Бырайыак оҥоһулла илигин үрдүнэн хачыкааттар утаралларын биллэрдилэр

Бөлөххө киир:

Олунньу 10 күнүгэр Өлөөн улууһугар ниобий баайдаах сири туһаҕа таһаарыахтаах «Восток Инжиниринг» бэрэстэбиитэллэрэ Хаҥалас улууһун Хачыкаат олохтоохторун кытта көрсөн кэпсэттилэр. Манна биири өйдүөххэ наада. Бу уопсастыбаннай истии буолбатах, «Восток Инжиниринг» хампаанньа салгыы туох үлэни ыыта, тэрийэ сылдьарын билиһиннэрэр. Санатар буоллахха, 2015-2016 сылларга Томтордооҕу баайдаах сиргэ геологическай чинчийии ыытыллан түмүктэммит. 2017-2018 сылларга руданы хостуур бырайыагы бэлэмниэхтэр, техническэй үлэни ыытыахтаахтар. Бу икки боппуруоска уопсастыбаннай истии буолуоҕа. Барыта былаан быһыытынан бардаҕына, 2020 сылтан руданы хостооһун саҕаланыаҕа.

Александр ТАРАСОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Сүрүн иһитиннэриини «Восток Инжиниринг» ХЭУо управляющай дириэктэрэ Сергей Сергиенко оҥордо. Кини бастаан Өлөөн улууһугар баар Томтордооҕу ниобий баайдаах сир ураты сир буоларын туһунан кэпсээтэ. Ол курдук, манна сэдэхтик көстөр металлар баалларын уонна балар авиацияҕа, электроннай промышленноска, космическай ракеталары оҥорууга, суотабай төлөпүөннэргэ олус наадалаахтарын ыйда.

Нэһилиэнньэҕэ билиһиннэрииттэн

«Тоҕо Томтордооҕу руда радиациялааҕый? Баларга уран уонна торий диэн радиациялаах элеменнэр бааллар. Рудаҕа уран 0,005 % баар. Бу олус кыра. Торий 0,13 % баар. Бу кэлиҥҥи дааннайдар. Томтордооҕу былаһааккаҕа төһө саппаас баарын быһаарар геологическэй чинчийии түмүктэннэ. Бүтүн Россиятааҕы минеральнай сырьеларга институт рудаҕа төһө туһалаах металлар баалларын чинчийэр уонна радиация төһө баарын быһаарар. Геологическай чинчийии кэмигэр учаастакка 16-20 микрорентген чааска диэри этэ. Бу айылҕаҕа баар фоҥҥа тэҥнэһэр.

Салгыы ыытыллар түһүмэххэ анал хамыыһыйа геологическай чинчийии матырыйаалларынан төһө саппаас сытарын чуолкайдыаҕа уонна хайдах хостонулларын  быһаарыаҕа. 2018 сыл саҥатыттан Томтордооҕу баайдаах сири туһаҕа таһаарыы бырайыага оҥоһуллуоҕа. Бу докумуон экологическай, куттал суох буолуутугар баар бары бэрэбиэркэни ааһыахтаах. Итини тэҥэ, уопсастыбаннай истиилэр ыытыллыахтара.

Онтон 2019 сылга бырайыагы олоххо киллэриигэ бэлэмнэнии саҕаланыаҕа. Ол курдук, Томтордооҕу учаастакка вахтовай бөһүөлэги тутуохпут. Руданы хостооһун 2019 сыл кыһыныттан 2020 сылга барыаҕа. Хостонуллубут руданы учаастактан быһалыы кыһыҥҥы суолунан Өлүөнэ өрүс үрдүгэр анал ыскылааттарга харайыахпыт. Саас уу суолунан анал суудуналарынан Хачыкаакка баар анал бириистэҥҥэ аҕалан, салгыы Күөрдэмнээҕи станцияҕа тиэрдэн, поеһынан аадырыстаммыт сиригэр утаарыахпыт. Хачыкаат аттыгар Өлүөнэ өрүс биэрэгэр (Мохсоҕоллоох утары) баар сиргэ анал ыскылаат уонна бириистэн тутуллара былааннанар. Руда анал кэнтиэйнэрдэргэ угуллан тиэйиллэр. Техническэй өттүнэн ханан да быычылыа суоҕа», – диэн Сергей Леонидович билиһиннэрдэ.

Олохтоохтор утаралларын биллэрдилэр

Олохтоохтор уонна үксүн Ил Түмэн дьокутааттара тустаах хампаанньа бэрэстэбиитэриттэн араас хабааннаах ыйытыылары биэрдилэр. Олору барытын эридьиэстиир кыаллыбат. Маҥнай этиллибитинэн, руданы «Биг-Бэг» диэн кэнтиэйнэргэ уган тиэйиэхтээх этилэр. Маны үгүс киһи соччо-бачча сөбүлээбэтин биллэрдэ. Судургутук этэр буоллахха, сымнаҕас кэнтиэйнэр алдьаныан сөп эбит. «Восток Инжиниринг» ХЭУо управляющай дириэктэрэ Сергей Сергиенкоттан мунньах кэнниттэн итини ыйыппыппар, «Биг-Бэг» кэнтиэйнэри хайаан да туһанабыт диэн быһаарыы ылылла илик. Атыны да сакаастаан туһанар кыахтаахпыт. Манна даҕатан этэр буоллахха, билигин руданы хостуур бырайыак оҥоһулла илик. Аны туран, тиэйии маршрута эмиэ чуолкайдана илик. Биһиги үөрэтэн көрүүбүтүнэн Хачыкаатынан кэнтиэйдэри аһардарбыт быдан табыгастаах. Мирнэй маршрута бары өттүнэн ыарахан. Томтордооҕу учаастактан тимир көлөлөрүнэн 2000-тан км сири тиэйэр уустук боппуруос. Ол гынан баран, ити маршрутунан айаннаан барытын көрүөм-истиэм», — диэн эппиэттээтэ.

Мунньахха Хачыкаат олохтоохторо кинилэр сирдэринэн-уоттарынан ниобийдаах руда тиэйииллэрин утаралларын аһаҕастык эттилэр. Ол эбэтэр төһө даҕаны экологическэй өттүнэн ыраастык тиэллиэ диэн эппиттэрин үрдүнэн.

Ол гынан баран, нэһилиэнньэ бука барыта утарар диир эмиэ сыыһа курдук. «Восток Инжиниринг» ХЭУо управляющай дириэктэрэ Сергей Сергиенко руданы тиэйиигэ олохтоохтору үлэлэтэр санаалаахтарын аһаҕастык эттэ. Ол курдук, крановщик, стропольщик уонна суоппар наадалар эбит. Нэһилиэнньэ тоҕо 100 % утарбат диибиний? Мунньах кэмигэр хас даҕаны дьонтон ыйыталаспыппар, үксүлэрэ соччо-бачча утарбаттарын эттилэр. Холобур, Хачыкаат олохтооҕо Николай Васильев үлэтэ суох сылдьар дьон олус элбэҕин, онтон сылтаан элбэх дьиэ иччитэх турарын уонна бары үлэ көрдөөн Покровскайга уонна Дьокуускайга киирэллэрин эттэ.

Өлөөннөр туруорсуулара

Санатан эттэххэ, 2015 сыллахха тохсунньу 20 күнүгэр Өлөөн сэлиэнньэтигэр эмиэ уопсастыбаннай истии буолбута. Онно олохтоохтор сэдэх диэн аатырар сир аннынааҕы баайбыт таһырдьа тахсар күнүгэр куһаҕаннык дьайбатын туһугар сөптөөхтүк дьаһанан үлэлииллэригэр көрдөспүттэрэ. Олохтоохтор санааларын аһаҕастык уонна күүскэ этиммиттэрэ. Оттон «Восток Инжиниринг» бэрэстэбиитэллэрэ ити баайдаах сири туһаҕа таһаарыы олохтоохтор доруобуйаларыгар, айылҕаларыгар туох да охсууну аҕалыа суоҕун туһунан эрэннэрэ сатаабыттара.

Онон түмүк оҥорор эрдэ. Тоҕо диэтэххэ, сөптөөх бырайыак оҥоһулла илик. Өлөөн олохтоохторо Томтордооҕу баайдаах сири туһаҕа таһаарары улаханнык утарсыбаттар. Бырамыысалыннас улууспутугар сайдыыны аҕалыа диэн санаалаах олороллор. Саамай сүрүнэ, дьон олоҕор, доруобуйатыгар кыһамньылаахтык сыһыаннаһан, «Бураннай» учаастакка баар сэдэх металлары бары ирдэбилгэ олоҕуран туһаҕа таһааралларыгар туруорсаллар. Ону кэм-кэрдии көрдөрөн иһиэҕэ.

Мохсоҕоллооҕу утары биэрэккэ бириистэн уонна ыскылаат тутуллуон сөп

Айылҕа харыстабылын миниистирэ Сахамин Афанасьев комментарий биэрбитин манна билсиҥ.

Александр ТАРАСОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0