«Сахамедиа» холдинг «Улуус олоҕо» бырайыагын чэрчитинэн «Барыбыт кыһалҕабыт» диэн рубрика үлэлиир. Рубрика аата да этэрин курдук, манна күннээҕи эрэ буолбакка, уопсай кыһалҕаҕа кубулуйбут боппуруостар дьүүллэһиллэллэр.
Саха сирин улуустарыгар медицинскэй өҥөлөр хаачыстыбаларыгар уонна табыгастаах буолууларыгар сыһыаннаах тиэмэ доруобуйа харыстабылын олус элбэх боппуруостарын таарыйара, бииртэн биир ситимнэнэн бара турара саарбахтаммат. Олортон хас биирдиибитин кэриэтэ долгутар, үрүҥ халааттаах аанньалларга доруобуйаны көрдөрүүнүүгэ, эмтэниигэ үөскүүр кыһалҕалар быһаарыллыахтарыгар, сайдыы тэтимнээхтик барыаҕар баҕа санаа элбэх. Манна даҕатан эттэххэ, Ил Дархан Егор Борисов былырыын медицина сайдыытыгар кэккэ ыйаахтарга илии баттаабыта эмиэ мээнэҕэ буолбатах.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/
«Узкай» исписэлиис тиийбэт
Доруобуйа харыстабылыгар каадырдар тиийбэттэрэ куруук бэлиэтэнэр. Ол төрүөтэ элбэх. М.К.Аммосов аатынан ХИФУ Медицина институтун сыл аайы 250-ча эдэр киһи бүтэрэр. Ол аата куорат уонна улуустар балыыһалара итиччэ ахсааннаах саҥа каадырдарынан эбиллиэхтээхтэр. Ол гынан баран, өрөспүүбүлүкэҕэ син биир 700-чэ быраас тиийбэт.
Үөрэҕи бүтэрээччилэр улуустарга, ол иһигэр хотугу уонна Арктика улуустарыгар үлэлии баралларыгар «Тыа сирин бырааһа» уонна «Тыа сирин фельдшерэ» бырайыактар ситиһиилээхтик үлэлииллэр. Ону сэргэ, өрөспүүбүлүкэ суолталаах «Тыа сирин нарколога» хайысха киллэриллэн, улуустааҕы киин балыыһаларга наркологтар баар буолаллара ситиһиллэн эрэр.
Киин куорат поликлиникаларыгар «узкай» исписэлиистэр балачча бааллар, куорат олохтоохторугар сөптөөх көмөнү оҥороллор. Арай, куораттааҕы Медицина киинигэр педиатрдар уонна терапевтар, Дьокуускайга баар өрөспүүбүлүкэтээҕи суолталаах эмтиир тэрилтэлэргэ анестезиолог-ревматологтар тиийбэттэр.
Улуустааҕы киин балыыһалары «узкай» каадырдарынан хааччыйыыга улахан оруолу кылаабынай быраас ылар. Кини салайар кэлэктиибигэр исписэлиис наадатын туһунан боппуруоһу хайдах туруорара, ылыннарара, улууһун баһылыгын кытары төһө өйдөһөн үлэлиирэ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ быһаарарыгар төһүү буолар.
Быраас үөрэҕин бүтэрбит эрэ киһи тута «узкай» идэлээх быраас буола охсоро судургута суох. Тоҕо диэтэххэ, «узкай» исписэлиистэри бэлэмнииргэ элбэх бириэмэ барар. Холобур, билигин кинилэри бэлэмнииргэ РФ Доруобуйа харыстабылыгар министиэристибэтин ураты систиэмэтэ үлэлиир. Онон, «узкай» исписэлиис буолуохтаах киһи тустаах регламент эрэ кэнниттэн үөрэххэ ыытыллар буолла. Урукку курдук, интернатура суох. Онтон ординатураҕа кырата икки сыл (сорох идэлэргэ биэс сыл) үөрэниэххэ наада. Онон, кинилэри үөрэтии уһун кэми эрэйэр. Оттон ыарыһахха хас биирдии мүнүүтэ, сөкүүндэ күндү буолар ыксаллаах түгэннэрэ мэлдьи бааллар.
Ол да буоллар, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр каадырдарга өйөбүл олох суох буолбатах. Быйыл «узкай» исписэлиистэри бэлэмнээһин чэрчитинэн, ординатодары бэлэмнииргэ өрөспүүбүлүкэҕэ 46 бүддьүөт миэстэтэ бэрилиннэ. Ол түмүгэр, улуустар балыыһаларын каадырынан хааччыллыыга сайаапкалара түһүмэҕинэн толорулларыгар эрэл баар.
Бырайыак «мөкү» өрүтэ
«Доруобуйа» дьоһун суолталаах национальнай бырайыак үлэлиир эрдэҕинэ, бастакы сүһүөх эмтиир тэрилтэлэргэ учаастактааҕы терапевтарынан, педиатрдарынан хааччыллыы сүүс бырыһыаҥҥа тэҥнэспитэ.
Онтон кэнники сылларга «Тыа сирин бырааһа» бырайыак үлэлээбитигэр куораттааҕы поликлиникалар, балыыһалар үөрүйэхтээх каадырдара бу бырайыакка хабыллан, улуустарга барыталаабыттара. Ити олус үчүгэй эрээри, бырайыак киириитэ икки өрүттээх буолан тахсыбыт.
«Тыа сирин эмчитэ» бырайыак бастакы хараҥаччылара быйыл дуогабардара бүтэр сыла, онон кинилэр төттөрү кэлэллэрин күүтүөххэ сөбө. Ол гынан баран, кэлээччи аҕыйах буолуо диэн сабаҕалыыллар. Тоҕо диэтэххэ, улуустарга барбыт исписэлиистэр үгүстэрэ санаа хоту олохсуйдулар. Улуустарга каадырдарынан хааччыллыы үчүгэйэ, биллэн турар, үөрдэр. Аны куорат балыыһаларыгар кыратык охсуулаах буолбутун туһунан поликлиникалар, балыыһалар салайааччылара этэллэр.
Хотугу сир киһитигэр аан аһаҕас
Интернет, аныгы тиэхиньикэлэр онлайн-сибээстэрин өҥөлөрүнэн хотугу улууска олорор киһи төһө туһанарый? Омос санаатахха, ити ыраах ыстаадаҕа сылдьар киһиэхэ чугастааҕы кэминэн хайдах да кыаллар кыаҕа суох.
Хотугу сир киһитэ (табаһыты да ылан көрдөххө) Дьокуускай эмчититтэн сүбэ-ама ылар эбэтэр балыыһаҕа сытан эмтэнэргэ бэйэтин баҕатынан суруйтарар кыаҕа суох. Кини туох ыарыылааҕын, ханнык эмтээһиҥҥэ наадыйарын быһаарар, эмтиир бырааһа эрэ ити боломуочуйанан туһанар.
Кини Дьокуускай куоракка көрдөрүнэ, эмтэнэ улахан кыһалҕа тирээтэҕинэ эрэ кэлэргэ күһэллэр. Ону да, үксүгэр ыарыытын баалатан баран. Ол төрүөтүнэн кини олус ыраах олороро, билиэт сыаната ыарахана, үлэтин, дьиэ кэргэнин быраҕар кыаҕа суоҕа уо.д.а. буолаллар. Онон хотугу сир үлэһит киһитэ куоракка көрдөрүнэ кэлиитэ кини олоҕор тахсар сэдэх түбэлтэлэргэ киирсэр. Иккиһинэн, кинини эмчит арыаллыырын, хайдах туруктаах тириэрдиллэрин барытын улуус баһылыга хонтуруоллуохтаах. Итини барытын учуоттаан, кини, доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин термининэн «Лидер А» бөлөххө киирэр. Медицина национальнай киинигэр кэллэҕинэ, киниэхэ «туспа көрүдүөр» аһыллар.
Манна даҕатан эттэххэ, бырааска, «узкай» исписэлиискэ эрдэттэн суруйтарыы электроннай «сабыылаах» канаалынан барар. Ол эбэтэр, суруйтарбыт киһи туох ыарыылааҕа, ханнык чинчийиилэри барбыта уо.д.а. чахчылара эмтиир тэрилтэттэн ураты кимиэхэ да биллиэ суохтаахтар.
Онлайн-быраас
Интернетинэн, төлөпүөнүнэн, электроннай сибээс түмүктэрин үөрэтэн көрдөххө, Медицина национальнай киинигэр суруйтарбыттар 60 бырыһыаннара – улуустааҕы киин балыыһалар, 40 бырыһыаннара – куорат балыыһалара. Ол иһигэр, Аллайыаха, Муома уонна Анаабыр улуустарын олохтоохторо элбэхтэр. Консультациялыыр подразделениелар өҥөлөрүнэн туһаммыт хотугу улуустарга бастакы миэстэҕэ Аллайыаха, иккискэ Абый, үһүскэ Эбээн Бытантай улуустара сылдьаллар.
Туох да диэбит иһин, электроннай суруйтарыы туһата элбэх. Урут Дьокуускайга кэлбит ыарыһах саамай улахан кыһалҕатынан хаһан толуон ылан, бырааска киириэхтээҕин кэтэһии-манаһыы, балыыһаларга уочаракка олоруу буолара. Оттон билигин ити кыһалҕа, электроннай өҥө көмөтүнэн, толору да буолбатар, син аҕыйаата. Тоҕо диэтэххэ, тыа киһитэ куорат балыыһаларыгар көрдөрүнэригэр стандарт быһыытынан ханнык чинчийиилэри уонна хаһан барыахтааҕа уталыппакка тута быһаарыллар. Компьютернай томография, УЗИ-лар уо.д.а. аппарааттарга көрдөрүнэрэ күнэ, чааһа чопчу ыйыллар. Урукку курдук, нэдиэлэнэн, ыйынан уочараттааһын суоҕун кэриэтэ. Арай, көрдөрүммүтүн кэннэ атын ыарыыларга уорбаланнаҕына, иккис түһүмэх көрдөрүү саҕаланар.
Манна даҕатан эттэххэ, биһиэхэ онлайн-сибээһинэн быраас атын бырааһы кытары кэпсэтэр бырааптаах буоллаҕына, ыарыһах уонна быраас иккиэн эрэ консультациялаһаллара билиҥҥитэ юридическай күүһэ суох. Бу систиэмэни сайыннарарга сокуон бырайыагын оҥоруу үөрэтиллэр. Тоҕо диэтэххэ, бэйэ-бэйэлэриттэн ыраах сытар нэһилиэнньэлээх пууннардаах өрөспүүбүлүкэҕэ «ыарыһах—быраас» онлайн кэпсэтиитэ олус наадалаах.
Ыйыт-хоруйдуубут
- Өлүөхүмэ улууһугар эмчиттэринэн 50 эрэ бырыһыан хааччыллан олоробут. Өлүөхүмэтээҕи техникум базатыгар орто сүһүөх эмчиттэри бэлэмниэхтэрэ дуо?
Людмила Вербицкая, СӨ доруобуйа харыстабылын миниистирин солбуйааччы:
– Өлүөхүмэ улууһун эмтиир каадырдарынан хааччыйыы боппуруоһа үөрэтиллэр. Ол гынан баран, биһиги үрдүк таһымнаах каадырдары бэлэмниэхтээхпитин өйдүөхтээхпит. Арассыыйа эрэ буолбакка, аан дойду таһымнаах исписэлиистэри бэлэмнииргэ, биллэн турар, үрдүк билиилээх педагогтар наадалар. Биһиги онно бэлэм буолуохтаахпыт. Каадырдары бэлэмнииргэ көҥүл баар буолуохтаах, ирдэбиллэр бары тутуһуллуохтаахтар. Онон ити судургута суох боппуруос. Үгүс дьон көрдөһөрүн курдук, хас биирдии нэһилиэнньэлээх пууҥҥа, улууска үөрэх итинник салааларын тэрийэр кыахпыт суох.
- Улуустарга бэйэтигэр тиис протеһын оҥоруу өҥөтө баар буолуо дуо?
Людмила Вербицкая:
– Стоматология өҥөтүн бу көрүҥэ судаарыстыбаннай мэктиэ бырагырааматыгар киирэр, хаһаайыстыбаннай ахсааннаах үлэ кэриэтэ. Оттон маннык үлэ бэйэтин боруостуурун наадатыгар ыарыһах ахсаана элбэх буолуохтаах. Холобур, Тиксиини ылан көрдөххө, манна баара-суоҕа 4,5 тыһыынча киһи олорор. Маннык аҕыйах нэһилиэнньэлээх пууҥҥа коммерческай хайысхалаах үлэни ыытар көдьүүһэ кыра. Онон эридьиэстии сатаабакка этэбин, Тиксиигэ протезирование өҥөтүн эрэннэрбэппит. Судаарыстыбаннай мэктиэ бырагырааматыгар киирэр атын өҥөлөр толору оҥоһуллаллар, тиис быраастара чугас сытар нэһилиэнньэлээх пууннарга тиийэллэр. Онуоха улуус уратытын учуоттаан, бэл, биригээдэ тэринэн, бөртөлүөтүнэн да тиийэбит.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/