ХАРАҤА ХОС: Бүлүүһэ сүүрдэн, кырдьыгы билбитэ

11.07.2019
Бөлөххө киир:

Таҥха былыр биһиги өбүгэлэрбитигэр олус дириҥ суолталааҕа. Хас балаҕан ахсын кэ­­риэтэ таҥха кэмигэр бүлүүһэ сүүрдүүтэ буолара. Ону таһынан сорох ойбон иһиллиирэ. Сорох сэргэ миинэрэ, эдэр өттө биһилэх, күлүк көрөллөрө. Бу кэпсээни таҥхаҕа сыһыаннаах диэн дьиҥ-чахчы буолбукка олоҕуран, тугу да эппэккэ-көҕүрэппэккэ, хайдах истибиппинэн эһиги дьүүлгүтүгэр таһаарабын. Ким итэҕэйэр итэҕэ­йиэ, итэҕэйбэт итэҕэйиэ суоҕа.

Ааспыт үйэ 60-с сылларыгар буолбут түбэлтэ. Саха киһитэ сааһын эрэ буолбакка, күһүнүн эмиэ кустуур идэлээх. Ол сиэринэн икки атастыылар – Ньукулайдаах Сэмэн бииргэ үлэлиир дьоннорун кытары төрдүө буолан ыраах ­алааска кустуу бараллар. Барбыттара икки-үс хоноотун кытта, бөһүөлэги ыар сурах тилийэ сүүрэн кээһэр. “Ньукулай ууга түһэн өллө, кыайан булбатыбыт”, — диэн төннөн кэлбит дьон кэпсииллэр. Аймалҕан бөҕө буолар. Бокуонньугу көрдүү сатаан баран букатын ыкса күһүн биирдэ, ууга сытан дэлби сытыйбыт киһини булаллар. Хайыахтарай. Бырастыынаҕа суулаан ол үрдүнэн таҥаһын таҥыннаран сири буллараллар.

Ол кэмтэн балачча үгүс хонук ааһар. Көмүс күһүн барахсан көмнөҕүнэн ыһыахтанан, от-мас сэбирдэҕин биир да суох гына итигэстээн ааһа охсор да, кыһын обургу саппай уопсан, саха дьонун кыһалҕанан кыһарыйан бу ааҥнаан кэлэр. Арай Ньукулай кэргэнэ ааспат, арахпат аһыыттан, абаттан-сататтан уоскуйбат. Онуоха эбии түһээн, киһитэ төрүт да тимирбэтэҕин, дьоно өлөрбүттэрин көрөр буолан эрэйдэнэр. Онон таҥха оройун саҕана бүлүүһэ сүүрдэн, Ньукулайын ыҥыран, тугун-ханныгын ыйытан көрөргө быһаарынар. Дьүөгэтэ: “Кэбис, хотуй, өлбүт киһини үс сыла туола илигинэ ыҥырыллыбат,” – диэн буойа сатыыр да ылыммыт санаатын ыһыктыбакка, ыҥырар. Арай бүлүүһэтэ сүүрэр да сүүрэр уонна кустуу сылдьан туох буолбутун барытын кэпсээн биэрэр. Хайдах тиийэн сир аһаппыттарын, хайдах, туохтан сылтаан иирсэн охсуспуттарын, ким быһаҕынан анньыбытын. Хайдах ууга соһон киллэрбиттэрин, атаһын Сэмэни өлөрүөх буолан куттаабыттарын барытын ыраас мууска ууран биэрэр. Дьахтар чочумча ытыы түһэн баран уоскуйан: “Ханна бааргыный? Көрүөхпүн баҕарабын”, — диир. Онуоха: “Аан кэннигэр турабын. Куттаммат буоллаххына, таҕыс,” – диир. Дьахтар дьиксиннэр да көрөр баҕата баһыйан, ааны аргыый аһан көрбүтэ, киһитэ көмүллүбүт таҥаһынан бу кубарыйан турар үһү. “Ити кэпсээбиппин ирдэһэр буоллаххына ирдэс уонна миигин аны ыҥырыма. Антах нус-хас сылдьабын”, — диир.

Сарсыныгар дьахтар Сэмэҥҥэ тиийэн бүлүүһэ сүүрдэн биллим диэбэккэ, биттэнним диэн барытын кэпсээн биэрэр.

Сэмэн суукка үҥсэн, анараа дьон аҕыстыы сылга уонна Сэмэн бэйэтэ өр тута сылдьыбытын иһин алта сылга хаайыыга ууруллаллар. Сэмэн төһө да хаайыыга сыттар: “Алдьархайдаах ыар сүгэһэри илдьэ сылдьыбыппын, билигин дьэ чэпчээтим”, — диирэ үһү.

2003 сыллаах
“Эдэр саас” хаһыаттан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0