Ил Дархан олохтоох дьону бырамыысыланнаска сыһыарыы үлэтэ салҕаныаҕын эттэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Быһа сибээс кэмигэр көрөөччү эрийэн, биэнсиэйэҕэ тахсара икки сыл хаалбытын, Чайыҥдаҕа үлэлиир баҕалааҕын биллэрдэ, хайдах үлэлии киириэххэ сөбүн туоһуласта.

edersaas.ru

Туһааннаах ыйытыыга Ил Дархан: “Социальнай ситимнэргэ дьон эмиэ итиниэхэ ханыылыы ыйытыыны биэрэр. Быйыл “Газпрому” кытта бииргэ үлэлэһии түмүгэр, Чайыҥдатааҕы сир баайын хостуур сиргэ, өрөспүүбүлүкэтээҕи Үлэлээх буолуу киинин нөҥүө дьону үлэҕэ ыытан эрэбит. Эрдэ кыаллыбатаҕа, быйыл ситистибит. Бастакы этэрээт тиийэн номнуо үлэлии сылдьар. Маныаха улахан көмөнү АЛРОСА уонна кини хампаанньата “Анаабыр Алмаастар” оҥордо. Иккис этэрээт обсервацияҕа баар, салгыы үлэлии тиийиэҕэ. Бу эбийиэккэ өрөспүүбүлэкэттэн элбэх киһи кыттыан сөп”, — диэн хоруйдаата.

Баҕалаах дьон улуустааҕы үлэлээх буолуу киинигэр сайаапка биэриэхтэрин сөбүн эттэ. Ирдэбилгэ сөп түбэһэр буоллахтарына, сэһэргэһиигэ (собеседование) ыҥырыахтарын, салгыы тугу дьаһаналларын быһаарыахтарын ыйда.

Бастакы баартыйаҕа хапсан 25 киһи үлэлии тиийбит, бу үлэ салҕаныаҕа диэн Ил Дархан бэлиэтээтэ.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0