Бырааһынньыгыттан, үлэ күнүттэн тутулуга суох атыыга сымыыт дэлэй
“Өрөбүлүттэн-бырааһынньыгыттан эбэтэр үлэ күнүттэн тутулуга суох күн аайы атыыга 216000-219600 сымыыты таһаарабыт”, — диир Дьокуускайдааҕы көтөр фабрикатын сымыыты уонна эти оҥорууга салаатын салайааччыта Сардаана Скрябина.
edersaas.ru
Фабрика 6 сыаҕа ньиргиччи үлэлии турар. Олорго 230 тыһ. сымыыттыыр куурусса иитиллэр. Биллэрин курдук, фабрика кууруссата күн ахсын сымыыт биэрдэҕинэ эрэ сатанар, оттон бородууксуйата аҕыйаан, “айах адаҕата” буоллаҕына, дьылҕатын түргэнник быһаараллар. Дьокуускайдааҕы көтөр фабриката сыл устатыгар 60 мөлүйүөн кэриҥэ сымыыты оҥорон таһаарар.
Сардаана Самсоновна этэринэн, дьон Саҥа дьылы көрсөөрү бородуукта атыылаһан астанар уонна уһуннук өрүүр күннэригэр киин куорат олохтоохторо сымыыкка бары тииһинэр кыахтаахтар. Сымыыт Дьокуускай маҕаһыыннарыгар мэлдьи баар. Арай, атыылаһааччы сымыыт ханна оҥоһуллубутун, хантан кэлбитин болҕойон көрүөх кэриҥнээх. Маннааҕы фабрикаттан киирбит сымыыт, биллэн турар, Новосибирскайтан, Иркутскайтан тиэллэн кэлэрдээҕэр сибиэһэй, сыаната удамыр (фабрика бэйэтин маҕаһыыныгар) буолар уонна талан атыылаһыаххын сөп.
Фабрикаҕа сыахтартан түмүллүбүт сымыыт аныгы аппараат көмөтүнэн наарданыллан баран, 30-туу сымыытынан 12 уйаҕа (ячейкаҕа) угуллубута биир хортуон дьааһык буолар. Маннык хааламмыт 600-610 хортуон дьааһыгы күн ахсын фабрика киин куоракка баар 22 маҕаһыыныгар тиксэрэллэр. Ону таһынан атын маҕаһыыннарга сайаапканан тарҕаталлар.
Туһанааччыга сүбэ
Россия стандартынан көтөр фабрикатыгар оҥоһуллубут сымыыт маркировкалаах буолара ирдэниллэр. Маркировкаҕа бастакы бэлиэ сымыыт харайыллар болдьоҕун көрдөрөр. “Д” буукуба диетическэй сымыыты бэлиэтиир уонна 7 күн иһинэн атыыланыахтаах. “С” буукуба остолобуой сымыыкка сыһыаннаах, маннык сымыыт 25 күн устатыгар атыыланыллар. Маныаха сымыыт хаҕын аннынааҕы сарыы бүрүөһүн 1 нэдиэлэ кэнниттэн кэбирээн-алдьанан, микробу иһирдьэ аһарбат айылгытын сүтэрэрин өйдөнүллүөхтээх.
Маркировкаҕа иккис бэлиэ сымыыт ыйааһыныттан көрөн категориятын бэлиэтииргэ туттуллар: (3) үһүс категория 35-тэн 44,9 г, (2) иккис категория 45-тэн 54,9 г, (1) бастакы категория 55-тэн 64,9 г, (О) талыы 65-тэн 74,9 г уонна (В) үрдүкү категория 75 уонна онтон ыарахан ыйааһыннаахтарга.
Сымыыт төһө сибиэһэйин хайдах быһаарыахха сөбүй? Ону билэргэ олус судургу ньыма баар: ыстакааҥҥа тымныы ууну кутан, сымыыты онно уктаххына – кууруссаттан саҥа тахсыбыт сымыыт тута тимирэн, ыстакаан түгэҕэр ойоҕоһунан сытынан кэбиһиэ. Оттон биир нэдиэлэлээх сымыыт уһуктаах өттүнэн аллара түһэн, иҥнэри сытыа. Эргэрбит, буорту буолбут сымыыт ууга дагдайа сылдьыа (ойууга көр).
Василий НИКИФОРОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru