Бырамыысыланнаһы сайыннарар пуондаҕа 273 мөлүйүөн көрүлүннэ

Бөлөххө киир:

Саха сирин бырамыысыланнаһын сайыннарыы пуондатыгар 273 мөлүйүөн солкуобайы ыыттылар, ол иһигэр 173 мөлүйүөн солкуобай – федеральнай бүддьүөттэн, 100 мөлүйүөн солкуобай – эрэгийиэннээҕи бүддьүөттэн.

Бу пуонда көмөтүнэн ювелирнай, ойуур, чэпчэки бырамыысыланнас хайысхаларыгар үлэлиир бырайыактар 1%, 3%-наах кирэдьииттэри ылар кыахтаахтар. Саха сирэ бу хайысханан федеральнай бүддьүөттэн атын эрэгийиэннэри кытары тэҥнээтэххэ,  саамай элбэх сууманы ылла. 2021 сыл түмүгүнэн РФ бырамыысыланнас уонна эргиэн министиэристибэтэ өрөспүүбүлүкэ бырамыысыланнай кыаҕын үрдүктүк сыаналаабыта. Ааспыт сыл тохсунньу-алтынньы ыйдарыгар бырамыысыланнай оҥорон таһаарыы индексэ 121,2%-ҥа тэҥнэспитэ. Бу дойду үрдүнэн үрдүк көрдөрүү.

2021 сыл ахсынньытыгар Айсен Николаев Анал этиитигэр олохтоох оҥорон таһаарыыны өйөөһүн саҥа түһүмэҕин биллэрбитэ. Бырамыысыланнас сайдыытын пуондатыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи бүддьүөттэн аан бастаан 100 мөлүйүөн солкуобай бэриллэрин иһитиннэрбитэ.

Онон бу миэрэ олохтоох оҥорууну кэҥэтэргэ, үлэ миэстэлэрин хаалларарга туһуланар. Ордук металлургия эйгэтигэр үлэлиир бырайыактар өйөнүөхтэрэ. Тутуу эйгэтигэр бу олус наадалаах бородууксуйа буолар.

Санатар буоллахха, Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорумҥа Айсен Николаев РФ бырамыысыланнаска, эргиэҥҥэ миниистирэ Денис Мантуровтыын көрсөн, өрөспүүбүлүкэҕэ бырамыысыланнас сайдыытын туһунан кэпсэппиттэрэ, былааннары торумнаабыттара.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: sakhagov.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0