Былыргы таабырыннаах соҕотох куйах-таҥас Анаабыр мусуойугар баар

30.04.2018
Бөлөххө киир:

Сааскылаахха Анаабыр улууһунааҕы устуоруйа-этнография мусуойугар Саха сиригэр суох экспонат ыйанан турар. Ол – былыргы нуучча буойуна кэтэр куйахтаах тимир таҥаһа.

edersaas.ru

Ыйааһынын тоҕо эрэ суруйбатахтар. Ол оннугар кээмэйдэрин ыйбыттар: уһуна (үрдүгэ) – 66 см, сарына – 82 см, кэтитэ – 40 см. Тимир биһилэхтэри хатыһыннары уган оҥоһуллубут. Маннык куйахтаах таҥас аан маҥнай Ассирияҕа үөдүйбүтэ, онтон Нуучча сиригэр X үйэттэн таҥнар буолбуттара биллэр.

Бу сэдэх булумньу Сааскылаах уонна Үрүҥ Хайа икки ардыттан көстүбүт. Сааскылаах орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ 1965 сыллаахха экспедицияҕа сылдьан, Халанчаҕа Солима үрэх төрдүнээҕи томтор оройугар сытар дьоҕус таас анныттан булбуттар. Бука, нуучча бастакы айанньыттара, атыыһыттара дуу эбэтэр ханнык эрэ бойобуода сэрииһиттэрдээх Лаптевтар муораларынан кэлэн, Анаабыр өрүһүнэн өрө өксөйөн айаннаан тахсан истэхтэринэ, олохтоох биистэр саба түспүт буолуохтарын сөп. Өлбүт буойуну бэйэтин ол томторго кистээбиттэрэ дуу? Өскөтүн көмпүт буоллахтарына, бокуонньук куйах-таҥаһын устан ылан, тоҕо туспа уурбуттара эмиэ бэйэтэ таабырын.

Василий НИКИФОРОВ, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0