Бырабыыталыстыба оҕолоох ыаллары өйүүргэ эбии үбү көрүөҕэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Үстэриттэн сэттэ саастарыгар диэри оҕолоох дьиэ кэргэни өйүүргэ эбии 28,3 млрд солкуобайы көрүөхтэрэ. Маннык дьаһалга Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин илии баттаата.

Бу дьиэ кэргэн орто дохуотуттан тутулуктаах уонна оҕо тиийинэн олорор эрэгийиэннээҕи алын кээмэйин 50-тан 100 быр. диэри буолуон сөптөөх ыйдааҕы төлөбүр туһунан этиллэр. Билигин маннык төлөбүрү 27,7 мөл кэриҥэ оҕо ылар.

2021 сылга бүддьүөттэн бу миэрэҕэ 276 млрд солкуобай хайы-үйэ ыытыллыбыта. Эбии үбү Бырабыыталыстыба саппаас пуондатыттан ылыахтара.

Маны сэргэ үс уонна онтон элбэх оҕолоохтору өйүүргэ 5,9 млрд солкуобайы көрөр туһунан дьаһалга илии баттанна. Кинилэр оҕо үс сааһын туолуор диэри ыйдааҕы төлөбүрү ылар бырааптаахтар.

Федеральнай бүддьүөккэ бу сыалга 59 млрд тахса солкуобай көрүлүннэ. Билигин маннык көмөнү элбэх оҕолоох 620 тыһыынча ыал ылар, оттон саппаас пуонда үбүн көмөтүнэн өссө 48 тыһыынча дьиэ кэргэн ылыаҕа.

“Оҕолоох ыаллары өйөөһүн Бырабыыталыстыба тумус туттар үлэтинэн салгыы да буолуоҕа”, — диэн Михаил Мишустин бэлиэтээтэ.

РФ Бырабыыталыстыбатын саайтыттан

Бэлэмнээтэ Женни Стрюкова

Хаартыска: CИА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0