Былыкка баттаппыт санаалар

02.02.2017
Бөлөххө киир:

Доҕоттоор, дьылбыт оройо ааһа охсубут эбит. Соторутааҕыта эрэ саҥа дьыллаан сүпсүгүнэһэн эрэр курдук этибит. Чэ, сааһырбыт дьон күн-дьыл элэҥниирин эрэ көрөр буоллахпыт… Халлаан сылыйан, былыт баттаан, биһигинньик барахсаттар орон бөҕө буолаахтаатыбыт, күн тура-тура дабылыанньабытын кытта охсуһан тахсаахтыыбыт.
Дьаҥ өрө туран, оҕолор үс нэдиэлэ дьиэҕэ хаайтардылар. Бии сиэним оҕо дьиэтигэр баппатах сурахтаах. Ханна эрэ барыаҕын, ийэтэ ыыппакка, аҕыс айдаан тахсар үһү. Хата, көмпүүтэр да сылаалаах буолуо ээ, күнү быһа тутан сыттахха, хайа муҥун. Оҕо таһырдьа оонньуохтаах буоллаҕа, ону ыарыыны хабан ылыа диэн, ийэтэ олох таһаарбат үһү, дьэ, накаас!.
Ол да буоллар, көмөлөһүннэрэр аатыран, биирдэ дьиэбэр ыҥыран, саахыматтаатыбыт ээ. Киһим хотторор буолан, бастаан соччо оонньуон баҕарбат этэ. Ону албаһыраммын, хаста да хоттороммун, син хараҕа уоттанна ээ! “Эһээни кыайдым!” диэн киһиргээн, батсаабы бараабыт этэ, хата…
Сиэним интэриниэти хаһар киһи, билэрэ-көрөрө үгүс. Өймөкөөҥҥө бэлисипиэтинэн баран иһэр кытай киһитин туһунан кэпсээн ааста. Көр, ол киһибит кытайдар да тымныыны да тулуйаллар диэн дакаастыыр сыаллаах баран истэҕэ. Ону дакаастаатаҕына, кымырдаҕас курдук кыйма кытайдар, дьэ, биһиги сирбит диэки ымсыырбыт харахтарынан көрөн, салбана-салбана кутуллан кэлэллэрэ эрэбил.
Сонумсахпыт сүрдээх, тиийбит сирин ахсын ытыс үрдүгэр түһэрэ сырыттахпыт. Кытайга тиийдэххэ, харчыгын сүлэн ылаары, атын сирэй-харах буолаллар ини! Чэ, ол эрээри, маннык тыйыс дойдуга олорон, бэйэ-бэйэҕэ көмөлөһүспэтэххэ, ыраатарбыт биллибэт. Киһи аата киһи, омугуттан тутулуга суох… Ол да буоллар, Өймөкөөн 60 кыраадыстаах тымныыта тос мааһын биэрбит эбээт, киһи эрэ буоллар, саллан төннүбүт сурахтаах. Кэһэйдин, һэ-һэ-һэ!
Дьэ, үчүгэй сонуну кэпсээтэххэ, олунньуттан биэнсийэбит аҕыйах мөһөөҕүнэн үрдүүр үһү. Тохсунньуга эмээхсимминээн биэс тыһыынчаны ылан, эбиммиппит. Эбии аата эбии буоллаҕа. Эмээхсиним барахсан, бэргэһэ көрүнүөм диир этэ. Ону мин: ”Саас кэлэн эрдэҕинэ, тугуҥ эмиэ саҥа бэргэһэтэй”, — диэн киирэн биэрэ сыстым ээ. Сии сыста. Ол күнү быһа мөҕүтүннэ. Урукку аньыыларбын барытын аахта, баччаҕа кэлиэххэ саһыл саҕалаабатыҥ диэн хомуруйар. Чэ, ол биһиги этиһиибит-эллэһиибит диэн кэпсээҥҥэ киирдэҕэй, ааһар былыт кэриэтэ буоллаҕа… Мөҕүллэн-мөҕүллэн, кииллийбит оҕонньор сыттаҕым, туох буолуомуй, һэ-һэ. Барахсаным ыалдьыбакка, этэҥҥэ эрэ сырыттын!

+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0