Михаил Иванович Седалищев 1891 сыллаахха Боотуруускай улууһун Одьулуун нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Кини төрөөбүт сирэ-буора Хаамыйа үрэҕин баһыгар сытар Бүтэйдээх диэн алаас буолар. Оччолорго айан аартыгын ааһар сирэ этэ.
Кини олох кыра эрдэҕиттэн аҕатын батыһа сылдьан от мас үлэтин кыайа-хото үөрэммитэ. Сыспай сиэллээҕи, хороҕор муостааҕы үөскэтэргэ, иитэргэ кыра эрдэҕиттэн такыллыбыта. Бэйэтин көлүөнэ оҕолоро ымсыыра, сонургуу көрөр, бэйэтин кыанар тэтиэнэх, сытыы хотуу уол буолбута. Сылгыга сыстаҕас буолан, сиһин этэ ситиитэ, эр киһи күүһэ-уоҕа биллиитэ эдэр соноҕостору айааһаан биллэр-көстөр буолан барбыта. Көрөн-истэн, тутан-хабан хайа сылгы ыҥыырга эбэтэр сыарҕаҕа таһаҕаска сыһыаннаах буолуон сөбүн эндэппэккэ билэрэ. Төрөппүттэрэ сэниэ ыал буолан элбэх сүөһүлээхтэрэ, үөрүнэн сылгылаахтара. Көлүүргэ, ыҥыырга сылдьар хас да анал үчүгэй аттаахтара.
Биир сайын нэһилиэккэ хомуур биллэриллибитэ. Дьокуускай таһыгар көскө кэлэн олохсуйбут “аттакылар” диэн ааттанар нуучча дьонугар, сайыҥҥы от үлэтигэр көмөҕө ким баҕалааҕы хомуйуу буолбута. Мэхээлэ төһө да билбэтэх-көрбөтөх дьонуттан салла, куттана санаатар, саҥаны, сонуну көрөр баҕата баһыйан, аҕатын кытта барсар буолбута. Окко туттар сэптэрин-сэбиргэллэрин, малларын тиэнэн, көлүнэр аттарын сэтиилэнэн айаҥҥа туруммуттара. Дьэ ити курдук, Мэхээлэ аан бастаан төрөөбүт дойдутуттан ыраатыыта, тэлэһийиитэ саҕаламмыта.
Мархаҕа кэлэн олохсуйбут атын тыллаах нуучча дьонун кытта ыкса билсиһиитэ итинник этэ. Үс сайын Мархаҕа тиийэн Өлүөнэ өрүс арыыларыгар от үлэтигэр сылдьыбыта. Нуучча дьонун кытта эҥэрдэһэн син хоп курдук нууччалыы кэпсэтэ, саҥара үөрэммитэ. Үс үллэр үөстээх Өлүөнэ өрүһү илэ хараҕынан көрөн, уу аалынан, оҥочонон устан, күүстээх сүүрүккэ оҕустаран, үлэ эрэйдэрин этинэн-хаанынан билбитэ. Хаҥалас таас тумус хайатын үрдүттэн өҥөйөн, киэҥ, улахан өрүс төрдө-төбөтө, уйаара-кэйээрэ, кэмэ, кээмэйэ суоҕун сөхпүтэ. Бу “аттакылар” диэн ааттанар дьон киһиэхэ сылаас-сымнаҕас сыһыаннарын, махталларын билбитэ. Кинилэр күүс өттүлэринэн кыайбат да үлэлэрин төһө кыайалларынан оҥоро, ситэрэ сатыыллара. Күһүн бэрт хойукка диэри отторун оттоон, күһүҥҥү отордооһун саҕана дойдуларын булаллара.
Ыал буолар сааһа ситэн, сүүрбэччэлээҕэр, кэпсэтиинэн Сылаҥ нэһилиэгиттэн кыыс сүгүннэрэн аҕалан ыал буолбута. Холбоспуттара иккис сылыгар тапталлаах кэргэнэ оһоҕостонон, үөрүүлэрэ үрдээбитэ. Ийэ, аҕа буолар кэтэспит кэмнэрэ буолуохтаах күнүн долгуйа кэтэспиттэрэ. Кыра оҕо биһигэ балаҕан өһүөтүгэр ыйаммыта, иһиллиэхтээх кымыс көөнньөрүллэн сөрүүн ампаар дьиэҕэ ууруллубута. Хас киэһэ аайы оронноругар куустуһа сытан оҕолоро кыыһын дуу, уолун дуу таайа сатыыллара. Мэхээлэ тапталлаах кэргэнигэр, Арыпыанаҕа, анаан-минээн куораттан таҥас-сап, иһит-хомуос атыылаһан таһаарбыта. Ол гынан баран эдэр ыал ыра санаалара туолбатаҕа, дьылҕа хаан оҥоһуута, ыйааҕа кинилэр тустарыгар дьолу тосхойботоҕо. Бу орто дойдуга кэлиэхтээх саҥа киһи күн сирин көрбөтөҕө. Тапталлаах доҕоро, Арыпыаната, хас да күн эрэйдэнэн, сатаан оҕоломмокко, быыһаммакка тыына быстыбыта. Мэхээлэ доҕорун, кэлиэхтээх оҕотун сүтэрбит аһыытыгар, кутурҕаныгар өйүттэн тахсыбыта. Аҕата Уйбаан ыксаан, Тааттаҕа аатырар Сокольников луохтуурга тэлиэгэлээх акка тиэйэн илдьэн эмтэппитэ. Дьэ ол кэнниттэн Мэхээлэ өйүгэр киирэн, кутурҕана сүтүгэ арыыйда мүлүрүйэн олоххо тардыһан аралдьыйан, үлэлээн хамсаан киирэн барбыта.
Сүүрбэһис үйэ саҥатыгар айдааннаах, дьалхааннаах кэмнэригэр оҕустаран дойдутуттан тэлэһийэн, көмүстээх Аллаҥҥа тиийэн, артыал дьонун булсан үлэлээбитэ. Ыраахтааҕы былааһа уларыйбыта, саҥа былаас кэлбитэ. Мэхээлэ ол кэмнэргэ сиппит хоппут эр киһи хоһууна этэ. Саа саадах тутан сэриилэспэтэр да, сорук боллур сорудахха сылдьыһан иһэрэ. Кыһыллар былаастара кэлбитигэр: “Аттаргын былаас туһатыгар ылабыт”, – диэбиттэригэр аттарын аһынан бэйэтэ эмиэ барсыбыта. Чугас эргин улуустарынан, нэһилиэктэринэн, Амманан, Тааттанан былаас дьонун таһара, таһаҕас да тастараллара. Ол сырыттаҕына, кыһыллар былаастара кыайтаран, үрүҥнэр былаастара тиийэн кэлбитэ. “Дьэ, быраат, аттаргын бу былаас туругурарын туһугар биир биэс тыла суох туран биэрэҕин, кэнэҕэс былаас эйигин күндүлүө-маанылыа”- диэн буолбут. Үрүҥнэр ордук ыҥыырга мииниллэр аттарын сөбүлээбиттэр. “Быраат, кырдьык үчүгэй аттардаах эбиккин! Хааман сиимэн, сиэлэн, олус улгум, сыыдам аттар”, – диэн хайҕаабыттар. Бэйэтэ от мас таһыытыгар икки сыарҕаһыт аттарын илдьэ сылдьыбыта. Хам-түм аттарын барахсаттары түбэһэн көрдөҕүнэ, тиийэн эбии от быраҕан, кыһыаҕынан көхсүлэрин ыраастаан биэрэрэ, аттара иччилэрин билэн иҥэрсийэн ылы-ыла, таныыларынан ыт үтүлүгэр үҥүлүтэллэрэ. Сотору кэминэн босхолонон аттарбын илдьэ дойдубар төннөр инибин диэн баҕа санаалааҕа. Кини хантан билиэй, дьылҕа хаан киниэхэ бу кэмҥэ тугу ыйаахтаабытын, анаабытын. Биир түүн утуйа сыттаҕына, аттарын түргэнник көлүйэ охсон кэлэригэр сорудахтаатылар. Хас да сыарҕалаах акка малларын-салларын толору тиэнэн тэскилирдии, соҕуруулуу илин туһаайыынан айаннарын саҕалаатылар. Ити курдук хас да күн аттарын аһата, сынньата түһэ-түһэ систэри, үрэхтэри быһыта түһүтэлээн айан бөҕө буолла. Ол курдук, тохтообокко айаннаан дойдутуттан күн-түүн ыраатан тэйэн истэ. Кэнникинэн туруук таас хайалар арҕастара чугаһаан, тарыҥнаах үрэхтэр элбээн истилэр. Бу аатырар Ньылхан аартыгар тахсан эрэбит диэн сэрэйдэ. Ыйы быһа тохтоло суох айаннаан аттар ыран быстан бардылар, сыарҕа да суола бысталана быһыытыйда. Биир улахан симиэбийэҕэ тиийэн хас да хонук өрөөтүлэр. Аттар салгыы айанныыр кыахтара суоҕун билэн, олохтоох эбэҥкилэртэн табалары наймылаһан салгыы айанныырга былааннаннылар. Аттаах дьоҥҥо төлөбүрдэрэ диэн аҕыйах чэй, табаах, харчы сыыһын биэрдилэр. “Салгыы бэйэҕит талыҥ, хайа диэки айанныыргытын“ диэн баран бэйэлэрэ илин диэки түһэ турбуттар. Ньукулай аттарын кытта биир салаа ото суох симиэбийэҕэ туран хаалла. Саас буолан үрэхтэр уулара халыгырыы устар кэмнэрэ буолбута, ырбыт аттарынан ханна да барар кыаҕа суоҕун Ньукулай өйдүүрэ. Хата симиэбийэ үлэһитэ сүбэлээтэ – мантан олус ырааҕа суох сиргэ кэлии сахалар олохсуйан олороллор. Ол дьон сүөһү сылгы бөҕө ииттэллэр, кинилэргэ тиийдэргин аттаргын быыһыаҥ, бэйэҥ да абыраныаҥ, — диэн суолун төрдүн булларан биэрдэ.
Дьэ, ити курдук, кини нууччалыы истэ саҥара үөрэммитэ кинини саҥа олоххо сирдээн быыһаан испитэ. Ньукулай Күп сахаларыгар тиийэн өлөр өлүүттэн быыһаммыта, сахалар дойду киһитин үөрэ-көтө көрсүбүттэрэ. Ити саас Ньукулай бу сиргэ сааһаан, сайылаан кыһыҥҥы булт соноругар, сыарҕа суолугар тиийбитэ. Илдьэ кэлбит биэс атыттан биирдэрэ ыран баран өрүттүбэккэ охтоохтообута. Атыттара көнөн, быһыылара-таһаалара чөлүгэр түһэннэр, көлүйэргэ, ыҥыырдыырга сөп буолбуттара. Сайын от үлэтин кэмигэр элитиэпкэ хотуурунан от охсон кууһуннарарын көрө-көрөлөр сөҕүү-махтайыы бөҕө буоллулар. “Дьэ алаас сахата эбиккин, суолуҥ-ииһиҥ ырааһа, киэҥэ”, — хайҕааһын бөҕө буолла. Сааһыра барбыт оҕонньордоох эмээхсиҥҥэ сыстан дьиэлэнэн олорбута. Бу дьон Хаҥаластан төрүттээхтэр эбит, “айан” аартыгын солооһунугар үлэлээн баран бу дойдуга олохсуйан хааллыбыт диэн кэпсииллэрэ. Сахалары кытта булсуһан санаата уларыйбыта, дойдутун ахтара-саныыра уоскутуйа быһыытыйбыта. Кыһын бу дойдуга бэрт өлгөмнүк бултуйар тииҥ, саарба соноругар сылдьар. Аны бу түүлээҕи ханна батаран, кимиэхэ атыылаан аска-таҥаска, үпкэ эргитэр туһунан толкуйга түспүтэ. Дьиэлэнэн олорор кырдьаҕастара бу эргин кэлии атыыһыттар сотору кэминэн ат, таба көтөллөнөн табаар, ас-үөл тиэйиилээх кэлиэхтэрэ дииллэрэ. Эн аҕыйах куул түүлээххин начаас үлүгэр батарыаҥ диэн эҕэлээх соҕустук этэллэрэ. Дьиэлээх хаһаайын сырыыны булду кыайбат буолан бултуур сирин-уотун, тэрилин барытын туран биэрбитэ, ол оннугар бултаммыт түүлээҕи барытын аҥардаһабыт диэн тыл тылларыгар киирсибиттэрэ. Мэхээлэ кыһын устата ыҥыырдаах да, сыарҕалаах да атынан сылдьан балайда киэҥ сири ыырданан бултаабыта. Ол сылдьан ордук үрэхтэр сүнньүлэригэр киһи хаспыт дьикти холлоҕосторун, дьаамаларын хаста да түбэһэн, онно түһэ сыһан дьиктиргии, сөҕө санаабыта. Күп сахалара сырыыны булду кыайар дойду киһитин бары сөбүлээн ытыктыыр, кэпсэтэр буолбуттара. Бу дойдуга ыал буолан олохсуйарыгар бу дойду аартык сүнньүгэр баарынан атыы-тутуу ыытарга олус табыгастаах диэн хааллара сатыыллара. Чуумпу акыйаанынан, Лаамынан омук-омук атыыһыттара тиийэ кэлэллэрин кэпсииллэрэ. Биир үтүө күн күүтүүлээх атыыһыттара көлө бөҕөлөөх, толору тиэниилээх сыарҕалардаах астаран тиийэн кэлбиттэрэ. Хас да күн Күп бөһүөлэгэ кэлии-барыы буола түспүтэ. Ыраахтан-чугастан истибит булчуттар бары түүлээхтэрин тиэммитинэн тиийэн кэлбиттэрэ. Ол быыһыгар аһыы уулаах ыраахтааҕы утаҕынан ааттанар испиири амсайаннар итирбит-кутурбут элбээбитэ. Атыыһыттар ону туһанан ол сордоохтортон бултарын-алтарын бэрт аҕыйах чэйгэ, табаахха, булт тэрилигэр, аҕыйах арсыын таҥаска атастаһан ылаллара. Мэхээлэ бу атыыһыттары кытта кэпсэтэн-ипсэтэн, нууччалыы саҥаран чугас киһи буола түспүтэ. Үчүгэй аттаах сыарҕалаах сылдьарын көрөн бэйэлэрэ кэлэн кэпсэтии ыыппыттара. Биһигини кытта таһаҕас тиэйсэн барыс, төлөбүрүн тиийдэхпитинэ тугу баҕараргын барытын биэриэхпит диэн эрэннэрбиттэрэ. Эн нууччалыы үчүгэйдик саҥараҕын, киэҥ сайдыылаах сиргэ тиийдэххинэ олоҕуҥ тосту уларыйыа. Сотору кэминэн Аллан өрүс үөһэ улахан уларыйыы тахсаары турар, дьон сэргэ онно тоҕуоруһуо. Элбэх көмүстээх үрүйэ Аллан үөһэ өттүгэр көстүбүт диэн сурах тарҕаммыта ыраатта. Ити курдук кэпсээннэр тылларыгар киллэрбиттэрэ. Атыыһыттар Мэхээлэ түүлээҕин барытын бастыҥ көрүҥүнэн тутаннар балайда ботуччу табаарга, аска-үөлгэ мэнэйдэспиттэрэ, онтун тиэйбитинэн дьиэлээхтэргэ ыкса киэһэ тиийдэ. Оҕонньордоох эмээхсин хаһан да көрбөтөх элбэх аһы-үөлү, табаары көрөн сөҕүү-махтайыы бөҕө буоллулар. Ууламмыт испиири амсайаннар дьоллоро муҥура суох буолбуттара. Сарсыарда туран Мэхээлэ атыыһыттары кытта табаар тиэйсэн икки сыарҕалаах атын илдьэ барарын туһунан кэпсээтэ. Хаалларар аттарын көрөн-истэн илдьэ сылдьалларыгар көрдөстө.
Үрүйэлэри, үрэхтэри сыыйан онтон улахан өрүскэ Аллаҥҥа түһэллэр, кыһыҥҥы сыарҕа суола бүтүүтэ атыыһыттар тохтуур анал тутуулаах көстүүнэй дьиэлээх дойдуга тиийэннэр тохтообуттара. Мантан тимир суолга диэри атыыһыттар муспут түүлээхтэрин кумах куйаар хараабылларынан ааттанар Мэхээлэ хаһан да харахтаабатах көлөлөрүгэр тэбиэннэргэ ындыылаан салгыы айанныыр буолбуттара. Ындыыһыттарынан сылдьар бэйэтин курдук кыараҕас харахтаах дьону көрөн сахалыы, нууччалыы саҥаран көрбүтүгэр, төбөлөрүн быһа илгистэн кэбиспиттэрэ. Атыыһыттар Мэхээлэҕэ төлөбүрэ диэн хаһан да таҥныбатах таҥаһын-сабын, ас-үөл өттүн куду анньан биэрбиттэрэ. Илиитигэр тутан көрбөтөх харчытын төлөбүргэр диэн туттарбыттара. Аан бастаан нуучча баанньыгар сылдьан суунан, саҥа таҥаһы таҥнан, баттаҕын кырыттаран олох чыҥха атын киһи буолан хаалбыта. Мэхээлэ бу көстүүнэй дьиэҕэ хайа диэки ханна барарын толкуйдаан хас да хонно. Ол сыттаҕына биир күн соҕурууттан бэрт элбэх айан дьоно кутулла түспүттэр. Ындыы таһаҕас бөҕөлөөхтөр, көлө да элбэҕэ сүр. Көлө тохтуур күрүөтүгэр-хаһаатыгар турар Мэхээлэ кыра уҥуохтаах барыта сааллары сиэл, уһун кутуруктаах аттарын көрөн дьиктиргээһин бөҕө буоллулар. Бу дьону кытта билсэн кэпсэтэн, ханна туох сорудахтаах баран иһэллэрин билэн кинини сирдьитинэн, көлө көрөөччүнэн үлэҕэ ылалларыгар көрдөстө.
Ити курдук, Мэхээлэ бэйэтэ да билбэтинэн, улуу нуучча норуотун биллиилээх геолог учуонайын кытта уһун сыллаах бииргэ үлэлээһиннэрэ саҕаламмыта. Сир баайын көрдөөн булан туһаҕа таһаарыыга, чуолаан ыраах сытар Саха сиригэр көмүс көрдөөһүнүгэр саҥа былаас улахан болҕомтотун ууран үб-харчыны харыһыйбакка экспедиция тэрийэн ыыппыта. Салайааччынан анал үрдүк үөрэхтээх Юрий Александрович Билибин ананан бэйэтин уһун унньуктаах геолог айанын көмүстээх Аллантан саҕалаабыта. Уонча сыл чинчийии түмүгүнэн бу Алдан сиригэр көмүс элбэх саппааһа баара биллибитэ, быһаарыллыбыта. Ол түмүгэр Саха сиригэр көмүс хостооһуна кылгас кэм иһигэр үрдүк көрдөрүүлээх буолбута. Бастакы көмүс сууйар уста сылдьар драга сүүрбэһис сыллар бүтүүлэригэр таҥыллан, хомуллан үлэлээн барбыта. Бу сыллар тухары Мэхээлэ улуу учуонай геолог Юрий Александрович Билибин арахсыспат үлэһитэ, эрэллээх аргыһа буолбута. Билибин кини иннинээҕи айанньыт геолог учуонайдар Обручев, Черскэй үлэлэрин үөрэппит, кэтээн көрбүт буолан, Халымаҕа өссө элбэх көмүс саппааһа баарын сабаҕалаан билэр этэ. Онон кини салгыы көмүс саппааһын көрдүү Халымаҕа барарын көҥүллүүллэригэр, үп-харчы, көмө көрдөһөн үрдүкү салалта аатыгар телеграмма охсубута. Көҥүл ылан экспедицияҕа дьону талан, сүүмэрдээн барбыта. Биир бастакы киһинэн экспедициябар Седалищев Михаилы суруйбутум диэн биллиилээх геолог кэлин ахтыытыгар суруйбута баар. Бэрт кылгас кэм иһигэр тэринэн, Алдантан геологтар Халымаҕа айаннаабыттара. Тимир суолга диэри 600 километры туос сатыы малларын, таһаҕастарын аттарга, табаларга ындыылаан тиийбиттэрэ. Тимир суолунан Владивостокка тиийбиттэрэ, онтон салгыы дьоппуон хаарбах хараабылын наймылаһан Чуумпу акыйаанынан устубуттара. Охотскай муоранан устаннар Халыма сиригэр сүөкэммиттэрэ. Чуумпу акыйааҥҥа хас да күннээх күүстээх тыалга түбэһэн акыйаан баалларын, балкыырын эттэринэн- хааннарынан билбиттэрэ. Халыма сүүрүктээх таас хайа үрэхтэрин мас оҥочонон, болуотунан устубуттара, туундаратынан көлө батыллан көлөттөр маардарын, ыт мунна баппат ойуурдаах сис тыаларын түөстэринэн тыыран, эт атахтарынан ындыы көлөлөөх сис хайалары уҥуордаабыттара. Кинилэр арыйбыт көмүс баайдаах сирдэригэр улахан куораттар, бөһүөлэктэр тутуллан тахсыбыттара. Дэлэҕэ кинилэр дьон кэпсээнигэр “Ходоки Алдана и Колымы” диэн киирэн хаалбыттара. Кырдьык да оннук буоллаҕа, ол саҕана суол-иис суоҕа, тимир көлө суоҕун кэриэтэ этэ. Ити курдук Мэхээлэ дойдутуттан тэлэһийэн дьонун-сэргэтин умна быһыытыйбыта.
Ахтар-саныыр, түүн түһээн көрөр төрөөбүт алааһыгар, Бүтэйдээххэ, 1955 сыллаахха дьэ эргиллэн кэлбитэ. Саҥа үлэлээн эрэр Магадан аартыгынан Уус Ньаранан, Хаандыганан айаннаан, дойдутун — Чурапчытын булбута. Таатта чараҥын сайылыгар олорор быраатыгар Борокуоска тиийбитэ. Быраата элбэх оҕолоох ыал аҕата буолан олорорун көрөн, көрсөн үөрбүттэрэ, ахтылҕаннарын таһаарбыттара. Төрөппүттэрэ уонна бастакы тапталлаах кэргэнэ Арыпыана көмүллэ сытар көмүс уҥуохтарын кэриэстээн саҥа эргитии мас түһэрбитэ.
Бэйэтин олоҕун, хайдах-туох сылдьарын кэпсээбитэ. Хойутаан да буоллар кэргэннэнэн билигин биир кыыс оҕолооҕун, Уус Ньара диэн сиргэ олохсуйбутун туһунан кэпсээбитэ. Дойдутугар дуоһуйа сынньанан, аймах-билэ дьонноругар ыалдьыттаан, хонон-өрөөн, ахтылҕанын таһааран күһүөрү төттөрү Уус Ньараҕа айаннаабыта. Ол кэнниттэн дьонун кытта ыкса сибээстэһэ, суругунан билсэ олорбута. Кэлин кэргэнин, оҕотун аҕалан аймахтарын кытта билиһиннэрбитэ. 1966 сыллаахха, ыалдьан өлөр кыһыныгар, быраатыгар Прокопий Ивановичка (Борокуоска) ыарыылата сытан, бу орто дойдуттан барбыта. Көмүс уҥуоҕа төрөөбүт төрүт буоругар, Бүтэйдээх алааһын сыырыгар, хараллыбыта. Ити курдук Одьулуун нэһилиэгиттэн биир саамай бастакынан бырамыысыланнаска тиийэн үлэлээн суолу тэлбит киһибит Седалищев Михаил Иванович буолар. Кини кыыһыттан оҕолоро, сыдьааннара билигин Дьокуускай куоракка олохсуйан олороллор. Абаҕаларын Николай Прокопьевиһы кытта бииргэ олороллор. Мэхээлэ бииргэ төрөөбүт быраата Прокопий (Борокуос) 1905 сыллаах төрүөх. Кини төрөөбүт нэһилиэгэр Одьулуун колхуос тэриллиэҕиттэн, илии-атах үлэтигэр өр сылларга үлэлээбитэ. Кэлин бөдөҥсүйүү саҕана биир бастакынан Одьулуун бөһүөлэгин ортотугар дьиэ туттан көспүтэ. Кэргэнинээн Өлөөнөлүүн уон икки оҕону күн сирин көрдөрбүттэрэ. Саҥа тутуллубут кулууп дьиэтигэр оһох оттооччунан өр сылларга үлэлээбитэ. Үлэни кыайар-хотор киһи буолан дьоҥҥо кэпсээҥҥэ киирбит төһүү үлэһит этэ. Кини курдук саамай үрдүк, уһун кэбиһиилээх оту кэбиһэр киһи чугаһынан иһиллибэт этэ диэн кырдьаҕастар кэпсииллэрэ. Ол курдук, уһун мас кыдамалааҕа, атын дьон ол кыдаманан үлэлээн көрөн баран өр буолбакка аккаастаналлара. Оннук суон, чиргэл титирик мастан оҥоһуллубут буолан ыарахан тыыннааҕа. Алааска биир кэбиһиилээх оту туруоран, күрүөлээн хаһаанан кэбиһэллэрэ. Ол оҕус, ат көлөнөн таһарга табыгастаах, таһаарыылаах буолара. Кыһынын холкуос кыстык хотонноругар от таһыытыгар оҕус көлөнөн тохтоло суох түбүгүрэрэ. Хас да оҕус көлө сыарҕатыгар от тиэйэн халлаан сырдыаҕыттан киэһэ хараҥарыар диэри үлэлииллэрэ. Тиэйбит сыарҕалаах оҕустарын сыарҕа суолугар киллэрэн салайан биэрэллэрэ, оҕустар бэйэлэрэ сүөкэниэхтээх далларыгар чуо хааман тиийэллэрэ. Ону улахан уола Куола оскуолаттан кэлээт, көрсөн сүөкээн сыарҕалары босхолуура. Төҥүргэстээх кыстыгар кэргэнинээн Өлөөнөлүүн уһуннук үлэлээбиттэрэ. Ол саҕана мин ийэм Балаайа эмиэ ыанньыксытынан үлэлиирэ, онон Өлөөнөлүүн сүрдээх истиҥник санаһаллара. Кэлин бөһүөлэккэ олохсуйбуттарын кэннэ киирэ-тахса сылдьан ааһар этибит. Ордук Саҥа дьылы көрсөр бырааһынньыкка ийэбин кытта кинилэр дьиэлэригэр сылдьыбыппын өйдүүбүн. Тас таҥаспытын дьиэлэригэр хаалларан кулууп дьиэҕэ тахсыбыппыт. Биһигини таһынан бу Саҥа дьыл киэһэтигэр элбэх киһи кэлэн тохтообут этэ, кинилэргэ. Дьиэ иһигэр мин хаһан да көрбөтөх дьонум элбэх этилэр. Тэлгэһэ таһыгар уонунан сыарҕалаах ат бааллан турара.
Прокопий Иванович (Борокуос) оҕолоро бары ыал буолан Саха сирин араас улуустарыгар олохсуйбуттара, үлэлээбиттэрэ. Билигин бэйэлэрэ кырдьаҕас саастаах дьон буолан олороллор.
Ити курдук икки бырааттыылар дьылҕалара былаас уларыйыытыгар икки араас тэҥнэммэт суолунан барбыта.
Петр СЕДАЛИЩЕВ,
көмүс бырамыысыланнаһын бэтэрээнэ, “Үлэ Албан аат” үһүс истиэпэннээх уордьан кавалера, “Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайына.