Былатыан ОЙУУНУСКАЙГА

11.11.2019
Бөлөххө киир:

Бүгүн — Улуу убайбыт  Ойуунускай төрөөбүт күнэ!


Ойуунускай убайыам,

Ойуу-бичик түһэрэн,

Ойуулуу түһэн суруйарбын

Омнуолуу санаама,

Ороһуйа истимэ,

Ойо быһан санааҕар тутума!

От үлэтэ үмүрүйэн,

Отун-маһын бэлиэтээн,

Оллороот-боллороот тоҥоруу кэннэ

Олохтоон кыһыммыт кэлэн,

Оҕуспут икки муоһа, түөрт лабаата

Оннуларын булуута,

Орто дойду

Олбоҕор үөһэттэн анатыылаах

Оҥоһуллан айыллан,

Оройунан түспүтэ үһү улуу киһи

Ойуунускай Былатыан.

Оҥоойуктаах

Оҕо сааһа

Одьунаас бэрдэ буолан,

Ойуоккалыы

Оонньоомохтоон,

Ойон-тэбэн аастар да,

Олох бары ыарын-нүһэрин

Оччотооҕу  сиэринэн

Омурдан  дэлэйдик

Оймоомохтуу амсайан,

Оттомноохтук иннин диэки дьулуспута.

Обуой курдук таҥалайдыы

Оһуор-мандар,

Ойуу-бичик тыллары

Оннуларын буллартаан,

Оҕуруолуу тиһэттээн,

Олом-солом түһэр

Ох тыллары дирбитэ

Олохторун дьүөрэлээн,

Оруобуна холботолоон  айарын-суруйарын

Олус диэн сөҕөллөрө.

Окко түспүт

Оҥоһуута — чааһа

Оноотуттан сиэтэр ыллыгынан

Орох тэбэ,

Олохтоохтук ылсан,

Олус элбэҕи айан-тутан,

Охсуспута саха тылын туһугар.

Олоҥхолоон саханы түмпүтэ,

Остуоруйаны, кэпсээннэри, пэйиэмэни,

Ойуун улуу күүһүн, хоһооннору айан-суруйан,

Олохтообута сэбиэскэй литэрэтиирэни.

Ойбон алларан,

“Оҕото куйуурдуу” туран,

Олуһун да ааттаспыта

Охтон баранар мастаах,

Одурууннаах

Олохтоох

Орто туруу бараан дойду

Ойор күннээх айылҕата барахсаныттан

Оҥойоохтуур айаҕар

Остуол хотойорунан астанарыгар,

Оҕо сааһын баттаһа

Оскуола боруогун атыллыырыгар.

Омуннуу түһэн эттэххэ,

Онтон ылата улаҕаа сылдьыбыт

Оҕонньордоох эмээхсиннээх

Оччут-маччыт саха норуотун

Орто ыалын, дьадаҥытын

Олоҕо тупсан, уот диэкки кэлэн

Омоллоону  саната үөрэхтэнэн-үүнэн,

Ордон, тупсан киирэн барбыта.

Остуолба үүйүүлээх

Олбуор бүтэй дуомнаах

Оҥойор түннүктэрдээх

Ойдом-сойдом саах сыбахтаах

Орто ыал балаҕаныгар

Оһох иннигэр

Остуол аттыгар

Олоппоско

Ох курдук

Оҥостон,

Оллоонноон

Олорон

Олоҥхолуурун, туойарын

Ороҥҥо

Олорооччулар

Олус сэргээн истэллэрэ.

Быһыы-майгы маанылааҕа,

Бэртэн бэрт дэтэн,

Бэлэһигэр силлэтэн,

Бэргэн эрчимэнэ буолан,

Буһан-хатан,

Билии

Бөҕөтүнэ сомсон,

Бииртэн биир үөрэҕи

Баһылаабыта кэбэҕэстик,

Бастаан соҕуруу учууталлаабыта,

Бүтэрбитэ аспирантураны,

Былаас үрдүкү дуоһунастарыгар

Быардыын-сүрэхтиин

Бэринэн туран,

Бүүс бүтүннүүтүн анаан үлэлээбитэ,

Биһирэм тылга учуонай буолбута.

Бүппэт үлэтин, үөрэҕин түбүгүттэн

Быыс-хайаҕас буллаҕына

Быһыллар

Билиэттээх

Биллиилээх Алампа салайбыт

Быыһа арыллар-сабыллар

Бастакы саха тыйаатырыгар

Бас-көс дыраама  оруолларыгар

Бүтүннүү ис-иһиттэн иэйэн,

Бэринэн туран оонньуур

Биллэр-көстөр

Биһирэнэр талааннаах артыыс

Буола үүнэн тахсыбыта.

Бастакы улуу суруйааччыларбыт

Бас-көс Өксөкүлээхпит, Алампабыт, Ньустуруойаппыт

Бичийэн-суруйан хаалларбыт

Биһирэмнээх айымньыларын

Баҕар сүтэн-оһон хаалыахтара диэн,

Баттаһан-тутуу

Былдьаһан

Бигээн-өйөөн, сыа-сым курдук тутан

Бэрээдэктээн, нүөмэрдээн,

Бүргэһинэн тэһэн тигэттээн,

Буолунай махталлаах үлэни

Быһааран, силигин ситэрэн

Буоппустаан архыыпка туттаран,

Бүгүн дуоһуйа ааҕа сылдьарбыт

Барыта кини өҥөтө —

Баараҕай үтүөнү саха норуотугар —

Биллибэт сыаналаах кылааты

Бэлэхтээбитэ хаһан да умнуллубатын!

Бээтинэлээх устуоруйабытын-

Былыргы түҥ Сахабыт  Сирэ

Быата-туһаҕа хантан саҕаланан,

Бастаан хайдах үөскээбитин,

Бас-көс дьоно кимнээҕин,

Бэлиэ күнүн-дьылын

Барытын чуолкайдыыр,

Бэрийэн-чинчийэн

Бэрээдэктиир, үөрэтэр

Баһаам улахан

Баҕатынан салайтаран

Билэргэ-көрөргө дьулуһан

Бөрөбүөттээн,

Бириинчиктээн суруйан

Барытын сааһылыырга сананан

Бастакынан ылсыбыта да

Бүтэрэр ситэрэр

Бириэмэни

Булбатаҕа.

Биэлэйдэри самнара

Бинтиэпкэ тутан,

Баай батталын самнаран,

Былааҕы көтөҕөн,

Былааһы Сэбиэккэ

Биэрэн  туругурдуспута.

Буолунай түбүктээх

Бастакы тэрээһиҥҥэ

Биир дойдулааҕым, сүгүрүйэр киһим

Бараахабы уонна Омуоһаптааҕы кытары

Бэйэбит Аптаныамыйабыт

Бэриллэн

Бэйэбит туспа Өрөспүүбүлүкэ

Буоларбытын

Быһаарар

Баһаам улахан суолталаах үлэҕэ

Буолунай

Боппуруостары

Ботуруйуоттуу

Буһа-хата, сүүрэн-көтөн

Быһаарсан, ситиһэн

Барытыгар

Бокуойа суох үлэлээн-хамнаан

Бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьан

Барытын толору ситиспитэ.

Боотур Ньургуна  дьулуруйарыныы

Билиитин — көрүүтүн, үөрэҕин

Батас курдук өрө тутан

Баһылаан-көһүлээн

Баартыйа үрдүкү дуоһунастарыгар

Былаас тэрийэр-салайар

Бары түбүктээх үлэтигэр

Бэрэссэдээтэлгэ, сэбиэдиссэйгэ, норуот хамыһаарыгар

Бигэргэнэн испитэ.

Бэчээт дьиэтин бастакы тойонунан,

Билии-үөрэх, доруобуйа

Билиҥҥинэн эттэххэ миниистиринэн ананан

Бүттүүн дууһатын ууран,

Бурҕалдьыны кэтэн,

Бэриллибит аналынан

Бэриниилээхтик үлэлээбитэ.

Бастакы саха суруйааччыларын Сойууһун

Бырабылыанньатын салайбыта,

Бүтүн Сойуус иккис, үһүс ыҥырыылаах

Быһаарыылаах сийиэһигэр Саха сирин

Баартыйатын кэмитиэтин аатыттан

Билиэттээх-мандааттаах дэлэгээт

Буолан тылын-өһүн тиэрдибитэ,

Бөрхүөбүнэй Сэбиэт дьокутаата буолан,

Бар дьонун иннигэр үрдүк эппиэтинэһи сүгэн,

Буспута-хаппыта, үлэ үөһүгэр түспүтэ.

Биир эдэркээн киһи холугар

Бэрт элбэх көлөһүн тохтубута,

Бараммыта үгүс сыра-сылба

Барҕара сайдыыга-үүнүүгэ сирдии

Баҕарбыта саха көҥүл, дьоллоох олохтоноругар.

Буурҕалыы ытыллыбыт

Буккуллаҕас

Бутуурдаах кэмнэргэ,

Балкыырдаах долгуннаах

Бадыа-бүдүө

Барыарбыт  сылларга,

Биир өлүүгэ өлө сылдьар

Бастыҥ дьоннорбутун кытары,

Бары салайар үлэҕэ

Баһылаан-көһүлээн ытыктана сылдьан,

Бэйэтин норуотун туһугар

Бэрт элбэҕи ситиһэн сийиэстэн

Буойаһынан айаннаан истэҕинэ,

Бэркиһиигин ээ

Билигин,

Бука “чулуу донуосчут” көмөтүнэн

Буолуо буоллаҕа, арааһа

Бэстилиэттээх

Бэригилдьиспит

Бэдиктэр

Балыырдаах,

Бутумах,

Быһаарыыта суох

Барыгылдьыйбыт дьыалаҕа

“Буруйдааххын” диэн

Батары-өтөрү саҥаран

Биэрбэтэхтэрэ өйдөнөр-төйдөнөр түгэни,

Баайбыттара илиитин-атаҕын,

Бырахпыттара түрмэҕэ,

Биллэр оччотооҕу “норуот өстөөҕө” дьаралыгы

Биһэн-сыбаан кэбиспиттэрэ.

Балыыҥка дьыалаҕа

Баһааҕырдыллан,

Бастыын баран,

Баайсан-сууттаан

Биир муостаҕа туруорбуттара,

Биир муннукка ыкпыттара.

Бүрүүкээбит ыар кэмнэртэн

Бытырыыстаах  да

Быыһыыра  көстүбэтинэн,

Барбах да сырдык

Барыгылдьыйбатын сэрэйэн,

Бэрт

Былдьаһааччылар оччоҕо да

Бэлэстэтэ үөрэллэриттэн

Быа быстарынан

Буут

Биэрэр кыаҕа суоҕунан,

Баһа-атаҕа

Биллибэт

Балыттарыыттан- атаҕастаныыттан

Бөтө бэрдэрбитэ, хараастыбыта,

Бааһырбыта, ытаабыта  нарын дууһата,

Биилээх сытыы өйө мунчаарбыта,

Бөҕүөрбүтэ сүрэҕэ,

Бэриммэтэҕэ

Бөрөтүйбүт

Былааска,

Бураллыбыта эдэркээн олоҕо.

Боробуойа

Бүтүннүүтэ хатаммыт,

Боробулуоха үүйүүлээх сиргэ

Буорайан,

Бохтон олордоҕуна,

Билбэт

Биир үтүө киһитэ,

Бүрүүкээбит кэмтэн чаҕыйбакка,

Бэрэдээчэ-эттээх миин аҕалбытыгар,

Балысханнык  үөрэн-сырдаан,

Бүтүн икки чааһы быһа

Была-элэ тылынан

Баһа сыалаах алгыһын

Бэлэхтээн туойбута, ол киһитэ

Бэрт дьоһуннаахтык, уһуннук, дьоллоохтук

Биһиктэнэр оҕолонон-урууланан, тэнийэн

Байан-тайан олорбута үһү дииллэрэ-

Бу буолар КИНИ тылын улуу күүһэ, аба-хомуһуна.

Былыргы

Баһылыктартан

Биирдэрэ-

Биэрийэ

Биэрбитэ хамаанда:

Бэскилээх  ыйааһын

Биэтэҥнии оонньоон

Баттаммыта  аллараа-

Бириигэбэр ааҕыллаат,

Буулдьанан бохсуллан,

Былаҕайга

Былдьанан,

Байҕалга умса

Быраҕыллыбыта.

Бытыгын

Быһа үктүөр,

Баҕата ханыар дылы олоруохтаах

Биһирэмнээх олоҕо

Булгуруйан тостубута,

Битэ-оҥоһуута ,

Билгэтэ таайан

Биир сүдү талаан

Бүппүтэ,

Бу сиртэн

Букатын

Барбыта улуу суруйааччы,

Быстыбыта

Бөдөҥ салайааччы,

Бас-көс ытык киһи.

Баҕаналаан дуомнаабыт да

Буоллахтарына,

Биллибэт сиргэ

Быыл эмэх

Буола сүппүтэ

Быданнаатаҕа, ырааттаҕа,

Биитэр аһара туттубуттарын

Биир тииһи ордорботохторун,

Бүтүн сирин үлтүрүппүттэрин

Билбэтиннэр диэн кистээн

Буору кытта

Буор гыннахтара…

Биэһуон биэс сыллаахха биирдэ

Борокуратуура

Буруйа суох диэн уурбута.

“Буруотун саптыбыт” диэн

Бэлэстэппиттэрэ буолуо да, хата

Билигин эн кутуҥ-сүрүҥ, эт-хаан ыччатыҥ

Баһаам элбэх,

Байылыаттык олорор,

Бары үлэ-үөрэх дьоно.

Былатыан  убайбыат,

Билигин барыбыт сүрэҕэр

Бааргын ээ, эн өрүүтүн!

Бырамаҥҥа да сырыттаргын

Былыкка олорсон

Билсэн ааһар

Буолуохтааххын норуоккун…

Бокулуон ууран

“Бырастыы гын” – диэн

Былыргылар ааттарыттан

Ботугураан көрдөһө-ааттаһа,

Биллиилээх Сүдү киһибит

Бэлиэ күнүн үбүлүөйүн

Бары саха норуота

Баһыыба, махтал тылы этэ

Балысхан үөрүүгэ куустара

Бэлиэтииибит далааһыннаахтык!

                                                                   Суруйдаана.

27.09.2013 с.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0