Бүтэн быстыбат тутуулар кыһалҕаларын быһаарыахтара

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин ситэ тутулла илик эбийиэктэри салайыыга ”суол каартатын” бигэргэттэ.

Ол курдук, тутуулара тохтоон хаалбыт дьиэ-уот испииһэгин оҥоруохтара. Бүтүн Арассыыйатааҕы саҥардыллыбыт реестр баар буолуоҕа. Бу сайын ортото тахсыахтаах испииһэккэ федеральнай, эрэгийиэн уонна олохтоох бүддьүөттэр суоттарыгар толору эбэтэр сорҕото тутуллубут бары эбийиэктэр киириэхтэрэ.

Бу үлэни сүрүн сүрүннүүргэ боломуочуйа Экэниэмикэ сайдытыын министиэристибэтиттэн Тутуу министиэристибэтигэр сүктэриллиэхтээх. Сотору тустаах министиэристибэ бастакы уочарат түмүктэниэхтээх федеральнай уонна эрэгийиэннээҕи тутууларга сыһыаннаах этиилэри бэлэмниир.

Бу сыл бүтүүтүгэр диэри Росреестр, Минфин, Экэниэмикэ сайдыытыгар министиэристибэ, ФАС уонна Федеральнай Казначейство Бырабыыталыстыбаҕа аһаҕас торгдарга маннык ситэ бүтэ илик эбийиэктэри хайдах, кимиэхэ атыылыыр туһунан саҥа бэрээдэги олохтуоҕа.

“Биһиги маннык эбийиэктэри суох оҥорууга үлэлиибит. Бу үксүн социальнай суолталаах эбийиэктэр. Балар тутуллан бүтэллэрин дойду олохтоохторо кэтэһэллэр. Анал “суол каартатын” көмөтүнэн биһиги тиһиктээх үлэни тэрийиэхпит, бу кыһалҕаны быһаарыыны түргэтэтиэхпит. Муус устар 15 күнүгэр диэри бары эбийиэктэри ырытыахтара уонна хас биирдиилэринэн салгыы хайдах дьаһанары быһаарыахтара”, — диэн бэлиэтээтэ Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Марат Хуснуллин.

Манна даҕатан эттэххэ, Жатайга, Горнайга, Ленскэйгэ, Намҥа, Өлүөхүмэҕэ, Халымаҕа уонна Усуйаанаҕа 250 ситэ тутуллубатах 5 млрд кэриҥэ сыаналаах тутуу баар. Муниципалитеттар  итинник объектары барытын испииһэктээн, инвентаризациялаан сотору Экэниэмикэ министиэристибэтигэр ыытыахтара. Бу туһунан СӨ премьер-министирэ Андрей Тарасенко дьаһайбыт. Соторутааҕыта Айсен Николаев икки сыл устата итинник проблемалаах тутуулары быһаарарга сорудах биэрбитэ.

Бэлэмнээтэ Женни Стрюкова

Хаартыска: RG.RU сайтан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0