Бырааппын былдьаппытым

Бөлөххө киир:

Бу түбэлтэ 2006 сыллаахха буолбута. Эбэлэр, үрэхтэр тоҥон турар кэмнэрэ. Хаар түһэрэ чугаһаабыт этэ. Бырааппынаан Ылдьаалыын куобахха ииппит туһахтарбытын көрө, мас көтөрдүү үүтээммитигэр тиийдибит. Быраатым улаханнык булка сыстыгаһа суох, сиэр-туом диэни сэҥээрбэт, билбэт киһи.

Хонук маспытын кыстаан баран, бырааппар: «Тахсан туоста булан киллэр эрэ», – диэтим. Киһим тахсан сүтэн хаалла. «Хайа, бу уол туох ааттаах өр буолла?!» – диэммин көрдүү таҕыстым. Ыҥыран хаһыытаатым, арай көрдөхпүнэ, быраатым үрэх нөҥүө тахсан, кырдьаҕас хатыҥ үүнэн турарыттан туос бөҕө хастаан иһэр эбит. Бырааппын мөхтүм — киһим тугу даҕаны саҥарбата. Дьиҥэр үүтээн таһыгар эмэҕирэн охтубут хатыҥ мастар ыһылла сыталлара. Быраатым туоһун киллэрэн, оһох кэннигэр быраҕан кэбистэ. Аһаан-сиэн баран, утуйдубут. Түүн үөһүн саҕана уум быыһынан иһиттэхпинэ, быраатым түргэн баҕайытык туран таһырдьа тахсан барда. Мин аахайбатым, наадатыгар таҕыстаҕа дии санаатым, утуйан хааллым. Арай иһиттэхпинэ, оһох кэннигэр улахан баҕайытык киһи сөтөлүннэ. Ороммор олоро түстүм, тулам хабыс-хараҥа. Ким эрэ эмиэ сөтөлүннэ. «Нохоо, оһох кэннигэр туох буолан симилинниҥ», — диэтим. Уу-чуумпу. Киһи баара биллибэтэ. Банаарбынан тыктаран көрдүм, уолум дьиэ иһигэр суох. Соһуйан таһырдьа ыстанным. Халлаан хабыс-хараҥа, хаһыы бөҕөтүн түһэрдим — эппиэт суох. Эмиэ банаарбын тыктаран тулабын көрдүм даҕаны, киһи баара көстүбэтэ, ыксал буолла. Киирэн саабын ылан, кытыл устун сүүрдүм. Онтон эмискэ баҕайы, үрэх нөҥүө киһи ынчыктыыра иһилиннэ. Хаһыытаатым, эппиэт суох. Саанан үөһээ хаста да ыттым. «Абааһы буоллаххына миигин эмиэ илэ сиэ», — дии-диибин, үрэҕи туораатым. Муус уйуох быһыыта суох, хаһан эрэ убайбынаан Миитээлиин охторбут тииппитинэн далаһаланан, сор бөҕөнөн таҕыстым. Дьэ, уонна ынчык иһиллибит хайысхатын тутустум. Тиийбитим быраатым эрэйдээх били туоһун хастаабыт хатыҥын анныгар тоҥон бабыгырыы сытар эбит. Тугу эрэ иһигэр баллыгырыыр. Тугу саҥарарын кыайан истибэтим. Төттөрү үрэхпин туораан, тыы соһон киллэрэн, мууһу тоҥоон, бырааппын нэһиилэ таһаардым. Үүтээҥҥэ киллэрэн, сытыаран, Эһэкээммиттэн ааттаһан, алҕаан көрдөстүм. Арыый уоскуйбукка дылы буоллубут. Бырааппыттан тугу да ыйыппатым, барытын сэрэйдэҕим дии. Ол түүн олох утуйбатым, уолбун манаатым. Сарсыарда уһуктубутугар, хомунан дьиэлээтибит. Аара суолга тыла суох дьон курдук, дьиэбитигэр кэпсэппэккэ тиийдибит.

Ийэбит соһуйан: «Хайа, тоҕо төҥүннүгүт?» — диэбитигэр, тугу даҕаны хоруйдаабатым. «Уолгун абааһы айаҕар уган биэрдим'», — диэм дуо?! Онтон ыла уолбут уларыйан хаалбыта, бэйэтигэр хаста да тиийинэ сатаабытын, тохтоппуппут. Иһэрэ элбээбитэ, икки ый буолан баран, саанан ытынан кэбиспитэ. Үс хонон баран, бааһын тулуйбакка ол дойдуга аттаммыта. Балыыһаҕа сытан өйдөнөн кэлэн: «Миигин быыһыы сатаамаҥ, аттыбар илдьэ бараары хап-хара күлүктэр сүүрүкэлэһэллэр», — диэхтээбитэ. Ол түүн туох буолбутун онно биирдэ кэпсээбитэ. Быраатым үүтээҥҥэ утуйа сыттаҕына, биир киһи киирэн атаҕыттан тардыалаан уһугуннаран, табахтыы тахсыахха диэбит. Таһырдьа тахсыбытын кэнниттэн туох буолбутун өйдөөбөт үһү. Санрейс кэлбитигэр быраатым эрэйдээх бөртүлүөккэ киллэрэн истэхтэринэ ууламмыт хараҕынан мин диэки бырастыылаһардыы көрбүтүн хаһан да умнубаппын. Ол кэнниттэн мин иһэрим-аһыырым элбээбитэ. Бэйэбин буруйданабын. Мин оччолорго 27 саастааҕым, быраатым 20-лээх этэ. Ол хатыҥ билигин да турбут сиригэр турар. Хатыҥы көрдөхпүнэ, ол ааспыт ыарахан түүнү санаан, бырааппын аһыйан ытамньыйан ылабын.

Уйбаан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0