Балаҕан ыйын 1 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бырама сэлиэнньэтигэр “Мин Сахам сирэ —XXI үйэҕэ” үтүө дьыала хамсааһын чэрчитинэн оскуола-уһуйаан дьиэтэ үлэҕэ киирдэ.
Оскуола дьиэтэ 50 миэстэлээх, оттон уһуйаан –18. Дьиэ уопсай иэнэ – 1000 кв.м. Тутуу суумата 34,8 мөл. солк. суумаҕа тэҥнэспит. Итинтэн баһыйар үгүс сууматын улуус бэйэтэ уйуммут. Олохторугар бэлиэ күн оскуола үөрэнээччилэрэ бары сахалыы таҥнан, симэнэн кэлбиттэр.
Санатан эттэххэ, кэлин Саха сирэ тутуу ороскуотун аччатаары уонна кыра нэһилиэнньэлээх дэриэбинэлэргэ лоп-бааччы буоларын курдук, аҕыйах сылтан бэттэх оскуоланы кытта оҕо саадын биир бырайыагынан тутар буолла. Кэлин бу холобур атын эрэгийиэннэргэ эмиэ хамаҕатык тарҕанан эрэр.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1