Бырайыас үрдээһинэ икки өрүттээх

14.12.2016
Бөлөххө киир:

Маршрутнай оптуобустар куорат олохтоохторугар номнуо Саҥа дьыллааҕы «бэлэхтэрин» оҥорон, бырайыастарын 25 солкуобайга диэри үрдэттилэр. Ити тарыып өссө атырдьах ыйыгар киириэхтээх этэ даҕаны, тиэхиньиичэскэй өттө кыаллыбакка, арыый да хойутаан олоххо киирдэ. Урукку сылларга сыана биир-икки солкуобайынан үрдүүр эбит буоллаҕына, бу сырыыга 5 солкуобайынан улаатта, өссө дифференцированнай төлөбүр диэн баар буолла.

Анивера Акимова, «Саха сирэ», https://edersaas.ru/

Элбэхтик айанныыр киһи барыһырар

Дифференцированнай ньыма төлөбүрэ сорох регионнарга киирбитэ ыраатта. Арааһа, ону батыһан эбитэ дуу, Дьокуускай куорат эмиэ ол долгунугар оҕустарда. Ол курдук, пассажир төһө элбэхтик оптуобуһунан айанныыр да, соччонон билиэт сыаната чэпчиир, онно анаан «Алмаасэргиэнбаан» атыыга «УльтраЛайт» диэн анал каартаны таһаарда.

“УльтраЛайт” каарта үс араастаах. 60 айан сыаната 960 солкуобайдаах. Ол аата биир сырыы 16 солкуобайга тэҥнэһэр. 40 айан – 18 солк. (каарта сыаната 720 солк.), 20 айан – 20 солк. (каарта сыаната 400 солк.). Биир өттүнэн ыллахха, элбэхтик айанныыр дьон барыһыран тахсаллар. Холобур, ахсынньыга диэри уу харчынан биир сырыы иһин 20 солк. төлүүр этибит. Ону 60 айаҥҥа төгүллээтэхпитинэ, 1200 солк. тахсар. Онон урукку сыанатааҕар быдан барыстаах. Ол эрээри, оптуобуһунан хам-түм айаннааччылар төттөрүтүн ночоотураллар.

Харчы баан «хармааныгар» киирбэт

Күннэтэ оптуобус өҥөтүнэн үгүс куорат олохтооҕо туһанар. Түөрт киһиттэн турар ыал ортотунан күҥҥэ оптуобуска 200 солк. кэриҥэ харчыны “тэбиир”. Маны ыйга суоттаан таһаардахха, ыал бэйэтин хармааныттан 6000 кэриҥэ солкуобайы ууран биэрэр. Өссө үлэни, үөрэҕи таһынан атын сиргэ айанныыр буоллаҕына, ороскуотун кээмэйэ төһө эмит улаатар.

Аны 960 солкуобайга каарта атыылаһан баран, икки ый устата кыайан туһаммакка хааллаххына, харчыҥ күдэҥҥэ көтөн, «умайан» хаалар. Бу икки ый устата сорох дьон командировкаҕа барыахтарын, биитэр ыалдьан дьиэҕэ олоруохтарын эмиэ сөп ээ. Ол учуоттамматаҕа дьикти. Аны туһаныллыбакка хаалбыт харчы ханна барарый диэн санаа үөскүүр. Эбиитин каартаны сүтэрдэххэ, харчыта төннөрүллүбэт эбит.

«Туһаныллыбакка хаалбыт харчы барыта «Алмаасэргиэнбааҥҥа» хаалар үһү! «Дьокуускай куорат мэрэ Айсен Николаев ойоҕун бааныгар оптуобус харчытын «тэбэ» сытар үһү» диэн социальнай ситимнэргэ кэпсэтэллэрин үгүстүк ааҕыахха сөп. Ол эрээри «Пассажирдары таһар Дьокуускайдааҕы автотранспортнай хампаанньа» МУП дириэктэрэ Сергей Максимов тарыып үрдээһинэ — тиэхиньикэ, саппаас чааһын уонна уматык сыаната улааппытыттан диэн ЯСИА-ҕа иһитиннэрдэ.

Оттон «Алмаасэргиэнбаан» официальнай сайтыгар суруйарынан, билиэт харчыта барыта авто-тырааныспар предприятиетыгар киирэр. Кинилэр бырайыак технологическай өттүн эрэ хааччыйаллар эбит. Иккиһинэн, «Алмаасэргиэнбаан» эрэ Дьокуускай куорат территориятыгар бырайыас төлөбүрүн ылар анал автоматизированнай ситими (АСОП – автоматизированная система оплаты проезда) үлэлэтэр.

Атын регионнарга

Ыаллыы олорор регионнарбытыттан, саамай үрдүк бырайыаһы Магадан олохтоохторо төлүүллэр. Оптуобус төлөбүрэ – 27 солкуобай. Оттон Петропавловскайдааҕы-Камчаткаҕа — 26 солкуобай. Үһүс бочуоттаах миэстэҕэ Саха сирэ сылдьар.

Ааспыт ыйга Хабаровскайга командировкаҕа сылдьан, оптуобуһунан айаннаары гыммыппар, олохтоохтор трамвайга олорорбор сүбэлээбиттэрэ. 22 солк. эбит. Оттон оптуобус төлөбүрэ – 24 солкуобай.

Россия бары регионнарын иилии хабан ылан көрдөххө, Екатеринбурга – 26 солк., Липецкэйгэ – 14 – 20 солк., оттон Воронеж куоракка күнүскү өттүгэр – 15 солк., түүҥҥү өттүгэр – 20 солк.

Хаартыска: интернеттэн.

Анивера АКИМОВА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0