Өрөспүүбүлүкэҕэ үһүс сылын «Олохтоох дьону – бырамыысыланнаска» бырайыак үлэлиир, онно уопсайа 25 хампаанньа кыттар. 2019 сыл 11 ыйын иһигэр бырамыысыланнас тэрилтэлэрэ 7104 олохтоох дьону үлэҕэ ылбыттар, ол иһигэр 2714 — отут сааһыгар диэри эдэр ыччат, 1728 – тыа сириттэн төрүттээхтэр.
edersaas.ru
Маннык сыыппараны улахан ситиһии курдук ааҕабыт эрээри, үгүс тэрээһиннэргэ сылдьан иһиттэххэ, хомойуох иһин, бырамыысыланнаска хаалан үлэлиир киһи тарбахха баттанар. 2018 сылга «Олохтоох дьону – бырамыысыланнаска» бырайыак чэрчитинэн, 5726 киһи үлэҕэ киирбититтэн биир сылынан 2755 эрэ хаалбыт.
Айылҕа баайын хостуур хампаанньалар бэрэстэбиитэллэрэ: «Тыа сириттэн кэлбит уолаттар саас куска, сайын окко сырсан хаалаллар, сэрэппэттэр даҕаны. Үлэһит ханна баара биллибэт, эппиэтинэһэ суохтар. Бырамыысыланнаска идэтийбит, тиэхиньикэни сатыыр дьон наадалар», — дииллэр.
Сэрэйэн көрдөххө, былаан толоруутугар, ол сырсыытыгар үтүрүттэрэн, саҥа кэлбит тугу да билбэт, сатаабат киһини үөрэтиэхтэрин ыарырҕаталлар.
Ол да буоллар, олохтоох дьону бырамыысыланнаска сыһыарар бырайыак ылбыт тэтимин ыһыктыбакка, салгыы 2020 сылга үлэлиэ. Ону таһынан, үлэтэ суох дьону тутуу, тырааныспар, логистика, энэргиэтикэ эйгэтигэр, суол хаһаайыстыбатыгар үлэҕэ ылыахтара.
Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru