Эһиил суол быраабылаларыгар уларытыылар киириэхтэрэ

Бөлөххө киир:

РФ Тырааныспарга министиэристибэтэ суол быраабылаларын саҥа бырайыагын билиһиннэрдэ. Манна массыына түргэнигэр уонна өстүөкүлэтин өҥөр саҥа быраабылалар киирдилэр. Маны тэҥэ массыына тохтуур сирдэригэр бобуулар уонна ыстарааптар киириэхтэрин сөп.

Саҥа бырайыакка массыына айанныырын бобор дьиэгирии испииһэгэ кэҥээн биэрдэ. Ол курдук, ГИБДД үлэһиттэрэ кэмигэр тимир көлө шинатын уларыппатах, антиблокировочнай систиэмэтэ (АБС) алдьаммыт, двигателиттэн арыы таммалыыр о.д.а. дьиэктээх буоллаҕына, суоппардары ыстарааптыахтара.

Бу уларытыылар 2021 сыл бэс ыйын 1 күнүттэн оллоххо киирэллэрэ былааннанар.

Autonews.ru саайтан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0