Саха дьахтара – бырамыысыланнаска

25.03.2020
Бөлөххө киир:

Мин бүгүн билиһиннэрэр сэһэргэһээччим — саха дьахталларыттан алмаас бырамыысыланнаһыгар 17 саастааҕыттан үлэлээбит, уопсайа 55 сыл үлэ ыстаастаах Нина Никоновна Афанасьева.

Үөһээ Бүлүү Көтөрдөөх сэлиэнньэтигэр 50-чалаах номнуо сааһырбыт дьахтар мурун бүөтэ кыыстаммытыгар чугастааҕы эргин ыаллара бары сөхпүттэрэ, соһуйбуттара даҕаны. Итинник биэс оҕолоох ыалга кини алтыс оҕонон кэлбитэ. Нина Боотулуу оскуолатын бүтэрэн баран, алмаастаах куоракка үлэлии, олоххо бэйэтин миэстэтин көрдүү барбыта.

Симиэнэнэн үлэ 
Ол саҕана убайа уонна эдьиийэ Мииринэйгэ милииссийэҕэ үлэлииллэрэ, саҥаһа кыыһы сиэтэн илдьэн, 2 №-дээх фабрикаҕа үлэҕэ киллэрбитэ. Сокуоннай сааһын туола илик буолан, кыыс маҥнай утаа үлэһиттэргэ уу оргутар, соттор уларытар эбээһинэстээх этэ. Онтон 18-һын туолаатын кытта грохотовщигынан, липкостнай сепараторга симиэнэнэн үлэҕэ туруорбуттара. Нина күнүстэри-түүннэри, хайдах симиэнэҕэ түбэһэриттэн, улахан агрегакка күндү таастар араас буору-тааһы кытта лүһүгүрээн ааһалларын көрөрө, массыына харан хаалбатын хонтуруоллуура.
Уопсайа түөрт симиэнэ дьуһуурустубата оҥоһуллара, бастакы сарсыарда 8 чаастан 16 чааска диэри, иккис 16 чаастан түүн 24 чааска диэри уонна 24 чаастан сарсыарда 8 чааска диэри. Ол кэмҥэ биир симиэнэ сынньанар.
Алмааһы атын таастартан араарарга үөрэнээри,
фабрикалара сабыллыбытын кэннэ, Нина Никоновна 3 №-дээх фабрикаҕа пеннай сепарация диэҥҥэ көспүтэ. Алмааһы атын таастартан, буортан-сыыстан араарарга арыылаах барабааны эргитэллэрэ, онно күндү таас сыстан хаалар, итинник албастаан наардыыр этилэр. Оттон пеннай сепарацияҕа саамай кыра, бытархай күндү таастары химическэй састаабы кытта булкуйан, салгынынан үрдэрэн, буортан ыраастыыллара. Кэлин алмааһы сортировкалыыр киин тэриллиэҕиттэн, Нина Никоновна онно отучча сыл илиитин араарбакка үлэлээн кэллэ.

Төгүрүк суукка үлэлиир – оҕо уһуйаана
«Тыа сириттэн кэлбит килбик кыыс эмискэ атын омуктар ортолоругар киирэн үлэлиирэ уйулҕа өттүнэн маҥнай ыарахан соҕус этэ. Нууччалыы сатаан саҥарбакка, онтон кыбыстан, сылы быһа дьону кытта кэпсэппэккэ сылдьыбытым. Онтон айаҕым аһыллан, бииргэ алтыһан, эн-мин дэсиһэн баччааҥҥа диэри үлэлии сылдьабын.
Оҕо сааспыттан хара сарсыарда күн тахсыаҕыттан ийэбэр пиэрмэҕэ ынах ыырга көмөлөспүт, ыарахан үлэҕэ миккиллибит буоламмын, үлэбин төрүт ыарырҕаппатаҕым. Улахан тиэхиньикэ, араас омук миэхэ барыта сонун этэ. Арай үөрэммэккэ хаалбытым, оччолорго үөрэх төһө да босхотун иһин, атын куоракка айанын ороскуотун уйунан барыахха-кэлиэххэ наада этэ.
Оҕом кыратыгар төгүрүк суукка үлэлиир оҕо уһуйаана баара, түүҥҥү симиэнэҕэ барарбар уолбун онно хаалларарым. Кэлин ийэм эдьиийим аахха көһөн кэлбитэ, онон оҕо көрсөр киһи куруук баар буолара, кэргэним да ийэтэ көмөлөһөрө.
Урут даҕаны элбэх саха оҕото бырамыысыланнаска киирэн үлэлиир этилэр, ол эрэн, тутуһан хаалбыт, өр үлэлээбит киһи олох аҕыйах. Билигин алмааһы сортировкалыыр сыахха үрдүк үөрэҕи бүтэрэн кэлбит саха кыргыттара үгүстэр, атын омуктартан хаалсыбаттар, үлэҕэ интэриэстээхтэр, тардыһыылаахтар. Москваҕа баран үөрэхтэрин чиҥэтэн, эбии кууруска үөрэнэн кэлэллэр», — диэн кэпсиир кини.

Дьоллоох киһи үлэлээх

Саха сиригэр хостонор алмаастар үгүс киһи сыралаах үлэтин түмүгэр фабрикаларга уруудаттан ыраастанан, сортировкалыыр сыахха мунньуллан кэлэллэр. Ону Нина Афанасьева үлэҕэ куттала суох буолуутун хааччыйар салааҕа алмааһы хайдах арааралларын хонтуруоллуур.
«Ити алмаастары көрөн, бу сир анныгар ким маннык бэйэлээх кэрэ таастары айан таһаарбытын сөҕөбүн. Аан дойдуга араас омуктар кэрэ аҥаардарыгар Сахабыт сирин алмааһыттан оҥоһуллубут бирилийээн киэргэллэри бэлэхтээн эрдэхтэрэ», — диэн этэр.
Үйэтин тухары пиэрмэҕэ ыанньыксыттаабыт, этэргэ дылы, өрүү күүстээх үлэ үөһүгэр сылдьыбыт ийэтэ Анастасия Егоровна “Дьоллоох киһи үлэлээх” диэн оҕолорун кыра саастарыттан үлэни өрө тутарга үөрэппитэ. Аҕалара Никон Алексеевич Алексеев каадырыбай булчут буолан сис тыаны кэрийэн, бултаан-алтаан дьиэ кэргэнин иитэрэ.
Нина Никоновна убайа Григорий Никонович Чурапчыга үтүөлээх хирург буолбута, кэлин хирургия салаатыгар кини аатын иҥэрбиттэрэ. Саамай улахан убайа — Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии бэтэрээнэ, биир убайа — тыа хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ. Онон оҕолор ийэлэрин үтүө сүбэтин ылынан, бары араас салааҕа үлэһит үтүөтэ, киһи киэнэ килбиэннээҕэ буолан үүнэн-сайдан тахсыбыттара.

70-нун ааһан да баран – үлэ үөһүгэр

Кэргэнэ, ыал аҕа баһылыга Мииринэйгэ тутууга үлэлээбитэ, бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан баран таксига үлэлиир. Уоллара Александр «АЛРОСА» тутууга салаатыгар монтажник, Архангельскайга уонна Ньурбаҕа фабрикалары тутуспута, куоракка араас эбийиэктэр тутууларыгар үлэлиир, номнуо үлэ бэтэрээнэ. Нина Никоновна эдэр сааһыгар суох буолбут эдьиийин үс оҕотун, кыргыттарын көмөлөһөн улаатыннарбыта, кинилэртэн түөрт сиэннээх уонна биир хос сиэннээх.
Бүгүҥҥү сэһэргэһээччим үлэ кэнниттэн сайын даачаҕа сибэкки, оҕуруот аһын арааһын олордор. Тиэргэнэ сыл ахсын сибэкки араас өҥүнэн симэнэр. Чөл олоҕу тутуһан, хаалыктаах хаамыынан дьарыктанар, доруобуйатын тупсарар, чэбдигирдэр кинигэлэри ааҕар.
Ойуурга тахсан, сибиэһэй салгыны эҕирийэн, дойдубут кэрэ айылҕатын көрөн, дууһалыын уоскуйан, санаалыын налыйан, сылайбытын аһарынан, күннээҕи түбүгүн умнан кэбиһэр. Сайынын эмтээх оттору, отону, тэллэйи хомуйан аралдьыйар.
Сыл ахсын уоппускатын икки гына аҥаардаан ылар, бииригэр Саха сирин  устун айанныыр, Дьокуускайга балтыларыгар ыалдьыттыыр, иккис аҥаарын дьонун кытта дойду киин куораттарыгар, муораҕа сынньанан, сири-дойдуну көрөн кэлэллэр.

Дьон санаата уларыйда 

“Сэбиэскэй бириэмэҕэ биир тэрилтэҕэ үлэлээтэххэ, улахан ытыктабыл, чиэс-бочуот курдук этэ, оттон билигин олох уларыйан, атын көрүү кэллэ. Биир үлэҕэ киирэн куруук биири хаһа сылдьар дьон үлэтиттэн салҕан хаалар, интэриэһэ уостар, сайдыбат дииллэр. Онон аныгы киһи араас үлэҕэ эриллэн, биир сиргэ олорон хаалбакка, бэйэтин кыаҕын, дьоҕурун арыйыахтаах. Этэллэрин курдук, оннооҕор турар уу сытыйар, оннук буолбатын туһугар хамсааһын тахсыахтаах.
Оттон мин биир миэстэҕэ олорбот майгылаахпын, онон биэнсийэҕэ түөрт эркиҥҥэ хаайтаран олорорбун сөбүлээбэппин, ол иһин төһө да бу ыам ыйыгар 72-бэр үктэнээри сырыттарбын, үлэ үөһүгэр, дьон ортотугар сылдьарбын астынабын”, — диэн кэпсээнин түмүктүүр олоҕун бырамыысыланнаска анаабыт саха Далбар хотуна.

Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0