Бырабыыталыстыба 454 млрд солкуобайы биэнсийэлээхтэргэ төлүөҕэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бырабыыталыстыба 454 млрд солкуобайы биэнсийэлээхтэргэ төлүөҕэ.

Дойду баһылыгын ыйааҕынан балаҕан ыйыгар Арассыыйа бары биэнсийэлээхтэрэ уоннуу тыһыынча солкуобайы ылыахтара. Бу сыалга 433,3 млрд тахса солкуобайы көрөр туһунан дьаһалга Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин илии баттаата.

Үп-харчы Бырабыыталыстыба саппаас пуондатыттан түһүөҕэ. Бу быһаарыы туһунан Михаил Мишустин вице-премьердэри кытта ыыппыт мунньаҕар бэҕэһээ эппитэ.

“Бу харчыны дьон түргэнник ылыахтаах. Ханнык да бүрүкүрээтийэтэ суох”, — диэтэ кини.

Ону сэргэ 21,1 млрд солкуобайы байыаннай биэнсийэлээхтэргэ ыытар дьаһал илии баттанаары сытар. Ол туһунан Михаил Мишустин эмиэ аҕынна.

Биэнсийэлээхтэргэ биир кэмнээх төлөбүр уопсай кээмэйэ 454,4 млрд солкуобайга тэҥнэһиэҕэ.

10 тыһыынча солкуобайы ылыыга ханнык да сайабылыанньа уонна докумуон ирдэммэт.

Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин  “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа бэрэстэбиитэллэрин кытта көрсүһүүгэ биэнсийэлээхтэргэ уоннуу тыһыынча солкуобайы биэрэргэ этии киллэрбитэ.

РФ Бырабыыталыстыбатын саайтыттан

Бэлэмнээтэ Женни Стрюкова

Хаартыска: тустаах саайтан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0