар бырдаҕы көрдөхпүтүнэ бултаһабыт диибит эрээри, хата, кинилэр биһигиннээҕэр ордук болҕомтолоохтор эбит. Сыты-сымары отут миэтэрэ ыраахтан (сорох источниктарга биэс уон миэтэрэ ыраахтан) билэллэр диэн интэриниэт кэпсиир. Маныаха учуонайдар бигэргэппиттэринэн, киһи биир илиитигэр 346 араас химическэй биэссэстибэ баар эбит. Ити 346-ттан 277-тэ бырдаҕы ыҥырар-угуйар уратылаахтар үһү. Эбиитин баларбыт барыта, төрүт хатыласпат тус-туһунан сыттаахтар дииллэрэ сөхтөрөр.
Бырдах минньигэһиргиирэ
*Бырдахпыт пиибэни иһэр дьону наһаа минньигэһиргиир эбит.
*Көлөһүн сытыгар үөрэ-көтө кэлэллэр диэн суруйаллар. Оттон сайын тиритии-хорутуу ханна барыай?
*Хааныҥ 1 группа буоллаҕына, бырдах эйигин наһаа “таптыыр”.
*Хааныҥ төрдүс группа буоллаҕына – “деликатескын”.
*Ханна углекислай гаас сыта элбэх, бырдах онно “күннүүр”.
*Этиҥ суостаах буоллаҕына, бырдаҕы “абырыыгын”.
*Бактериялары тута булар. Оттон бактериялар киһиэхэ ордук бэрбээкэйигэр, уллуҥаҕар элбэхтэрэ бэлиэтэнэр.
*Оҕо күүтэр хат дьахталлары бырдах алҕаска даҕаны аттынан “аһарбат”.
*Америка учуонайдара хара, халлаан күөҕэ хараҥата уонна кыһыл өҥнөөх таҥаһы кэппит киһи бырдах “аһылыга” буолар диэн быһаараллар.
Хайдах көмүскэнэбит
Эвкалипт арыытыгар биир-икки лимон сүмэһинин эбиҥ, булкуйуҥ уонна тириигитин соттуҥ. Эбэтэр эвкалипт арыытын сытын таһаарыҥ.
Корицанан эбэтэр корица сыттаах духинан, арыынан сотуннаххытына, бырдах аһылыга буолуоххут суоҕа дииллэр. Корицаны сылаас ууга таммалатан баран ууран кэбиһиҥ.
Ханнык баҕарар арыыга ванилинна таммалатыҥ.
Харыйа, бэс мутукчатын, туораахтарын сытын бырдах сөбүлээбэт дииллэр.
Кедр (сыалаах мас), кытыан арыыларын сытын таһаарыаххытын сөп. Эбэтэр баатаҕа, таҥас сыыһыгар таммалатан баран түннүк, аан таһыгар ууруҥ диэн сүбэлииллэр.
Ыстакаан сылаас ууга биир пакет ванилины кутуҥ эбэтэр 5-7 хааппыла арыытын таммалатыҥ. Манан миэбэлгитин да, бэйэҕитин да соттуоххутун сөп.
Герань, лаванда, гвоздика, хризантема, мята, мелисса сытыгар бырдах чугаһаабат диэн суруйаллар.
Валериана настойката эбэтэр арыыта үчүгэй. Арыйан баран ууран кэбиһиэххэ сөп.
Чесногу ыраастаан баран өлүүскэлэргэ аҥаардаан ууруҥ эбэтэр бэйэҕит сиэҥ. Бырдах чугаһыа суоҕа.
Хаһаайыстыбаннай мыыланы теркаҕа аалан баран, биир остолобуой ньуосканы ыстакаан сылаас ууга кутан булкуйуҥ. Эккитин соттуҥ.
Түннүккүтүн, ааҥҥытын сиэккэнэн бүөлээҥ.
Бырдах «аһылыга» буоллаххытына
Суодалаах эбэтэр туустаах уу абырыа.
Муус кылгас да кэмҥэ буоллар, бырдах ытырбыт миэстэтэ кыһыйарын намыратыа.
Сойутуллубут пакеттаах чэй эмиэ абыраллаах.
Чайное дерево диэн арыынан бырдах ытырбыт сирин соттоххо, кыһыйара тохтуоҕа.
Бырдах ытырбыт сирин буокканан, испииринэн тута сотон иһиҥ.
Астына, дуоһуйа сынньаныҥ! Бырдах «аһылыга» буолумаҥ!
Хаартыска: интэриниэттэн.