«Проектное управление», «дойдуну бырайыактар нөҥүө сайыннарыы» диэн этии бу кэлин элбэхтэ иһиллэр буолла. Бу туох саҥа ньыманый? Билигин үлэлии олорор госбырагыраамаларбытыттан туох атыннааҕый? Эбэтэр бу — «дьүһүн кубулуйбут», аатын эрэ уларыппыт урукку систиэмэ буолаарай?
Бу туһунан кэпсэтии премьер-миниистир Дмитрий Медведев Сочитааҕы форумҥа дойдуну, ол иһигэр регионнары, салайыыга бырайыагынан үлэ киириэхтээҕин, урукку курдук «мэ, бу маны толор» эбэтэр «бу кумааҕыны толордум» диэн биэдэмистибэннэй салайыы тохтуохтааҕын туһунан эппититтэн ыла ордук сытыырхайда.
Дьиҥэр ыллахха, бырайыагынан үлэлээһин элэмиэннэрэ биһиэхэ урут-уруккуттан бааллар. Биир чаҕылхай холобурунан «Мин сахам сирэ – XXI үйэҕэ» диэн хамсааһыммытын ааттыахха сөп. Бу үтүө дьыалабыт бырайыагынан үлэ бары түһүмэхтэригэр (туруоруммут сыалы түргэнник ситиһэр, манна өрөспүүбүлүкэ, олохтоох былаас, нэһилиэнньэ бары кыттыһаллар, эппиэтинэс барыларыгар эмиэ биирдик тарҕанар) эппиэттиир. Онон маннык бырайыактарбытын холобур оҥостон өрөспүүбүлүкэни салайыыга хайа баҕарар туһаныахха сөбө.
Ол иһин Ил Дархан бу сайын от ыйыгар «Толорор былааска бырайыагынан үлэ систиэмэтин киллэрии туһунан» диэн анал дьаһалын таһаарбыта. Бу дьаһалы таһаарыан иннинэ былырыын сэтинньигэ оробуочай бөлөҕү тэрийэн Белгородка, бырайыагынан үлэҕэ Россияҕа биир бастыҥ көрдөрүүлээх уобалаһыгар, уопут атастаһыннара ыыппыта. Онон бастаан кинилэр уопуттарын көрүөххэ.
Белгород холобура
Белгород – тыа хаһаайыстыбатынан утумнаахтык дьарыктанар регион быһыытынан биллэр. Сирэ-уота 27,1 тыһ. кв м иэннээх буоллаҕына, мантан 78,8 % тыа хаһаайыстыбатыгар туһаныллар. Уобаласка билигин 1,5 мөл. тахса киһи олорор, сыллааҕы бүддьүөттэрэ 80,1 млрд. солк. тэҥнэһэр. Белгород сылтан сыл экономикатын тупсаран, нэһилиэнньэтин ахсаанын элбэтэн иһэр уонна инвестбырайыактарынан күүскэ дьарыктанар регионнартан биирдэстэрэ.
Белгородтар регионнарын салайыыга саҥа ньыманы киллэрэн үлэлээбиттэрэ номнуо алтыс сыллара. Онон бу чааһыгар кэпсииллэрэ-ипсииллэрэ элбэх.
Бастатан туран, кинилэр бэйэлэригэр, регионнарыгар, туһааннаах сокуоннары, дьаһаллары, ыйаахтары таһаарбыттар, ол эбэтэр нормативнай-правовой базаларын оҥостубуттар. Онтон «бырайыак офиһа» диэни киллэрбиттэр. Бу офис туох баар үлэни барытын сүрүннүүр киининэн буолар.
Бырайыагынан үлэ ис хоһооно тугуй? Белгород уобалаһын сайтыгар көрдөххө, судаарыстыбаннай бырагыраамаларын барытын биир стратегия иһигэр киллэрэн үлэлэтэллэр эбит. Госбырагыраамалар эмиэ биһиэнин курдук хос бырагыраамаларга арахсаллар. Салгыы бу хос бырагыраамалар бырайыактарга бытарыйаллар. Үчүгэйэ диэн бырайыакка сыал-сорук, ону толоруу, түмүктээһин барыта бириэмэлээх буолан, олоххо киирэрэ түргэн. Уонна биир бырайыакка хас да структура (министиэристибэлэр, биэдэмистибэлэр, муниципальнай тэриллии) кыттыһан үлэлиирэ быдан көдьүүстээх. Ол эбэтэр билигин баһылык ханнык эмэ бырагыраамаҕа киирсээри миниистир илиитин-атаҕын маныыр эбит буоллаҕына, бырайыагынан үлэҕэ бары тэҥ эппиэтинэһи сүгэллэр. Манна толорор былаас регион үбүн-харчытын тутан олорор структура курдук буолбакка, үллэрээччи быһыытынан көрүллэр.
Белгородтар үлэлэрин барытын биир ситимҥэ киллэрэн «биир түннүк» систиэмэтинэн олороллор эбит. Ол эбэтэр докумуоннара барыта биир тиһиккэ сылдьаллар (электроннай бырабыыталыстыбабыт биир сүрүн сыала-соруга бу тахсан кэллэ). Ону таһынан исписэлиистэри бырайыактарга төһө кыттыбытынан көрөн рангаларга араартаабыттар, хас биирдии үлэһиккэ нуормалары олохтообуттар. Үлэһит ол нуорматын төһө толорбутунан хамнаһын аахсар эбит. Маны сэргэ толорор былаастан куратордар диэннэр анаммыттар. Онон мантан көрдөххө, бырайыагынан үлэ, бастатан туран, исписэлиистэр таһымнарын үрдэтиигэ, үлэлэрэ көдьүүстээх буоларыгар туһуланар эбит. Ол эбэтэр толорор былаас үлэтэ түмүктээх, ситиһиилээх буоларын ситиһэр.
Бу систиэмэни киллэрэн баран, белгородтар федеральнай таһымҥа сөптөөх сокуон, дьаһал суоҕа үлэни атахтыырын ыйаллар. Ону таһынан исписэлиистэри бэлэмнээһиҥҥэ, дьон өйүн-санаатын уларытааһыҥҥа ыарахаттары көрсүбүттэрин этэллэр.
Саха сирин стратегията
Белгород уобалаһын уопутун көрдөххө, биһиэхэ бэлэмнэнии үлэтэ эрдэттэн барбыт эбит. Бастакы уочарат, дьон өйүн-санаатын уларытыыга, саҥа кэрдиис кэмҥэ тахсыыга Ил Дархан өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар кэлиэҕиттэн үлэлэһэр. Инвестиционнай бырайыактары оҥорууга кэлиҥҥи кэмҥэ Саха сирэ улахан хардыыны оҥордо. Экономикабыт да биллэ тубуста (ол иһигэр дьиэ-уот тутуута, олору толору хааччыылаах оҥоруу, суол-иис оҥоруута, социальнай дьиэлэри тутуу, о.д.а.). Исписэлиистэри бэлэмнээһиҥҥэ «Миниистир», «Эдэр фермер», «Нэһилиэк», о.д.а. бырайыактар киирэннэр, саҥа тыыны уктулар.
Ону таһынан бырабыыталыстыбаттан хас биирдии нэһилиэккэ куратордар анананнар, бырабыыталыстыба уонна нэһилиэк баһылыктара бары сылга биирдэ көрсөр үтүө холобурдара бииргэ үлэлээһиҥҥэ, мэһэйи суох оҥорууга, биир бырайыакка тэҥҥэ үлэлэһиигэ төһүү күүс буолаллара саарбаҕа суох. Манна өссө уопсастыбаннай хонтуруол, сэбиэт диэн өйдөбүллэр киирбиттэрэ, коммерческайа суох түмсүүлэри, түөлбэлэри өйөөһүн бырайыагынан үлэҕэ эмиэ көмө-тирэх буолуохтаахтар.
Ол иһин, мин санаабар, Ил Дархан итини барытын киллэрэн, бэлэмнээн баран бу дьаһалын таһаарда. Тоҕо диэтэргин, бэлэмэ суох почваҕа төһө да үчүгэй сиэмэни бырахпыт иһин, араскы тардан үүнэн-силигилээн тахсара саарбах, тахсар да буоллаҕына олус бытааннык сайдыаҕа.
Онон, дьаһалга ыйыллыбытын курдук, 2030 с. диэри өрөспүүбүлүкэбит сайдыытын торумнуур стратегиябыт бырайыагынан үлэни киллэриигэ пилотнай бырайыак быһыытынан үлэлээн саҥа кэрдиис кэми арыйыахтаах. Саҥа ньыманы киллэриигэ Стратегическэй чинчийии киинэ үлэлэһиэҕэ. Инновационнай менеджмент үрдүкү оскуолата судаарыстыбаннай сулууспалаахтары үөрэтээһиҥҥэ ылсыаҕа. Эһиилгиттэн госсулууспалаахтар бары бырайыактарга үлэлэһиэхтэрэ, ону таһынан тус былааннарын оҥостуохтара. Онон бу «аатын эрэ уларыппыт» систиэмэ буолбатаҕа, эһиилгиттэн көстөн барыаҕа.
Аграфена КУЗЬМИНА