«Саха» ханаалга «Үҥкүүлээ» саҥа бырайыак көстүөҕэ

Бөлөххө киир:

«Саха» национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа күһүҥҥүттэн «Үҥкүүлээ!» диэн саҥа бырайыагы саҕалыаҕа. Бу куонкуруска 18 саастарын туолбут үҥкүүлүүрүн сөбүлүүр дьон кыттыан сөп.

«Саҥа дьыл кэнниттэн биһиэхэ “Эн сулускун 50+” ырыа куонкуруһа буолбута. Олус элбэх киһи сэргээбитэ. Сахабыт сирэ талааннаах дьонунан баай, ол иһин күһүн аны үҥкүү куонкуруһун тэрийэргэ сананныбыт. Хас биирдии нэһилиэккэ, тэрилтэҕэ үҥкүүлээн тэйэр киһи элбэх буолуохтаах», — диир толорооччу продюсер Алена Антонова.

Куонкурус быраабылатынан идэтийбэтэх үҥкүү кэлэктииптэрэ кытталлар. Бөлөххө уонтан элбэҕэ суох киһи буолуохтаах. Биэрии быйыл алтынньы ыйтан саҕаланар. Быһа эфиргэ хас субуота аайы көстүөҕэ.

#саха_нких_сонуннара

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0