Сааскы чаҕылхай күммүт күөх халлааммытыгар хаһааҥҥытааҕар да сайаҕастык, үөрэ-көтө тыкта, сылаас утахтарын ыста! Салгыҥҥа сибэкки кэрэ сыта дыргыйда – Аан Дойду Дьахталларын күнэ үүннэ!
Күн күбэй ийэлэри, тапталлаах кэргэннэри, эйэҕэс эбээлэри, сайаҕас эдьиийдэри-балыстары, күндү дьүөгэлэри бүгүн аан дойду барыта эҕэрдэлиир, бу Орто Дойду кэрэтин барытын аныыр!
Ырыа-тойук, муусука, тыыннаах сибэкки, эҕэрдэ истиҥ тыллара доҕуһуоллаах кулун тутар 6 күнүгэр Марфа уонна Сергей Расторгуевтар ааттарынан Саха бриллиантовай циркэтин киэҥ киэлитигэр өрөспүүбүлүкэ чулуу дьахталларын эҕэрдэлээтилэр. СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Владимир Солодов, Ил Түмэн Сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Михаил Гуляев, СӨ Идэлээх сойуустарын федерациятын бэрэссэдээтэлэ Николай Дегтярев истиҥ үтүө, махтал тылларын этэн туран, Саха сирин Дьоруой-Ийэлэригэр, тоҕустуу-аҕыстыы, сэттэлии — элбэх оҕолоох бастыҥ ийэлэргэ, үлэһит, көхтөөх уопсастыбанньык дьахталларга судаарыстыба үрдүк наҕараадаларын, бэлэхтэри, тыыннаах сибэкки дьөрбөлөрүн туттардылар.
Бу саалаҕа өрөспүүбүлүкэ үгүс улуустарыттан бастыҥ ийэлэр, чулуу үлэһит дьахталлар мустубуттар.
Холобур. Чурапчы улууһуттан 8 киһилээх дэлэгээссийэни улуус Дьиэ кэргэн, оҕо аймах дьыалаларыгар кэмитиэтин сүрүннүүр исписэлииһэ, уран тарбахтаах норуот маастара Татьяна Петровна Бушкова салайан кэлбит. Манна бааллар, Чурапчы улууһун киэн туттар дьоно – күн күбэй ийэлэр, үтүө үлэһит, көхтөөх уопсастыбанньык дьахталлар: Хатылы нэһилиэгин “Далбар” дьахталлар уопсастыбаннай холбоһуктарын чилиэнэ Анна Попова, Чурапчытааҕы “Кэскил” уһуйаан сэбиэдиссэйэ, СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ Анастасия Григорьева, Болугур нэһилиэгин ыччатын лиидэрэ Ольга Егорова, Одьулуун нэһилиэгинээҕи “Арассыыйа ийэлэрэ” уопсастыбаннай хамсааһын бэрэссэдээтэлэ Мария Колесова, улуустааҕы ыччат бэлиитикэтин исписэлииһэ Анастасия Спиридонова, Дьокуускайга Чурапчы нэһилиэгиттэн төрүттээх биир дойдулаахтар түмсүүлэрин чилиэннэрэ, психолог идэлээх Наталья Елисеева уонна суруналыыс Татьяна Маркова.
Бу, ыччаттара уопсастыбаҕа туһалаах, үтүө дьон буолан иитиллэн тахсыыларыгар хас биирдиилэрэ сүрэхтэрин сылааһын, тапталларын, кыһамньыларын, өйдөрүн-санааларын анаабыт күндү ийэлэри, эбэлэри, эдьиийдэри-балыстары бүгүн норуодунай артыыстар Екатерина, Алексей Егоровтар, эстрада чаҕылхай сулустара Ника, Лэгэнтэй, Олимпия, Эрчим, Алена Яковлева, Сахацирк эдэр артыыстара, филармония кэлэктиибэ, «Сюрприз», «Тетрис» оҕо үҥкүү ансаамбыллара уо.д.а. иэйиилээхтик эҕэрдэлээтилэр.
Эҕэрдэ кэнсиэри бастыҥ артыыстарбыт Сахая, Александр Бурнашовтар иилээн-саҕалаан, олус истиҥник ыыттылар.
Бырааһынньыгынан, күндү дьүөгэлэр!
Татьяна МАРКОВА.
Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэригэр:
Аан Дойду Дьахталларын күнүгэр аналлаах
өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрээһин дьоро түгэннэрэ.