Бүлүү бөлөх улуустарыгар сарсын, ыам ыйын 27 күнүгэр, ардах уонна инчэҕэй хаар түһэрэ күүтүллэр. Бу туһунан Дьокуускайдааҕы гидрометеорология уонна тулалыыр эйгэни кэтээн көрөр управление саайта иһитиннэрэр.
«Бүлүү бөлөх улуустарыгар күнүс ардыаҕа, хотугулуу-илиҥ түүн инчэҕэй хаар түһэрэ күүтүллэр«, — диэн иһитиннэриигэ суруйбуттар.
Оттон Дьокуускайга сарсын ардаҕа суох, соҕуруулуу-илиҥтэн сөкүүндэҕэ 5-10 м күүстээх тыаллаах.
Күнүс +27+29°, түүн +13+15 буолуоҕа диэн суруйбуттар.
edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1