Былыргы дьыллар мындааларыгар ыалдьыттаан ылыаххын баҕараҕын дуо?
14.05.2021
Ем.Ярославскай аатынан түмэлгэ сарсын, ыам ыйын 15 күнүгэр, 15.00 чаастан «Прогулка со служилым. Аудиогид по Якутску XVII-XVIII вв.» ураты аудиогид биһирэмэ буолаары турар.
Онон былыргы дьыллар мындааларыгар, урукку дьыллар улаҕаларыгар ыалдьыттаан ылыаххытын сөп диэн этэллэр. Былыргы куорат устун дьаарбайаргытыгар сырдатыыны А.Пушкин аатынан нуучча драматическай тыйаатырын артыыһа кэпсиирин истиэххит. Бу туһунан СӨ Култуура уонна духуобунай сайдыы министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.
Сэҥээрбиттэр, сэргээбиттэр смартфоҥҥутунан izi.travel анал сыһыарыыга киирэн, аудиогид көмөтүнэн былыргы куорат уулуссаларынан күүлэйдиэххит, XVIII үйэҕэ ыалдьыттыаххыт, оччотооҕу кэм киһитин кэпсээнин, түмэл испиэлииһин быһаарыытын истиэххит. Аудиогид көмөтүнэн уруккуну эргийэн көрөр-билэр кыах түмэл үлэһиттэрин сыраларынан, кыһамньыларынан ситиһилиннэ.
«Дьокуускай XIX-XX үйэлэрдээҕи усуторуйатын куорат аныгы олохтоохторо былыргы тутууларынан, дьиэлэринэн удумаҕалаталлар. Оттон былыргыны билбэттэрин кэриэтэ. Ол иһин, дьоҥҥо-сэргэҕэ интэриэһинэй буоллун диэн, биһиги түмэл эрэ исписэлииһэ кэпсииринэн муҥурдаммакка, аудиогид сорох чааһын театрализованнай оҥордубут. Онон ураты киэбинэн оҥоһулунна диэн этэбит. Истээччи Туймаада былыргы хочотугар, былыргы куорат эйгэтигэр киирэр«, — диэн түмэл үлэһитэ уонна бырайыак ааптара Сергей Слепцов сырдатар.
Бырайыакка А.С.Пушкин аатынан нуучча драматическай тыйаатырын артыыһа Иван Николаевич Мишагин кыттыбыт. Кини XVIII үйэтээҕи куорат олохтооҕо, остуруокка сулууспалаабыт Андрей Новгородов (толкуйдаммыт персонаж) аатыттан кэпсиир. Дьоруой истээччини былыргы уулуссаларынан сырытыннарар, оччотооҕу куорат бэлиэ сирдэринэн күүлэйдииригэр арыаллыыр. Бу кэмҥэ түмэл үлэһитэ кэпсээни ситэрэн-хоторон биэрэр, ол түмүгэр истээччи XVII-XVIII үйэттэн букатын уларыйбыт аныгы үйэ уулуссаларынан мунаарбакка-тэнээрбэккэ сылдьар. Ол уруккуну уонна билиҥҥини өйдүүрүгэр көмөлөөх буолуоҕа диэн быһаараллар.
Аудиогидынын былыргы куорат устун күүлэйдиэн баҕалаахтар izi.trаvel сыһыарыыны хачайданан баран Ем.Ярославскай аатынан түмэл таһыгар кэлэҕит, «Прогулка со служилым. Аудиогид по Якутску XVII-XVIII вв.» холбоноҕут. Былыргы куорат устун 1,5 чаас курдук күүлэйдиэххит. Бу кэм устатыгар түмэлтэн саҕалаан Аппа уҥуоргу өртүгэр тиийиэххит, былыргы куорат устуоруйатын истэн сэргиэххит диэн түмэл кэлэктиибэ иһитиннэрэр.
СӨ Култуура уонна духуобунай сайдыы министиэристибэтэ
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1