Ил Дархан Егор Борисов Ил Түмэн дьокутааттарыгар, уопсастыбаннаска ааспыт нэдиэлэҕэ сэттис төгүлүн Анал этиитин иһитиннэрдэ. Бу сырыыга Егор Афанасьевич олохтоох оҥорон таһаарыы суолтатын үрдэтэргэ, бу үлэҕэ муниципальнай тэриллиилэр бастакы уочарат ылсыахтаахтарын бэлиэтээтэ.
Өскөтүн бу кэнники сылларга Егор Борисов Саха сирин сайдыытын түөрт хайысхаҕа (Арктика, тыа сирэ, промышленнай оройуоннар, Дьокуускай куорат) арааран сайдыы торумун ыйбыт, нэһилиэнньэлээх пууннары тупсарыыга үлэни ыыппыт, уопсастыбаннас уонна былаас бииргэ үлэлээһиннэригэр болҕомтотун хатаабыт буоллаҕына, быйылгы Анал этиитигэр олохтоох оҥорон таһаарыыга, салайар үлэҕэ саҥа ньыманы киллэриигэ, исписэлиистэри бэлэмнээһиҥҥэ туһаайыыларын эттэ. Саас сааһынан кылгастык ырытан көрүөххэ.
Бүддьүөккэ 3 млрд солк. эбиллиэҕэ
Бастатан туран, Егор Афанасьевич бүддьүөккэ сыһыаран тугу эппитин кылгастык ахтан аһарыым. Санатан эттэххэ, Ил Түмэн ааспыт нэдиэлэтээҕи сессиятыгар дьокутааттар кэлэр сыллааҕы үбүлээһин сокуонун барылын бастакы ааҕыытын көрбүттэрэ.
Манна даҕатан, Ил Дархан Саха сиригэр үлэлиир улахан хампаанньалар эһиил нолуогу киллэриилэрэ 2 % элбиэҕин сабаҕалаан туран, дохуоттаах чааһы 3 млрд солк. улаатыннарарга этии киллэрдэ. «Социальнай бэлиитикэҕэ эһиил 27,5 млрд солк. барыаҕа. Ити бүддьүөппүт 17 % ылар. Хамнаска диэн 68 млрд солк. көрөн олоробут (бүддьүөт 42 % ылар). Эйгэлэринэн ылан көрдөххө, үөрэххэ бүддьүөт – 23 %, коммунальнай хаһаайыстыбаҕа – 15 %, тыа хаһаайыстыбатыгар – 6 % уонна доруобуйа харыстабылыгар 5,6 % ороскуоттаныаҕа», — диэн иһитиннэрэр Егор Афанасьевич.
Хамнас туһунан кэпсииригэр Ил Дархан хаһаайыстыбаннай тэрилтэлэргэ туһаайан, хамнаһы хайаатар да төлүүргэ модьуйда. Уонна үп-харчы боппуруоһун түмүктүүрүгэр бүддьүөт ороскуоттаах чааһын көдьүүстээхтик туһаныы бэбиэскэттэн түспэтин бэлиэтээтэ. Ити аата куру ыга тардыныы «эрэсиимэ» салгыы да салҕанар. Ол эрээри социальнай эйгэ үбүлээһинэ тыытыллыбат.
Ол оннугар инвестицияҕа угуллар харчы кыччаан биэриэҕэ. «Биһиги хайдах да социальнай эйгэбититтэн үбүлээһини быһар-отор кыахпыт суох, ол оннугар былааннаммыт тутууларбытын болдьоҕун уһатан биэриэхпит», — диэн Егор Борисов нэһилиэнньэни кытары көрсүһүүтүгэр эппитин хатылаан этиим. Манна даҕатан, Егор Афанасьевич Анал этиитигэр сорох судаарыстыбаннай бырагыраамаларга (социальнайтан ураты) сарбыйыы, өрөспүүбүлүкэ көрөн олорор дьиэлэрин, эбийиэктэрин сөптөөхтүк туһаныы, бүддьүөттэн үбүлэнэр тэрилтэлэр салайар аппараттарыгар хамнаһы кыччатыы суотугар үбү-харчыны кэмчилээһин барыахтаах. Манна даҕатан эттэххэ, эһиил уонна кэлэр икки сылга «Мин Сахам сирэ – XXI үйэҕэ» үтүө дьыала хамсааһыныгар үбүлээһин оннунан, 500 мөл. солк. хаалыаҕа.
Санатан эттэххэ, кэнники алта сылга бүддьүөт дохуоттаах чааһа 81 млрд солк. улаатта. Ол иһигэр өрөспүүбүлүкэ бэйэтэ киллэринэр дохуота 2,4 төгүл (68 млрд. солкуобайынан) үрдээтэ. Манна «АЛРОСА», «Транснефть», «Сургутнефтегаз», «Роснефть» курдук улахан хампаанньаларбыт өҥөлөрө улахан. Холобур, быйыл «АЛРОСА» сыл түмүгүнэн, өрөспүүбүлүкэҕэ нолуок быһыытынан угар харчыта барыта 62 млрд солк. тэҥнэһиэхтээх.
Бырайыагынан үлэ
Өйдүүргүт буолуо, биэс сыллааҕыта Саха сирэ үбү тыырыыга биир бастакынан бырагырааманан үлэҕэ киирбитэ. Ол эрээри уопут көрдөрбүтүнэн, тирээн турар кыһалҕалары быһаарыыга үбү-аһы бу бырагыраамаларга сыһыара охсор кыаллыбат этэ. Онон салайар үлэҕэ бырайыагынан үлэни киллэрии – бу саҥа кэм ирдэбилинэн буолар. Бу туһунан РФ премьер-миниистирэ Дмитрий Медведев ааспыт ыйга Сочитааҕы форумҥа эппитэ. Кини онно «мэ, бу маны толор» эбэтэр «бу кумааҕыны толордум» диэн биэдэмистибэннэй салайыы тохтуохтааҕын иһитиннэрбитэ.
Манна сыһыаран эттэххэ, Россия регионнарыгар маннык салайыы ньымата пилотнай бырайыак быһыытынан киирбитэ биэс-алта сыл буолла. Кинилэртэн бастыҥнарынан Белгород уобалаһа буолар. Онон былырыын сэтинньигэ Егор Борисов Саха сирин дэлэгээссийэтин ыытан, регион хайдах үлэтин тэрийэн олорорун көрдөрбүтэ. Оттон быйыл от ыйыгар «Толорор былааска бырайыагынан үлэ систиэмэтин киллэрии туһунан» диэн анал дьаһалын таһаарбыта.
«Бырайыагынан үлэ судаарыстыбаннай бырагыраамаларбыт уонна бүддьүөт көдьүүстээхтик үлэлииллэригэр туһуланар. Инвестицияны киллэрэрбитигэр, салайар үлэбитин өссө дьэҥкэ оҥорорбутугар көмөлөөх, ону сэргэ министиэристибэлэр, биэдэмистибэлэр бэйэ-бэйэлэрин кытары үлэлэһиилэригэр далаһа буолуоҕа. Уонна саамай сүрүнэ бу үлэ ньымата хас биирдии кэллэктиип биир сомоҕо буоларын ситиһиэхтээх, хас биирдии үлэһит айар дьоҕурун арыйыахтаах», — диэн бэлиэтиир Егор Борисов Анал этиитигэр.
Уонна бу маннык саҥа ньыма өрөспүүбүлүкэ эрэ таһымыгар буолбакка, сотору кэминэн улуустарга, нэһилиэктэргэ эмиэ киириэҕин туһунан эттэ.
Бырабыыталыстыба саҥа састааба
«Биһиги билигин үлэһиттэри саҥа үлэ ньыматыгар киллэрэ охсуохпутун наада. Онуоха каадыры аттаран туруоруу, бырабыыталыстыбаҕа уларытыылары киллэрии барыахтаах», — диэн Егор Афанасьевич Анал этиитигэр иһитиннэрэн туран, сотору кэминэн бырабыыталыстыба саҥа састаабын туһунан ыйаах таһаарыаҕын эттэ.
Санатан эттэххэ, алтынньыга саҥа премьер-миниистиринэн, эрдэ Экономика миниистирин солбуйааччынан үлэлии сылдьыбыт, Евгений Чекин анаммыта. Онтон бу соторутааҕыта Инвестиционнай сайдыы министиэристибэтэ тэриллиэҕин, сорох министиэристибэлэр холбоһуохтарын туһунан докумуон бэлэмнэнэ сылдьара иһиллибитэ. Онон бу күннэргэ ыйаах тахсарын күүтэбит.
Саха сирин брендэ
Ил Дархан быйылгы Анал этиитигэр сүрүн болҕомтотун олохтоох оҥорон таһаарыыга уурда. Санатан эттэххэ, быйыл алмааһы кырыылааччылары, ювелирнай эйгэ үлэһиттэрин кытары көрсүһүүтүгэр Саха сирин брендин өрө тутар наадатын туһунан эппитэ. Арааһа онтон сиэттэрэн: «Өрөспүүбүлүкэбитигэр бэйэ оҥорон таһаарыыбытын инники күөҥҥэ таһаарарбыт уолдьаста. Саха сирин бородууксуйаларын бренд оҥостуохпутун наада. Бастатан туран, алмааһы кырыылааһыны, ювелирнай эйгэбитин таһаарыаҕыҥ. Ону сэргэ ойуур комплексын, тутуу матырыйаалын, таҥаһы-сабы тигиини, тыа хаһаайыстыбаларын бородууксуйаларын, информационнай технология эйгэлэрин көрүөҕүҥ», — диэн Анал этиитигэр бэлиэтээтэ.
Уонна бу боппуруоһу түмүктүүрүгэр: «Нэһилиэнньэ үлэлээх уонна дохуоттаах буолуутун хааччыйарга олохтоох оҥорон таһаарыыны өрө тутарбыт улахан суолталаах. Холобур, тымныыбытын, айылҕабытын туһанан туризмы сайыннарыахха сөп. Ити курдук киһи килиэптээн аһыыр харчытын булунар эйгэлэрэ элбэхтэр эбээт», — диэн эттэ. Ити арааһа ордук баһылыктарга туһаайылынна.
Хаарбах дьиэ боппуруоһа
Билигин «Хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү» федеральнай бырагырааманан барыта 7,6 тыһыынчаттан тахса киһи туһанна, 124 тыһ. кв м дьиэ көтүрүлүннэ. Манна даҕатан эттэххэ, Егор Борисов былырыыҥҥы Анал этиитигэр быйыл 600 тыһ. кв м иэннээх дьиэ тутуллуохтааҕын туһунан эппитэ.
Өскөтүн аҕыйах сыллааҕыта бу федеральнай бырагыраама Дьокуускай куоракка эрэ туһулана сылдьыбыт буоллаҕына, билигин өрөспүүбүлүкэбит 43 муниципальнай тэриллиитигэр үлэлиир. Эһиил бу бырагыраама, былаан быһыытынан, тохтуохтаах. Ол эрээри Егор Афанасьевич Тула уонна Ульянов уобаластарын губернатордарын кытары кыттыһан бырагырааманы салгыырга туруорса сылдьар. Онон эһиилги сыл хаарбах дьиэлэри көтүрүүгэ улахан суолталаах сылынан буолуоҕа. Ол эрээри Ил Дархан «Сүрүн ыйытыы» диэн бырайыакпытыгар иһитиннэрбитинэн, бырагыраама тохтуур да түгэнигэр өрөспүүбүлүкэттэн харчы көрүллэн дьиэлэри саҥардыы салгыы да барыахтаах.
Ону таһынан эһиилги сыл коммунальнай хаһаайыстыбаҕа эмиэ эппиэттээх сылынан буолуохтаах. Билэргит курдук, билигин Саха сиригэр кытаанах бөҕү хомуйууга киин операторы булуу, ону сэргэ Дьокуускай куоракка ууну хаһаанар, ыраастыыр комплексы тутуу боппуруостара быһаарылла сылдьаллар. Манна сыһыаран, Егор Афанасьевич Анал этиитигэр промышленнай эбийиэктэргэ тулалыыр эйгэни харыстааһын бастакы уочарат көрүллүөхтээҕин туһунан бэлиэтээтэ.
Аграрийдарга саҥа ыйаах тахсыаҕа
Быйыл тыа хаһаайыстыбатыгар саҥа сокуон тахсан, бу эйгэҕэ биир эмиэ баттаамалаах сылынан буолла. Эһиил тохсунньуттан бу сокуоммут үлэлээн барыахтаах. «Бу сокуоҥҥа – эрэлбит улахан. Манна суруллубут систиэмэ олоххо толору киирэрин туһугар ыйыллыбыты барытын үлэлэтэрбит, сорох ардыгар харыны да ньыппарынан үлэлиирбит, ирдэниллэр. Эрдэ эппитим курдук, тыа хаһаайыстыбатыгар судаарыстыбаттан кэлэр көмө кыччаабат, төттөрүтүн, ити көмө бары хайысхалары хаптахха, элбээн тахсыахтаах. Ол эрээри үбүлээһин бу тирээн турар кыһалҕаны быһаарыыга эрэ буолбакка, бу эйгэни ырыынак систиэмэтигэр таһаарыыга, сайыннарыыга, дьон өйүн-санаатын уларытыыга туһуланыаҕа», — диэн бэлиэтиир Анал этиитигэр Егор Борисов. Ити бастакытынан.
Санатан этиим, бу сокуоҥҥа биир саамай сүрүн боппуруоһунан үүт, эт, о.д.а. бородууксуйалар оҥоһуллар сыаналара быһыллыахтааҕа, оҥорон таһаарар табаары батарыы быһаарыллыахтааҕа. Ол иһин, иккиһинэн, Ил Дархан бородууксуйаны батарыыга оҥорон таһаарар тэрилтэлэри бэйэлэрин сыһыарарга этии киллэрдэ.
Үсүһүнэн, тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлиир исписэлиистэри үөрэтиигэ агрооскуолалар, орто анал уонна үрдүк үөрэх кыһалара биир ситимнээхтик үлэлиэхтээхтэрин бэлиэтээтэ. Манна даҕатан эттэххэ, билигин Тыа хаһаайыстыбатын техникумун уонна СГТХА-гар холбооһун боппуруоһун үөрэтэ сылдьаллар. «Аграрнай үрдүк үөрэх кыһата билигин уларыйыан-тэлэрийиэн наада», — диэн этэр Егор Афанасьевич. Уонна сотору кэминэн тыа хаһаайыйыстыбатын каадырдарын аттаран туруорууга анал ыйаах таһаарыаҕын туһунан иһитиннэрдэ.
Төрдүһүнэн, нэһилиэктэргэ дьоҕус агрокластердары тэрийии тарҕаныахтааҕын туһунан эттэ. Билигин маннык кластердар Чурапчыга, Намҥа, Мэҥэ Хаҥаласка киирэн тураллар.
Элбэх оҕолоох ыалга көмө
Бу соторутааҕыта Егор Борисов бэйэтин кэбиниэтигэр кыһалҕалаах дьону кытары көрсүбүтэ. Онно «Туймаада» төрөппүттэр сойуустарын салайааччыта Саргылаана Шестакова элбэх оҕолоох ыалларга судаарыстыбаннай култуура уонна спорт эбийиэктэригэр сылдьалларыгар чэпчэтии оҥорор туһунан боппуруоһу көтөхпүтэ. Саргылаана Ивановна этиититтэн сиэттэрэн, Егор Афанасьевич Анал этиитигэр: «Билиҥҥи балаһыанньа ордук элбэх оҕолоох ыалга охсор. Онон билигин кинилэргэ көмөлөһөр саҥа суолу тобулуохпутун наада», — диэн бэлиэтиир.
Ыспыраапка быһыытынан эттэххэ, билигин элбэх оҕолоох ыалларга «Дьиэ кэргэн» өрөспүүбүлүкэтээҕи Ийэ хапытаалыттан 15 тыһ. солк. туһаналларыгар көҥүл бэриллэн турар, ону таһынан быйыл харчыга ыктарбыт ыаллар оҕолоругар көмө харчы көрүллэр усулуобуйата оҥоһуллубута. Уонна бу соторутааҕыта Ил Дархан элбэх оҕолоох ыалларга бэриллэр учаастактарга инфраструктураларын оҥоруу туһунан ыйаахха илии баттаабыта.
«Көрсүө медицина»
Быйыл Егор Борисов Дьокуускай куорат балыыһаларын кэрийэн, үлэһиттэри кытары көрсөн баран, түмүгэр медицина өҥөтүн тупсарыыга ыйаах таһаарбыта. Бу көрсүһүү, дьиҥэр, ылбычча буолбатах этэ. Тоҕо диэтэргин, аҕыйах сылтан бэттэх доруобуйа харыстабылыгар саҥа технологияны киллэрии, балыыһалары тутуу барбыта да, дьон-сэргэ быраастарга үҥсэргиирэ тохтооботоҕо. Ол иһин манна саҥа суолу тобулуу наада этэ.
«Билигин медицинаҕа куорат да, тыа сирэ да буоллун, исписэлиистэр тиийбэттэр. Онон Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ исписэлиистэри бэлэмнээһиҥҥэ, аттаран туруорууга күүскэ үлэлэһиэн наада. Онтон медицина өҥөтүн биэриини тупсарыыга «Көрсүө медицина» диэн бырайыак төһүү буолуоҕа диэн эрэнэбин», — диэн бэлиэтиир Егор Афанасьевич.
Талааннаах оҕолору өйөөһүн
Үөрэхтээһиҥҥэ Егор Борисов Анал этиитигэр хас да түһүмэҕи бэлиэтээтэ. Бииринэн, ити үөһэ этэн аһарбытым курдук, тыа хаһаайыстыбатын исписэлиистэрин бэлэмнээһиҥҥэ. Иккиһинэн, Үөрэх министиэристибэтигэр оскуолалар, үөрэнээччилэр үлэлэрин, үөрэхтэрин сыаналыыр дьэҥкэ систиэмэ тэриллиэхтээҕин туһунан бэлиэтээтэ. Бу маны министиэристибэ эһиилги сылга олоххо киллэриэхтээҕин туһунан эттэ.
Талааннаах оҕолору өйөөһүҥҥэ сыһыаран Наука Дьоҕус академията тэриллибитин, оҕолор анал истипиэндьийэ ылан үөрэнэллэрин, бу академия аһыллыаҕыттан Россиятааҕы олимпиадаларга биһиги оҕолорбут ситиһиилээхтик кытталлара элбээбитин бэлиэтээтэ. Бу маннык хайысханан салгыы да үлэлииргэ эттэ.
Ону таһынан 2018 с. интеллектуальнай норуоттар икки ардыларынааҕы оонньуу буолуохтааҕын санатан туран, кыттааччылары эрдэттэн бэлэмнээһин барыахтааҕын санатта.
Манна даҕатан, оҕолор оскуолаттан идэлээх буолан тахсыыларыгар уонна идэни баһылааһыннарыгар болҕомтотун хатаан, 2022 с. «Junior Skills» диэн дьаһалга кырата үөрэнээччилэр чиэппэрдэрэ кыттыахтааҕын, оттон «World Skills» күрэххэ орто анал үөрэх кыһаларын устудьуоннара үс гыммыт иккилэрэ хайаатар да барыахтааҕын эттэ.
Аграфена КУЗЬМИНА.