Былырыын оҕону иитэ ылыан баҕалаах 120 киһи анал кииҥҥэ үөрэммит

Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэтээҕи киин психологтара этэллэринэн, тулаайахсыйбыт оҕолор саҥа дьиэ кэргэҥҥэ кэлэр үөрүүлээх күннэрэ күүттэриллиэ суохтаах. Кинилэр төһө кыалларынан түргэнник дьиэ кэргэҥҥэ иитиллиэхтээхтэр. Дьиэ кэргэҥҥэ оҕону иитэргэ көмөлөһөр Өрөспүүбүлүкэтээҕи киин пандемия да кэмигэр үлэтэ тохтообото.

edersaas.ru

Бэйэлэрин дьиэ кэргэттэригэр оҕо иитэ ылыан баҕалаах ыаллар ахсааннара аҕыйаабат. Ол курдук, 2021 сылга оҕону иитэ ылыан баҕалаах 120 киһи Кииҥҥэ анал үөрэҕи барбыта.

Быйыл оҕону дьиэҕэ иитэ ылар төрөппүттэр оскуолалара олунньу 5 күнүттэн үлэтин саҕалаата. Манна оҕо ылыан баҕалаах төрөппүттэр тулаайах оҕолор уонна төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолор сайдыыларын, хайдах уратылаахтарын, саҥа дьиэ кэргэҥҥэ сөп түбэсиһиилэрин уонна иитиигэ аналлаах атын да билиини сомсуохтара.

Оҕо иитэ ылыан баҕалаах хас биирдии төрөппүт бу оскуолаҕа суруйтарыан уонна үөрэниэн сөп. Өрөспүүбүлүкэтээҕи киин сайтыгар билсиэххэ сөп  https://yktfamilycenter.ru/ustroystvo-detey/shkola-priemnykh-roditeley

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0