Түҥ былыргы төрүттэрбит суолларын хайан

28.08.2018
Бөлөххө киир:

Саха норуодунай суруйааччыта, Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, дириҥ, талааннаах айымньыларынан чахчы даҕаны саха литературатын тулхадыйбат тулааһына буолбут Николай Алексеевич Лугиновтуун кэпсэтиилэртэн.

“Суруйааччы айар үлэтин үгэнигэр сылдьар”, — диэн, үгэс курдук этэн кэбиһэр, хайдах эрэ, бу сырыыга тутах курдук. Тоҕо диэтэххэ, кини, суруйар дьарыгар олоҕун анаабыт киһи, ыарахан, уустук тиэмэни талан ылан, хайа эрэ өттүнэн, сиэртибэлээх да диэххэ сөп, үлэни күннэтэ толорор. Олус элбэҕи үлэлиир. Ол эрээри, айар үлэ, табыллан таҕыстаҕына, ааҕааччы ылыннаҕына, биллэн турар, суруйааччыга үөрүүнү, дуоһуйууну эмиэ аҕалара буолуо диэн сабаҕалыахха сөп. Ону ким да мэлдьэһэр кыаҕа  суох. Ол курдук, Николай Лугинов бу күннэргэ, сахалыы тыллаах “Чолбон” сурунаал нүөмэрдэригэр ый ахсын “Уларыйыы кэмэ” диэн биэс сэһэнтэн турар саҥа арамаанын бэчээттэтэн, кинини анаан кэтиир, кэтэһэр ааҕааччытыгар күндү бэлэҕи оҥордо. Бу күннэргэ арамаан кинигэ буолан таҕыста.

Улуу хууннар

— Бу айымньы – Улуу хууннар тиэмэлэрин салҕааһын буолар. Уопсай дьоруойдардаах…  Оччотооҕу уларыйыы кэмэ. Кытай судаарыстыбалара бэйэ-­бэйэлэрин кытта сэриилэһэн, биир империя буолар уустук кэмнэрэ. Олох туһунан. Киһи киһиэхэ сыһыана, киһи сиэрэ­-майгыта, өйө­-санаата, хайа да кэмҥэ, ханнык да былааска олох уларыйбат. Сымыйаччы киһи —  сымыйаччы, албын киһи син-­биир албын,  көнө киһи – хаһан баҕарар көнөтүн курдук… Киһи уларыйыа суохтаах. Сымыйаны билэр олус куһаҕан…

Турар. Окой. Баабыр… Дьоруойдарыҥ ааттара сахалыылар…

—  Ити сахалыы буолбатах. Былыргы түүрдүү, ону ааһан хууннуу ааттар. Аймахтарбыт буоллахтара. Биир төрүттээх дьоммут, биир уопсай тыллаахпыт. Оҥоруу буолбатах, дьиҥнээх былыргы ааттар.

— Былыргыны диибит да, мин санаабар, эн олох инникини, ырааҕы көрөн суруйбуккун…

—  Мин бу түҥ былыргы төрүттэрбитин үөрэтиинэн дьарыктаммытым 30-­тан тахса сыл буоллаҕа. Былыргы улуу Кытай историятыгар.., мин манна бэйэбит төрүттэрбит хууннар нөҥүө киирэр буоллаҕым. Оннук эрэ киирэр бырааптаах курдукпун…

Олоҕуҥ дьыалата буоллаҕа… 

—  Ону кимиэхэ да эппэппин, аргыый аҕай оҥоро, суруйа, мэлдьитин үлэлии  сылдьабын. Ол мунньуллан хаалан, ардыгар үүйэ­хаайа тутар. Эрэйдиир. Мэлдьи сүгэһэрдээх, ким эрэ иннигэр иэстээх сылдьар курдугуҥ сыанан аҕаабат.

Оҕо-ыччат сылдьан, суруйааччы буолуом диэн санаа ончу суоҕа диэччигин. Оттон бу үлүгэрдээх дириҥ тиэмэ эйиэхэ хайдах кэлбитэй, матырыйаалларгын аан бастаан хантан булбуккунуй?

— Устудьуоннуу сылдьан суруйар буолтум. Семен Петрович Данилов аан бастаан бэлиэтии көрөн, өйөөбүтэ. Оттон ити тиэмэбэр матырыйаал, көрдүүр, ааҕар киһиэхэ, дьиҥэр,  баар. Аан дойду бөдөҥ учуонайдарын, нуучча, омук историктарын чинчийиилэрэ, өссө ССРС эрдэхтэн, Наукалар академияларыгар уонна архыыптарга омук үөрэхтээхтэрин үлэлэрин тылбаастара да элбэхтэр. Барыта ааҕааччыга аһаҕас, төһө баҕарар үөрэтиэххин сөп. Туокка, барытыгар иҥэн, иһигэр киириэххин наада. Тоҕо диэтэххэ, учуонай да киһи буоллаҕа. Араас суруйуулар бааллар. Ону барытын тэҥнээн көрөн,  чинчийэн, үөрэтэн, түмүк оҥостоҕун…

 Соһуччу соҕус…

Билигин суруйааччыга хайдах кэмий?

— Ким билэр… Чэпчэкитэ суох кэм. Бары сыаннастар, бэрээдэк барыта кэһиллэн хааллаҕа. Аны туран, бу өлө­тиллэ өрө мөхсөн үлэлээбитиҥ төлөбүрэ суоҕа туох үчүгэйдээх буолуой… Холобур, суол оҥорооччу үлэтигэр хамнаһын ылбатаҕар тэҥнээх. Күнү быһа үлэлиигин. Ааҕаҕын, суруйаҕын. Итинник элбэҕи суруйарга, дьону кытта тэҥҥэ көҥүллүк сылдьартан, киһилии олохтон, элбэхтэн  аккаастанаҕын… Арай бииртэн үөрэбин – оҕолорбун, сиэннэрбин, дьиэбин  ханнык да түгэҥҥэ болҕомто таһыгар хаалларбатаҕым. Онон, киһилии иитэн таһаардым.

Үнүрүүн Айсен Николаев култуура үлэһиттэрин кытта көрсүһүүтүгэр, айар сойуустары өйүүрүн туһунан этиитэ, арай, санааны бөҕөргөтүөн сөп.

Оттон Николай  Лугинов, саха суруйааччыта, төрөөбүт тылы үөрэтии, билии туһунан, соһуччу соҕус, бэйэтэ эмиэ туспа көрүүлэрдээх.

— Мин бэйэм оҕолорбун, сиэннэрбин  кытта күннэтэ сахалыы кэпсэтэбин. Сахалыы алтыһабын. Ол гынан баран, сахалыы билбэт, саҥарбат ыччаттары сэмэлии, сүөргүлүү санаабаппын. Тоҕо диэтэххэ, сахалыы билбэттэрин кинилэр атынынан толорон, ситэрэн биэрэр, онон кэлин син-­биир киэҥ өйдөөх-санаалаах, туһаны аҕалар аналлаах дьон буолуохтарын сөп буоллаҕа.  Туохха барытыгар наһаалыыр соччото суох. Төрөөбүт тылларын билэр эрээри, нууччалыы аанньа билбэт ыччат кэскилэ ордук кэрэгэйэ дьиксиннэрэр…

Ити курдук. Биһиги Николай Алексеевиһы 70 сааһын туолбут үбүлүөйүнэн эҕэрдэлээн туран, айар үлэтигэр табыллыыны, сэниэни-күүһү, тус бэйэтигэр чөл туругу, этэҥҥэ буолууну баҕарыаҕыҥ.

Сэмсэ тыл

 

Вадим ДЕМЕНТЬЕВ, Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун сэкирэтээрэ, литератуурунай кириитик:

— Мин ыраах олорор, айар доҕорум Николай Лугинов – чаҕылхай суруйааччы. Чыҥыс Хаан, түҥ былыргы кытайдар тустарынан дьиктилээхэй сэһэннэр ааптардара – аан дойду таһымнаах Арассыыйа суруйааччыларыттан биирдэстэрэ. Маннык киһи элбэҕэ суох. Кини 90-­с сылларга монгольскай империя туһунан историческай тиэмэҕэ ылсыытын үгүстэр соһуйа көрсүбүттэрэ. Оттон Николай дьүккүөрдээхтик, кимиилээхтик  үлэлээн иһэр. Төһөнөн элбэҕи суруйар да, соччонон, сөптөөх суолунан баран иһэрэ көстөр.  Хас биирдии кинигэтэ – дириҥ уонна уйан, бөлүһүөктүү айымньы. Ааҕарга судургута суох. Бу интэриниэт да, шоу-­литература да буолбатах.  Бу – кыһыл көмүс кэриэтэ, үрдүк боруобалаах искусство. Онон мин, аан дойду култууратын айгыраабыт тымырдарыгар бу курдук былыргы­-эдэр хаан киирэриттэн үөрэбин. Ол аата, цивилизация азиаттыы эмискэччи өрө биэриитэ ылбычча буолбатах … бу олус дириҥ, дьоһуннаах уонна дьылҕа­-хаан оҥоруутунан, ханна эрэ тиийэн туран хаалбыт сайдыыбыт харгыстартан тахсар суолларын быһаарар.

ЫСПЫРААПКА

Лугинов Николай Алексеевич

1948 с. атырдьах ыйын 14 күнүгэр Кэбээйи улууһун Тыайа с. төрөөбүтэ. СГУ физико-математическай факультетын, М.Горькай аатынан Литературнай институт Үрдүкү литературнай куурустарын үөрэнэн бүтэрбитэ. Саха норуодунай суруйааччыта, драматург. 1979 сылтан ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ. Бастакы айымньылара 1974 с. “Хотугу сулус” сурунаалга бэчээттэммиттэрэ. Икки сылынан кэпсээннэрин кинигэтэ күн сирин көрбүтэ. Сүрүн айымньылара: “Сэргэлээххэ” (1978), “Нуоралдьыма чараҥар” (1979) сэһэннэр, “Мэндиэмэннэр” арамаан, “Чыҥыс Хаан ыйааҕынан” трилогия-арамаан.  I кинигэтэ 1997 с. тахсыбыта. “Алампа, Алампа…”, “Быраһаай” драмалар. “Таас Тумус”, “Түһүлгэ”, “Үрдүк арыылар”, “Кустук”, о.д.а. 2009 с. “Чыҥыс Хаан ыйааҕынан” кинигэтинэн режиссер А.Борисов “Тайна Чингис Хаана” уус-уран киинэни устубута. Н.А.Лугинов РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ. Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын хос бэрэссэдээтэлэ. “Чыҥыс Хаан ыйааҕынан” арамаанын иһин РФ Суруйааччыларын сойууһун “Арассыыйа Улахан литературнай бириэмийэтин” лауреата. СӨ Духуобунаска академиятын вице-бэрэсидьиэнэ. СӨ Бочуоттаах гражданина. П.А.Ойуунускай аатынан Литературнай мусуой дириэктэрэ.

Татьяна МАРКОВА.
Иван АЛЕКСЕЕВ
хаартыскаҕа түһэриитэ.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0