Быраабы араҥаччылыыр уорганнар бииргэ үлэлииллэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Айсен Николаев уопсастыбаннай куттал суох буолуутун, гражданнар олохторун уонна доруобуйаларын харыстабылын, санитарнай-эпидемиологическай туруктаах буолуу боппуруостарыгар анаммыт сүбэ мунньаҕы ыытта. 

edersaas.ru

Мунньаҕы саҕалыырыгар Айсен Николаев билигин, коронавирус дьаҥын утары охсуһар кэмҥэ, сүрүн соругунан уопсастыбаннай бэрээдэги, гражданнар дьарыктаах, олохторо туруктаах, доруобуйалара чэгиэн буолуутун хааччыйыы буоларын бэлиэтээтэ. Онон, суһал ыстаап тэриллэн, кулун тутар 17 күһүттэн муҥутуур бэлэмнээх буолуу эрэсиимэ киллэриллибитэ. Дьокуускайга, Жатай, Аллараа Бэстээх, Тикси бөһүөлэктэригэр, Алдан, Ленскэй, Мииринэй, Нерюнгри оройуоннарыгар хааччахтыыр миэрэлэр, оттон Алдан куоракка уонна Ленинскэй бөһ. толору харантыын биллэриллибиттэрэ. Бэрэсидьиэн Владимир Путин муус устар 2 күнүнээҕи дьаһалыгар олоҕуран, өрөспүүбүлүкэҕэ коронавирус саҥа дьаҥа тарҕаныытын бохсуу дьаһалларын тэрийиигэ уонна экономика туруга халбаҥнаабатын, дьон дохуота намтаабатын туһугар, дьарыктаах буолуутун хааччыйыыга кэккэ сокуоннар, быраап аакталара ылыллыбыттара. Бүгүҥҥү туругунан, коронавирус дьаҥынан 36 киһи ыалдьыбыта биллэр, онтон 15 киһи үтүөрдэ, аттытар эмтэнэ сылдьаллар. Ол иһигэр, биэс киһи Ленскэйгэ, кинилэртэн үһэ Чайындаҕа сир баайын хостуур тэрилтэҕэ үлэлииллэр, уон киһи Алдаҥҥа баар.

Биһиги билигин өрөспүүбүкэ тас өттүттэн, Арассыыйа эрэгийиэннэриттэн уонна тас дойдулартан кэлэр дьоҥҥо болҕомтобутун ууруохтаахпыт. Кэлэр дьоннор коронавирустан харыстаныы диэн – бэйэни изоляцияланыы эбэтэр обсерваторга киирии буоларын өйдүөх тустаахтар. Ону таһынан баар ресурсаны барытын дьаҥы утары охсуһууга ууруохтаахпыт уонна үлэни-хамнаһы быһыы-майгы хайдах уларыйарынан көрөн сүрүннүөхтэхпит, —диэн Ил Дархан тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

Уопсастыбаннай бэрээдэги бөҕөргөтүүгэ, гражданнар олохторун уонна доруобуйаларын харыстабылын тэриийигэ туох дьаһаллар ылыллыбыттарын туһунан өрөспүүбүлүкэ прокурора Олег Нарковскай, ис дьыала миниистирэ Владимир Прокопенко уонна Арассыыйа Ис дьыалаҕа министиэристибэтин тырааныспарга Хотугулуу-Илиҥҥи линейнэй управлениетын начальнигын солбуйааччы Баматгирей Анцудоев дакылааттаатылар. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн быһыы-майгы туруктаах, коронавирус дьаҥын кэмигэр уопсастыбанай бэрээдэги хааччыйыы кэлим дьаһалларын олоххо киллэриигэ кыһалҕалаах боппуруос суох, быраабы уонна сокуону араҥаччылыыр уорганнар бары бииргэ үлэлиибит диэтилэр. Бу туһунан Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0