Былдьаһыкка сылдьар Хаттаанай

Ааптар: 
28.06.2017
Бөлөххө киир:

 Үөһээ Бүлүү Тамалакааныттан төрүттээх Михаил Егоров сүүрбэччэ саастааҕыттан тутууга үлэлээбит буолан, Дьокуускайынан, Горнайынан, Ньурбанан уонна Үөһээ Бүлүүнэн, быһа холуйан, 100-тэн тахса олорор дьиэни туппут.

edersaas.ru


Ол эрээри бэйэ дьыалатын тэринэн, урбаан эйгэтигэр үлэлээбитэ төрдүс эрэ сыла. Үлэлиир хайысхата – мас кэрдиитэ уонна дьиэ тутуута. Кини салайар үс биригээдэтигэр түөртүү тутааччылаах.

 Тыа сиригэр билиҥҥи кэмҥэ саамай наадалаах хайысхаҕа таба тайаммыт киһиттэн маһы бэлэмнээһинтэн саҕалаан, дьиэтин сакаасчыкка туттарыыга тиийэ үлэ хаамыытын ыйыталастым. Баҕар, тыа сиригэр биир эмэ тутууга дьоҕурдаах эдэр киһи: “Туохтан саҕалыахха?” – диэн толкуйдуу сылдьара буолуо. Оччотугар Үөһээ Бүлүү олохтооҕо Михаил Егоров сүбэ кэриэтэ кэпсээнэ туһалаарай диэн кини аатыттан суруйабын.

Санаа күүһүнэн кыайыахха

  • Санаабыккын, куттаммакка, ылсан иһиэххэ наада. Олох туга да суох киһи, тутууга дьоҕурдаахпын дии сананар буоллаҕына, кыайыан сөп. Бастакы биир нэдиэлэни таба былаанныахха наада. Бастаан үлэхтэ булун. Хас биирдии үлэ кэнниттэн төлөбүрүн аахсан иһэр гына дуогабардас. Онтон дьиэ квадратнай миэтэрэтин көрөн, төһө маһы кэрдэргин быһаарын. Быстарбыт дэлээнэҕэр мас кэрдэргэ үчүгэйдик билэр дьонноргун кыттыһыннар. Бастаан утаа табаарыстарыҥ иэс да үлэлиэхтэрэ. Биир нэдиэлэнэн маскын кэрдэн киллэрдиҥ да, төлөбүрүн ылааккын кытта, харчы хамнаабытынан барар.

  • Дэлээнэҕин быстарарга уустуктардаах. Онон кэпсэтиини олох эрдэттэн ыытыахха наада. Биһиги тутуу маһын көрдөөн, ойуур бөҕөтүн кэрийэбит. Нэһилиэк таһа барыта “күөх зонаҕа” киирсэр буолан, маспытын 4-5 көстөөх сиртэн кэрдэбит. Мастаах сири буллуҥ да, лесхозка сайаапка түһэрэҕин. Онтон аукцион буолар. Ити кэнниттэн көҥүл билиэтин ылан баран, үлэҕин саҕалыыгын.

  • Ханна да буоларын курдук, суолбут олус куһаҕан. Ол иһин кулун тутар ортотугар, тибии типпитин кэннэ, биир нэдиэлэ устата кэрдибит маспытын тиэйэн бүтэрэбит. Муус устар сүүрбэтиттэн суол алдьанан барар. Дьыл эрдэлиэн сөп, ол иһин кулун тутар ыйга туттумахтаан хаалабыт. Саха киһитэ дьыл түөрт кэмин устата Ийэ Айылҕаттан, күн-дьыл туругуттан тутулуктанар. Ол иһин, эрдэттэн хас хаамыыгын суоттанан иһэр ордук.

  • Маспытын кэрдэн киллэрэн баран, дьиэ тутуутун саҕалыыбыт. Биир биригээдэни пилорамаҕа үлэлэтэбин. Уоннааҕылар тутууга сылдьаллар. Биир дьиэҕэ ортотунан түөрт киһи үлэлиир. 7х8 кв м. иэннээх дьиэ көҥдөйүн биир ый иһигэр туруорабыт. Онтон дьиэбит биир сыл сиргэ олохтоохтук түһэрин кэтэһэбит. Иккис сылыгар тутуубутун салҕыыбыт. Бу маннык тэтимнээх үлэ икки өттүттэн барыстаах. Биһиэхэ киирбит үлэх оннунан хаалар, сакаасчыкка – дьиэ туттарар үбүн мунньунарга болдьох бэриллэр.

  • Билигин тыа сиригэр икки мэндиэмэннээх дьиэлэри туттар буоллулар. Тупсарыы сылыгар дьон ордук көхтөөхтүк ылыста. Сайдыы олуга буоллаҕа. Биллэн турар, икки этээһи дьэндэтэн таһаарыы уустуктардаах. Маһы үөһэ таһаарарга “сэлээгэни ” (сытыары мас) ууран лафеппытын төкүнүтүнэн таһаарабыт.

  • Тутуу сыанатын быһарга, өрөспүүбүлүкэ дьиэни тутааччылара быспыт сыаналарынан сирдэтэбит. Батсаабынан хото туһанабыт. Мин “Саха сирин уустара” уонна “Саха ууһа” бөлөхтөргө баарбын. Ол иһин туһалаах сүбэлэри ылабын да, биэрэбин да.
  • Тутуунан дьарыктанар предпринимателлэргэ туох да өйөбүл көрүллүбэтэ хомолтолоох. Бааһынай хаһаайыстыбаларга оттукка дотация көрүллэр дии. Биһиэхэ ол суох. Онон бэйэбэр бэйэм эрэнэбин.
  • Сэһэргэһээччибэр француз биллэр суруйааччыта Марсель Пруст аатырбыт анкетатыттан блиц-ыйытыылары биэрэн, аралдьытан, сынньатан ыллым.

Тус бэйэҕэр сөбүлүүр хаачыстыбаҥ?

    • Эппит тылбын толоробун. “Туохха барытыгар – хаачыстыба” – олоҕум тосхоло.
  • Эр киһиэхэ уонна дьахтарга сыаналыыр хаачыстыбаҥ?
    • Эр киһи хайаан да сиргэ уонна тутууга сыһыаннаах буолуохтаах. Дьахтар – олоҕун аргыһыгар ханнык да кэмҥэ өрүү өйөбүл буолара ордук.
  • Сөбүлүүр дьарыгыҥ?
    • Булт.
  • Сөбүлүүр сибэккиҥ?
    • Ньургуһун.
  • Тугу ордук абааһы көрөҕүн?
    • Доҕор таҥнарыытын.
  • “Кыахтааҕым буоллар, хайаан да ситиһиэм этэ…” диэн баҕа санааҥ?
    • Тугу санаабытым барыта туолан иһэрэ буоллар!
  • Холобур оҥостор киһиҥ.
  • Таайдарым Дьөгүөрэптэр: Вадим Афанасьевич – Тамалакаан нэһилиэгин баһылыга, Спиридон Афанасьевич – суоппар, Тихон Афанасьевич – тырахтарыыс. Кинилэр холобурдарыгар иитиллибитим. Миигин, аҕата суох улаатан эрэр соҕотох ийэ оҕотун тутааччы, суоппар уонна тырахтарыыс идэлээх гына ииппиттэригэр махталым муҥура суох.

Бэлиэтээн эттэххэ…

Михаил Егоров кэпсэтиибит түмүгэр: “Арба, мин “Хаттаанай” диэн таптал ааттаахпын. “Михаил” диэн диэтэххинэ, үгүс киһи: ”Кимий ол?” – диэхтэрэ. Онон Хаттаанайынан суруйаар”, — диэбитигэр, соһуйан: “Хос ааккыттан өһүргэммэккин дуо?” – диэн ыйыттым. Онуоха киһим: “Хос аат буолбатах – таптал аат. Мин эрэ буолуо дуо, тыа сиригэр киһи үксэ таптал ааттаах ини. Сахалар, төһө да нууччалыы ааттаах буолларбыт, хайаан да сахалыы ааттаах дьоммут…”, — диэн эппитигэр, кырдьык да, оннук дии санаатым. Хаттаанай да буоллун.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0