Сиэпкэ уктар төлөпүөн баар буолбутун кэнниттэн дьон-аймах олоҕо уларыйбыта, кыаҕа, билиитэ элбээбитэ, туох да саарбаҕа суох. Дьиҥэр, бу тэрили “төлөпүөн” эрэ диэн ааттыыр сыыһа, оҥорор өҥөтө киэҥэ бэрт.
Аан дойду тиһэх сонуннарын тута ааҕыахха сөп, чугастааҕы аһыыр сир ханна баарын сураһыахха сөп, онно тиийэн бу тэрил нөҥүө төлөһүөххэ сөп. Тус бэйэм улаханнык биһирээбитим диэн — ханнык баҕарар билбэт дойдугар тиийэн баран, төрөөбүт сиргэр курдук, “мунуом” диэн куттаммакка, төлөпүөн сирдьитинэн туһанан, хараҕыҥ көрбүт хайысхатын диэки түһүнэн кэбиһиэххэ сөбө. Бу күннэргэ аныгы тэрил ити кыаҕын туһанан, Ярославскай аатынан мусуой үлэһитэ Сергей Слепцов букатын билбэт куораппытынан дьаарбайарга ыҥырда.
Билбэт куораппыт
Ханнык куораты “билбэт куораппыт” диэн ааттаабытым буолуой? Күннэтэ хаамар-сиимэр сирбин, өрөспүүбүлүкэбит киин куоратын, Дьокуускайы. Куорат күннэтэ уларыйа турар, баара-суоҕа 30 сыл анараа өттүгэр кэлэ сылдьыбыт киһи бүгүн ыалдьыттыыра буоллар, бэрт улаханнык мунаарыа эбитэ буолуо. Оттон 300 сыл анараа өттүгэр тиийдэхпитинэ, куораппыт киинин булан ылыахпыт этэ дуо? Саарбах. Ол иһин этэбин – букатын билбэт куораппытынан дьаарбаҥ диэн.
“Прогулка со служилым” диэн аудиогид сирдьит XVII-XVIII үйэлэргэ Дьокуускай турар сиригэр туох-ханна турбутун кэпсиир. Төлөпүөн нөҥүө сирдьити истэ-истэ хааман истэххэ, тулалыыр сиргэ туох турбутун туһунан аудиогид аатыгар ахтыллыбыт “служилай” киһи кэпсээн биэрэр. Ол кэнниттэн устуорук наука өттүнэн эбии быһаарыы биэрэр.
izi.TRAVEL сыһыарыы
Сирдьити izi.TRAVEL диэн сыһыарыыга булуохха сөп. Бу анал сыһыарыыга аан дойду араас куораттарыгар култуураҕа уонна устуоруйаҕа анаммыт экскурсиялар түмүллүбүттэр. Сыһыарыыны бастаан холбоотоххо, үс көрүҥ сирдьити талар меню тахсар. “Айаннаары сылдьабын” диэн сирэйгэ бараары былааннаммыт дойдугун, куораккын талаҕын. “Мин аттыбар” диэн сирэйгэ билигин баар куораккар сыһыаннаах экскурсиялары көрдөрөр. “Дьаарбайа сылдьабын” сирэйгэ Google хаартаҕа турар сиргиттэн чугас баар экскурсиялар бэлиэлэрин көрдөрөр.
Сыһыарыыны бастакыбын арыйан баран, Дьокуускай куоракка бэлиэр 40-ча кэриҥэ сирдиир аудиогид баарын соһуйа көрбүтүм. Сатыы, бэлисипиэтинэн, массыынанан айанныырга анаммыт араас хайысхалаах сирдьиттэр бааллар эбит: мусуойдарынан, бэлиэ сирдэринэн, араас интэриэстээх дьоҥҥо анаммыт.
Айааччыларын туһунан
“Прогулка со служилым” сирдьит сүрүн ааптара Сергей Слепцов — Емельян Ярославскай аатынан Хотугу сир норуоттарын устуоруйатын уонна култууратын судаарыстыбаннай холбоһуктаах мусуойун үлэһитэ. Онон, айбыт үлэтэ, биллэн турар устуоруйаҕа сыһыаннаах буолан тахсыбыт:
— Дьокуускай куорат былыргытын сэҥээрээччилэр үксүн куорат XIX-XX үйэтээҕи устуоруйатын билэллэр. Онуохаҕа ордон хаалбыт тутуулар көмөлөһөллөр. Оттон XVII-XVIII үйэлэртэн харах хатанар билиэлэр хаалбатахтарын кэриэтэ, онон ити кэмнээҕи куораты ойуулаан көрөр уустук. Ол иһин ити кэм туһунан билэргэ көмө буоллун диэн бу сирдьити таҥмыппыт.
Устуоруйа матырыйаалын анал үөрэҕэ суох киһи дөбөҥнүк ылынарын туһугар Пушкин аатынан академическай Нуучча тыйаатырын артыыһа Иван Мишагин үлэлэспит. Кини куолаһынан урукку кэм киһи оруолун толорон сирдээччи буолбут.
— Биллэн турар, ол кэмҥэ туттуллар тылынан саҥарбаппын. Ол дьиҥэр, наадата да суох – истээччи өйдүүрүн курдук судургутутан, “стилизация” эрэ курдук быһыылаан саҥарбытым. “Кэпсиир” киһи Новгород диэкиттэн ыраахтааҕы сулууспатыгар кэлбит. Кини “окайдыыр”, “цокайдыыр” саҥатын нэдиэлэ курдук оҥорон дьарыктаммытым, ол кэннэ бэрт түргэнник икки түһүмэҕинэн «Саха» НКИХ устуудьуйатыгар куоласпын устан кэбиспиппит, — диир Иван Мишагин. Бэйэтэ Вологодскай уобаласка төрөөбүт киһи буолара бу үлэҕэ бэрт туһалаах буолбутун туһунан эбэн этэр.
Бу үлэни Сергей Слепцов үбүлээһинэ суох, аҥаардас бэйэтин баҕатынан оҥорбут. Иван Мишагин эмиэ бырайыагы сэҥээрэн, иллэҥ кэмигэр босхо үлэлэспит.
Тургутан көрүү түмүгүнэн
Аудиогид маршрута мусуой олбуоруттан саҕаланар. “Ондрюшко Иванов сын, по прозванию Новгородов” диэн ааттаммыт XVIII үйэ киһитэ эҕэрдэлээн, Спасскай манастыыртан саҕалаан сирдээн барар. 3,6 км усталаах сатыы маршрутка 9 пуун ыйыллыбыт, олорго хааман тиийдэххинэ, суруллубут куолас холбонон кэлэр уонна кэпсээнин салҕыыр. Суолга баар пууннары аастахха, балл ааҕыллар, оонньуу курдук оҥоһуулаах. Суол улахан аҥаара көнөтүк тутуллубут, Ленин проспегынан ааһар. “Кырдьаҕас куорат” диэки өҕүллүүлээх уонна Доҕордоһуу болуоссатыгар ойдом турар сирдэрдээх. Кырдьык, “куорат устуоруйатын билэбин” дии саныыр киһи даҕаны элбэх саҥаны билиэн сөп эбит. Холобур, Орджоникидзе уонна Ленин болуоссаттарын икки ардыларыгар бэрт элбэх күөллэр сыппыттарын туһунан сонургуу иһиттим. Кустаах, Мельничная, Коврижная диэн күөллэр проспект таһынан сыппыттар эбит, XIX үйэҕэ эрэ көмүллүбүттэр эбит. Бу туһунан 1770 сылга таҥыллыбыт хаартаттан чопчу биллэр.
Маршрут улахан тиэтэлэ суох хаамарга анаммыт, арай кэпсээҥҥэ аралдьыйан урукку “Чароит” диэки туора хаамар сири көтүтэн, биир пууҥҥа таарыйбакка, ааспыппын. Бүтэһик пуун Залог саҕаланыыта түмүктэнэр. Богородскай таҥара дьиэтин таһыгар, оччотооҕу Дьокуускай соҕурууҥҥу уһугар тиийэн сирдьит Ондрюшко быраһаайдаһар уонна эйигин Иркутскай тракт устун бараргар алҕаан баран “төннөр”.
Түмүккэ
Түмүктээн эттэххэ, бэрт көдьүүстээх, киһи болҕомтотун тардар сирдьит оҥоһуллан тахсыбыт. Арыый тэниччи, элбэх соҕус пууннардаах эбитэ буоллар, өссө үчүгэй буолуо этэ. Бу үлэ сүрэхтэниитигэр култуура миниистирин солбуйааччы Владислав Левочкин үлэлэрин салгыылларыгар баҕа санаатын эттэ уонна граннарга көхтөөхтүк кыттан, үбүлээһин көрдөөн, бырайыагы сайыннара туралларыгар сүбэлээтэ. Онуоха сирдьит ааптара Сергей Слепцов бу үлэни салҕыыр баҕа санаалааҕын бигэргэтэн эппитэ. Аныгы технологиялар олох араас өттүлэригэр киирэннэр, дьон олоҕун да чэпчэтэр, билиитин да хаҥатар. Саха сиригэр сонун сир элбэх, олорго барытыгар бу курдук сирдьит баара буоллар, бэрт да буолуо этэ.
Егор Карпов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru