Бырабыыталыстыба ыксаллаах быһыы-майгы содулугар эмсэҕэлээбит дьоҥҥо төлөбүрү ылыыны судургутутта

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Эмсэҕэлээбиттэр дьиэҕэ олорбуттарын аны хайдах бигэргэтиэхтэрэй? Ким ону дьаһайарый?

Арассыыйаҕа ыксаллаах быһыы-майгы түмүгэр эмсэҕэлээбит дьону өйүүр ньымалары тупсараллар. Үбүнэн көмөнү ылыыга иэдээнтэн эмсэҕэлээбит,  дьиэҕэ олорор сиринэн булгучччу регистрациялааҕа ирдэммэт буолуоҕа. Бу туһунан уурааҕы Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин бигэргэттэ.

Тустаах уураах бастакы уочарат наадалаах малын-салын сүтэрбитинэн биир кэмнээх материальнай көмө уонна төлөбүр оҥоһуллар дьоҥҥо сыһыаннаах. Билигин ити харчыны ыларга, ыксаллаах быһыы-майгы буолбут зонатыгар түбэспит дьиэҕэ олорбутун эрэ бигэргэтиэхтээх. Бу үлэнэн олохтоох салайыныы уорганнара дьарыктаныахтара.

Терактар уонна контртеррористическай дьайыылартан сылтаан баайдара-дуоллара эмсэҕэлээбит урбаанньыттарга эмиэ саҥа миэрэлэр сыһыаннаах буолуохтара. Юридическай сирэй быһыытынан регистрацияламмыт тэрилтэлэргэ курдук кинилэргэ эмиэ оннук кээмэйдээх төлөбүр төлөнүөҕэ. Бу иннинэ эмсэҕэлээбит предпринимателлэргэ судаарыстыба өйөбүлэ соччо чопчута суоҕа.

РФ Бырабыыталыстыбатын саайтыттан

Бэлэмнээтэ Женни Стрюкова

Хаартыска: тустаах саайтан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0