Бырамыысыланнаска аныгы роботтар наадалар

19.03.2019
Бөлөххө киир:

«АЛРОСА» хампаанньа «Сколково» пуонда өйөбүлүнэн, массыынаны тутар холбоһук собуоту кытта  ньиэп-гаас, хайа бырамыысыланнаһыгар, атомнай энергетикаҕа улахан кыамталаах массыыналары, роботтары, саҥа оборудованиены таҥарга сонун технологическай бырайыактар күрэстэрин биллэрэр.  

 edersaas.ru 


Сайаапкалары кулун тутар 22 күнүгэр диэри оҥорон таһаарыы ороскуотун кыччатыы уонна бородууксуйа көрүҥүн тупсарыы диэн икки хайысханан ылаллар. Күрэс анал салаатыгар: геологическай чинчийии, алмааһы хостооһун технологиятын тупсарыы, элбэх минераллаах ууну ыраастааһын, айылҕа гааһыттан оттугу оҥоруу, тырааныспары онно көһөрүү, криолитозона усулуобуйатыгар тутуу, оҥорон та­­һаарыыны сыыппараҕа көһөрүү, ороскуотун кыччатыы, эниэргийэтин харыстааһын киирдилэр.

2019 сыл ыам ыйыгар «Сколково» технопааркаҕа «АЛРОСА» хайысхатынан түмүктүүр биэтэккэ түөрт кыайыылаах биллиэҕэ. Дьүүллүүр хамыыһыйа кэккэтигэр хам­паанньа экспертэрин таһынан, «Газпром нефть», «Росатом», «Сколково», «Ростехнологии» корпорация бэрэстэбиитэллэрэ киирэллэр.

Күрэскэ цифровой уонна аддитивнай технология, бырамыысыланнай робототиэхиньикэ, эниэргийэни харыстаан туһаҕа таһаарыы түһүмэхтэринэн сир баайын хостуур, переработкалыыр тиэхиньикэни оҥорор бырайыактары тургутан көрүөхтэрэ.

Бастыҥ бырайыактаах дьон Москваҕа ыам ыйын 21 күнүгэр түмсэн, улахан хампаанньалар бэрэстэбиитэллэрин иннигэр үлэлэрин билиһиннэриэхтэрэ, ыйытыыларга хоруйдуохтара. Кинилэртэн саамай бастыҥнара «Сколково» пуонда менторскай өйөбүлүн ылан бырайыактарын үбүлэтиэхтэрэ, айан таһаарыыларынан инникитин үп-харчы оҥостуохтара, интеллектуальнай бас билиилэрин көмүскэтиэхтэрэ.

Интэриэһиргээбит дьон сайаапкаларгытын www.tstart.ru саайтка кулун тутар 22 күнүгэр диэри биэриэххитин сөп.

«Сколково» пуонда — Арассыыйаҕа биир саамай улахан инновационнай киин, 8 сыл устата технологическай стартаптары акселерациялыырга идэтийэр. Энэргиэтикэҕэ, массыына тутуутугар, ОДьКХ уонна тутууга, металлургияҕа, тырааныспарга, IT-эйгэҕэ, телекоммуникацияҕа, биомэдиссиинэҕэ, авиацияҕа, кос­моска, ньиэп-гаас бырамыысыланнаһыгар о.д.а. салааларга 1900 сонун бырайыагы сайыннарар. Манна тутулуга суох экспертэр тургутуктарын ааспыт үлэлэр киирэллэр.

Пуонда саҥа стартаптары сайыннарарга интеллектуальнай бас билиини көмүскүүргэ, венчурнай үбүлээһини буларга, табаары сертификациялыырга, бырамыысыланнаска киллэриигэ көмөлөһөр. 2017 сыллаахха пуонда кыттааччыларын эргитэр үбэ 49 мил­лиард солкуобайга тиийбитэ. «Сколково»  иһинэн  сүүсчэкэ бырамыысыланнай хампаанньа чинчийэр кииннэрэ инновационнай технологияны көрдөөн, ону олоххо киллэриинэн дьарыктаналлар.

Марианна ТЫРТЫКОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0