Саҥа дьыл бырааһынньыгын сылы быһа кэтэһэбит. Елка, бэлэх, сампаан, мандарин… Маныаха эбии Ороһуоспа, Эргэ Саҥа дьыл, доҕоттору кытта көрсүһүү уо.д.а. бырааһынньыктар бааллар. Ол курдук, уонча хонуктаах уһун өрөбүллэрбит бүтэллэр, арай, бырааһынньыгы санатан, эбиллибит ыйааһыммыт эрэ хаалар.
Людмила Попова, “Саха сирэ”, https://edersaas.ru/
Үгүс кэрэ аҥардар тохсунньу 1 күнүттэн ыла ырар туһунан толкуйдаабытынан бараллар. Ол эрээри, аппетиттарын кыана туттумматтар эбит. Ол курдук, статистика кэрэһэлииринэн, икки нэдиэлэ устата дьахталлар ортотунан 2-5 киилэ ыйааһын эбэллэр үһү. Маныаха быраастар ырыарар эмтэри, утахтары, түбэһиэх диетаны тутуһартан аккаастаныҥ, уойбуккутунааҕар доруобуйаҕытыгар охсуута хас да бүк улахан буолуон сөп диэн сүбэлииллэр. Ол курдук, диетологтар астан букатын аккаастанан кэбиһэр сыыһа дииллэр. Ордук тымныы кэмҥэ киһиэхэ клетчатка, битэмиин, белок хайаан да наадатын ыйаллар.
Наһаа аһаамаҥ
Бастан туран, сыалаах-арыылаах, туустаах аһылыктан, бурдук астан, минньигэстэн туттунуҥ диэн сүбэлииллэр. Сынньалаҥҥа олорор киһи тугу гыныаҥ баарай, күннээҕи аскын 6 өлүүгэ арааран, итиэннэ биир аһылыкка ытыска эрэ батар аһы сиэ дииллэр. Хойуу үүттээх чэй оннугар, аһыаҥ чаас аҥаара иннинэ ыстакаан аҥаара дьиэтээҕи температуралаах ыраас ууну иһэр ордук. Ол эрээри, олус элбэх ууну иһэртэн эмиэ туттунар наада. Саамай үчүгэй диетанан сыата суох, ууга эбэтэр паарга буспут эт, балык, үрүҥ ас, оҕуруот аһа уонна фрукта буолар дииллэр. Анал үөрэхтээхтэр балартан яблоканы ордороллор эбит.
Яблока диетата
Биир киилэ яблоканы ылан хас даҕаны ууга сууйуллар уонна хахтаабакка эрэ күҥҥэ биэстэ-алтата сииллэр. Эбэтэр туох даҕаны саахара, эбилигэ суох оһоххо уган сымната түһэн ылаллар эбит. Бу диетаны нэдиэлэҕэ иккитэ эрэ тутуһары сүбэлииллэр.
Суорат диетата
Биир күн устата 2 лиитэрэҕэ тиийэ суораты иһиэххэ сөп. Суоракка күөх оту (петрушка, сельдерей, укроп…) эбэтэр сибиэһэй оҕурсу эбиэххэ сөп эбит.
Гречка диетата
Гречканы суораты кытта булкуйан сииллэр. Киэһэ утуйуох иннинэ, 1 ыстакаан гречканы тиэримэскэ кутуллар, үрдүгэр 2-3 ыстакаан оргуйбут итии ууну эбиллэр. Туус эҥин кутуллубат. Сарсыныгар олус минньигэс, битэмииннээх, сымнаабыт гречканы түөрт-биэс өлүүгэ арааран, күн устата сии-сии суорат иһиллэр.
Йогурт диетата
Кэрэ аҥардар үгүстүк туттар диеталара эбит. Маныаха эрдэттэн уонча йогурту ылан хаһаанар ордук. Йогурт саахара суох, сыата 2,5 % эбиллиэ суохтаах диэн ирдииллэр. Күн устата хас чаас ахсын биирдиини, ол эрээри саамай элбээбитэ 10 устууканы, арыйан сии сылдьыллар. Аны икки нэдиэлэттэн ордук харайыллар болдьохтооҕу ылбат ордук үһү. Оччоҕо эрэ битэмииннээх, туһалаах буолар дииллэр.
Хамсаныҥ
Иккиһинэн, ортотунан күҥҥэ 15 мүнүүтэ хамсанар-имсэнэр наадатын ыйаллар. Ханнык баҕарар хамсаныы барсар дииллэр. Манна даҕатан эттэххэ, тохсуннььу 1 күнүн сарсыардатыгар, Дьокуускай куорат сынньалаҥ пааркатыгар скандинавскай хаамыынан дьарыктанар дьон балачча элбэх диэбиттэрэ. Оттон саха биллэр бөҕөһө Айаал Лазарев аҕыйах сыллаахха диэри төрөппүттэрин, бииргэ төрөөбүттэрин кытта бары тутуспутунан, тохсунньу 1 күнүгэр спортивнай саалаҕа баран дьарыктанар үгэстээхт эбит. Онон пааркаттан ыраах олорор эбэтэр тыа сирин дьоно, хас күн ахсын таһырдьа тахсан, чаас курдук көннөрү хаама да түстэхтэринэ туһалаах буоллаҕа.
Ити курдук, интэриэт киэҥ далайыттан араас сүбэни булан туһаныахха сөп. Кылаабынайа сөпкө аһыахха уонна хамсаныахха наада. Чэгиэн буолуоҕуҥ!
Людмила Попова, “Саха сирэ”, https://edersaas.ru/