Бырааһынньык аһымал тэрээһинэ — элбэх оҕолоох ыалга бэлэх

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бэс ыйын 1 күнүгэр Дьокуускай к. Өрүс пордун «Графскай биэрэк» кафетын иһинэн үлэлиир социальнай остолобуойга оҕолорго анаан бырааһынньык тэрийдилэр. 

edersaas.ru

Быйыл 14-с сылбытын Оҕо Аан дойдутааҕы күнүгэр Дьокуускай куорат бары уокуруктарын элбэх оҕолоох ыаллар дьиэ кэргэннэриттэн, бэйэбит шефтэһэр Мохсоҕоллоохтооҕу реабилитациялыыр киинтэн 50 оҕону, Өктөм нэһилиэгэр халааҥҥа түбэспит  ыалтан  15 оҕону ыҥыран, аһымал тэрээһини ыыттыбыт, — диэн кэпсиир «Графскай биэрэк» кафе дириэктэрэ Ирина Гузова.

Оҕолор бу күн остолобуойга кинилэргэ анаан астаммыт аһы минньигэстик аһаан, кэнсиэр көрөн, бэркэ сэргэхсийдилэр.

Араас куонкуруска кыттан, бэйэлэрин талааннарын көрдөрөн — ыллаан-туойан, үҥкүүлээн, хоһоон ааҕан, араас бириис, Махатал сурук ылан үөрдүлэр.

«Фьюжин» парикмахерскай элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ босхо өҥөнөн туһанарга сертификат бэлэхтээн үөртэ.

Онон бу күн оҕо-аймах дуоһуйа оонньоон, ыллаан-туойан, сылга биирдэ буолар бырааһынньыгы олус астынан атаарда.

Маннык аһымал тэрээһиннэр элбэх оҕолоох ыалларга спонсордар босхо көмөлөрүнэн улахан өйөбүл буолаллар. 

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edesaas.ru

Хаартыскаҕа Ирина Гузова түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0